Оту охсууга биэс төгүллээх чөмпүйүөн Далбар Хотун

Саха киһитэ сайын окко үлэлээтэҕинэ, охсуллубут от сытын түөһүн муҥунан эҕирийдэҕинэ эрэ астынар, дуоһуйар. Силигин ситэрэн, ходуһа устун хааман иһэн:» Оо, үчүгэйиэн охсуллубут от сыта!» — диэн киҥинэйэн ыллыыр.
Билигин, үйэ сайдан, илиинэн оттооһун олох аҕыйаата, дьон үксэ тиэхиникэнэн оттуур буолла. Хотуур, кыраабыл тутар түгэн дэҥҥэ көстөр. Кыдамалааһын, түстээһин диэн тыллар умнуллан эрэллэр. Тоҕо диэтэргит, оту кэбиспэт, бириэстиир буоллулар.
Өбүгэбит үтүө үгэһэ — күүлэй Мэҥэ Хаҥаласка 2016 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. Онтон ыла, хамсык кэмигэр тохтуу сылдьыбытын аахсыбатахха, сылын аайы ыытыллар. Маныаха саастарынан арааран, кыргыттарга уолаттарга, дьахталларга, эр дьоҥҥо өлүү сир биэрэн бириэмэҕэ оҕустараллар. Дьэ бу күүлэйгэ хотуурдаах хорсуттар илин- кэлин түсүһэллэр, күрэс былдьаһаллар!
Мин кэпсиир киһим Октябрина Яковлевна Шарина Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллар күүлэйгэ быйыл алтыс төгүлүн кытынна. Аан бастаан 2016 сыллаахха Чоххох алааска 50-тан үөһээ саастаахтарга кыттыбыта.
Онно кытта сылдьан көрдөҕүнэ, күүлэйгэ кыттааччылар хотуур сытыылыыр киһилээх буолар эбиттэр.Октябрина хотуурун бэйэтэ сытыылана — сытыылана охсон, бэһис миэстэ буолбут.
Дьэ ол кэнниттэн интэриэс үөскээн, 2017, 2018, 2019 2020, 2023 сс. кыттан субуруччу бастаабыт.
От охсуутугар 5 төгүллээх чөмпүйүөн балтыбын, аҕыйах хонуктааҕыта көрсөн сэһэргэстим.
Октябрина Яковлевна аҕыйах тылынан бу курдук кэпсээтэ:» Хотууру аан маҥнай оҕо сылдьан туппутум.
Ийэм Татьяна Егоровна үөрэппитэ. Оттон ийэм эбээбиттэн Варламова Варвара Николаевнаттан үөрэммит.
Күүлэйгэ от охсор сүрдээх ыарахан эбит! 3 — 4 чааһы биэрэллэр. Дьэ онно сороҕор сылайан, бырдыҥ быстан, олорон — сытан ыла — ыла охсоҕун. Саамай ыарахана — сытан хаалбыт бэттиэмэни охсор. Хотууруҥ сыппаан, сэниэҥ эстэн хаалар. Кэннигиттэн хотуур сытыылыыр киһиҥ батыһан иһэр. Онон эрэх — турах сананаҕын. Быйылгы күүлэй Хорообут сиригэр буолла. Наһаа куйаас күн буолан, бары даҕаны охсооччулар сылайар диэн тугун биллибит.
Түгэнинэн туһанан хотуурбун сытыылаабыт дьоммор Анатолий Охлопковка, Иван Аргуновка, Роман Романовка, Иннокентий Степановна махталбын тиэрдэбин.»
Октябрина эбээтэ Варламова Варвара Николаевна — биһиги, Варламовтар, ийэбит. Кини сэрии кэмигэр дьоруойдуу үлэлээбит саха Өкүлүүннэриттэн биирдэстэрэ этэ. Ходуһаҕа киирдэҕинэ, хотуурдаах хорсуна,
мунньааччы бастыҥа, туруу үлэһит , тыыл бэтэрээнэ этэ.
Билигин сиэнэ Шарина О.Я., кини туйаҕын хатаран, күүлэй кыайыылааҕа буола сылдьар. Октябрина быйылгы күүлэйгэ, бэйэтэ эрэ буолбакка, убайын Владимир Шарин кыыһын Светлана Иванованы кытыннарда. Светлана эдэрдэргэ үһүс миэстэни ылла.
Ааспыт күүлэйдэргэ балтыларым Галина, Матрена Петровналар / биирэ Мэлдьэхси аатыттан, иккиһэ Хочоттон/ кыттаннар, миэстэлэһэн тураллар. Онон ийэбит Балбаара кыргыттара , сиэнэ, хос сиэнэ хотууру ыллата сылдьалларыттан үөрэбит, киэн туттабыт!
Бу дьоҕус суруйуум дьоруойа Октябрина Шарина — Мэлдьэхси нэһилиэгин биир барыга көхтөөх Далбар хотуна. Кини спортсменка, үҥкүүһүт, хомусчут, уопсастыбанньык, 2 оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.
О.Я. Шарина инники өттүгэр өссө да күүлэйгэ кыттан, ходуһаҕа хотууру ыллатыан баҕарабын.

Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.