Павловскай орто оскуолатыгар көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ

В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ бэрт интэриэһинэйдик үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста.

Оскуоланы 1972, 1973,  1974  сылга бүтэрбит выпускниктар 1973 сылга бүтэрбит оскуола выпускниктарын 50 сыллаах үбүлүөйдэрин үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн күндү ыалдьыт буоллулар. Тэрээһин хаамыытынан үөлээннээхтэр мустаннар Ой Бэскэ Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар баран охтубут буойуттар куттарын төнүннэриигэ анаммыт бэс маһы олордуу акциятын вымпелын туттарсыбыттара, аахсыйа маһын олордуу суолтатын кэпсээннэр кэлэр кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолла.

Выпускниктар кэрэ саас кэрэ кэмнэрин, дьикти саас сырдык иэйиилэрин эргитэн, ааспыты ахтан-санаан аастылар, бүгүҥҥү күммүт алгыһынан инники кэскилбитин тустээтилэр. Ытык мааны дьоммутугар оскуолабыт дириэктэрэ Валерий Валерьевич Петров эҕэрдэтин этэн, оскуола бүгүҥҥү күнүн кэпсээтэ. Оскуолабыт 7 а кылааһын үөрэнээччилэрэ мустубут выпускниктар ахтыыларын, үүнэр көлүөнэҕэ кэс тылларын сэргии иһиттилэр.

1973 сылга бүтэрбит кылаас лидера Замира Васильевна тыл этэн, оҕолору эппиэтинэстээх, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах буоларга ыҥыран, оҕолору кытта бэрт сэргэхтик кэпсэтэн интэриэһи тарта. Салгыы оҕолор интэриэһиргээбит ыйытыыларыгар ыалдьыттар урукку — билиҥҥи кэм уратыларын, хайдах үлэлээн-хамсаан үөрэммиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Выпуск кылааһын салайааччыта Бурнашова Валентина Васильевна эҕэрдэ тылын этэн, баҕа санаатын тириэртэ, үөрэппит кылааһын туһунан иһирэхтик аҕынна.

Мустубут ыалдьыттар оскуола бибилэтиэкэтигэр араас сахалыы тылынан интэриэһинэй кинигэлэри, шефтэһэр 7 а кылаас үөрэнээччилэригэр 15.000 сууммаҕа сэртипикээти бэлэх ууннулар.

Түмүктээн эттэххэ, көлүөнэлэр ситимнэрэ оскуола оҕолоругар дириҥ  өйдөбүлү иҥэрэн олус туһалаахтык, кэрэхсэбиллээхтик буолан ааста. Күндү дьоммутугар баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин, чэгиэн-чэбдик кытаанах доруобуйаны баҕарабыт.

В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 7 а кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, кылаас салайааччыта Иванова С.П.