Павловскай оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр бэлиэ тэрээһиннэр

Бүгүн Павловскай оскуолатыгар ыраас халлаан анныгар норуоппутугар биир сүдү суолталаах  Саха Судаарыстыбаннаһа төрүттэммитин бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин  буолан ааста. Төрөөбүт төрүт дойдубутун уруйдуур ырыа дьиэрэйдэ, өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран эҕэрдэ тылларын нэһилиэк  баһылыга Николай Гаврильевич Федоров, нэһилиэк  сэбиэтин дьокутаата Прокопий Егорович Макаров, оскуола дириэктэрэ Валерий Валериевич Петров эттилэр.

Бу күн оҕолор араадьыйанан бэлиэ күнү сырдатан кэпсээтилэр, кылаас чаастара, квест оонньуу ыытылынна, Үлэ сылыгар аналлаах хаартысканан, “Мин төрөөбүт дойдум” уруһуй быыстапкалара туруорулунна.

Биһиги медиа киин оҕолоро, үөрэнээччилэртэн уонна учууталлартан төрөөбүт дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит туhунан төһө билэллэрин билгэлиир ыйытыы оҥордубут.

  1. Бу күн биһиги Республикабытыгар туох бэлиэ күнэй?

Петров Валерий Валерьевич: — Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнэ.

Егорова Даша: — Бүгүн биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиибит

 

  1. Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ кимий?

Валерий Валерьевич: — Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев, ытык киһибит.  Кини өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар олус улахан оруоллаах.

Габышев Слава: -Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев буолар.

 

  1. Саха сирин былааҕарын баар күн ойуута тугу бэлиэтиирий?

Габышев Слава: -Саха норуотун инникитин уонна норуот ырааһын, кэрэтин бэлиэтиир.

Дмитрий Юрьевич: — Саха былааҕар баар күн сырдыгы, сылааһы уонна санаабыт ырааһын бэлиэтиир.

  1. Суверенитет диэн тугуй?

Валерий Валерьевич: — Суверенитет өрөспүүбүлүкэҥ иһинэн үлэни-хамнаһы бэйэҥ салайан ыытарга көмөлөһөр, улахан төһүү күүс буолар.

Дмитрий Юрьевич: — Суверенитет диэн нууччалыы эттэххэ «независимость».

 

Оллонова Нарыяна, Матросова Уля,

В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ