Липецкэй уобалас Елец куоратыгар И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй дириэктэрэ Татьяна Спартаковна Попова педагогическай наука хандьыдаатыгар учуонай истиэпэнин диссертациятын балаҕан ыйын 17 күнүгэр ситиһиилээхтик көмүскээтэ.
Кини 1991 сыллаахха РФМШ-ы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран СГУ физмат факультетын математика салаатын бүтэрэн 1997 с. Майа гимназиятыгар математика учууталынан үлэтин саҕалаабыта. 2015‒2016 сс. Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар учууталлаабыта. 2016‒2017 сc. үөрэх управлениетыгар уопсай үөрэхтээһин отделыгар начаалынньыгынан үлэлээбитэ. 2017 сылтан Майатааҕы лиссиэй дириэктэринэн уонна математика учууталынан үлэлиир.
Татьяна Спартаковна диссертациятын тиэмэтэ “Методика углубленного обучения математике на основе преемственности самостоятельной деятельности обучающихся основной школы в процессе обобщения знаний”. Ити тиэмэ ис хоһоонун сахалыы быһаардахха “Математикаҕа дириҥэтэн үөрэтиигэ сүрүн сүһүөх оскуола оҕолорун бэйэлэрэ үлэлии үөрэнэр дьоҕурдарын сайыннарар үлэ методиката саҥаны киллэриигэ информационнай эйгэ потенциалларын түһаныы, дириҥэтэн үөрэтии матырыйаалларын иерархиятын сааһылааһын” диэн буолар эбит. Диссертация научнай салайааччыта Евгений Смирнов ‒ педагогическай наука дуоктара, профессор, Ярославскайдааҕы К.Д.Ушинскай аатынан педагогическай университет математикаҕа уонна физикаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ.
Официальнай оппоненнара Ирина Малова, педагогическай наука дуоктара, профессор И.Г.Петровскай аатынан Брянскайдааҕы судаарыстыбаннай университет уонна Мария Артюхина, педагогическай наука дуоктара, Арзамастааҕы национальнай чинчийэр Н.И.Лабачевскай аатынан Нижегородскай судаарыстыбаннай университет кафедратын математикаҕа, физикаҕа уонна информатикаҕа доцена. Диссертациятын үлэтин Ярославскайдааҕы К.Д.Ушинскай аатынан педагогическай университет иһинэн оҥорбут.
Татьяна Спартаковнаттан диссертациятын суруйуутугар хайдах үлэлээбитин ыйыталастыбыт: “2014‒2015 сс. диссертацияҕа үлэбин саҕалаабытым. Диссертацияҕа үлэлииргэ уустуктар элбэхтэр: үгүс бириэмэни теоретическай матырыйааллары ааҕыыга, булан үөрэтиигэ, баар уопуту научнай тылынан суруйуу ылар. Онно бириэмэни үлэҕин кытта сөптөөхтүк аттардахха кыаллар боппуруос. Үлэлии сылдьар учуутал, оскуола салайааччыта бэйэтин үлэтин ис хоһоонугар сөп түбэһэр боппуруоска үлэ суруйар кыахтаах. Маннык дьарык тэҥнээн көрөргө, боппуруоһу дириҥник уонна киэҥник ырытарга, анааран быһаара үөрэнэргэ, аналитическай, рефлексивнай, стратегическай толкуйу сайыннарарга улахан суолталаах. ХИФУ математика уонна информатика институтун математика методикатын үөрэтии кафедратын сүбэ-ама биэриитэ уонна биллэн турар бииргэ үлэлиир кэлэктиибим, үлэлиир эйгэм, дьиэ кэргэним улахан көмө буоллулар. Билигин дойдуга технологическай үөрэхтээһин биир сүрүн сыал-сорук буолан турар. Онно математиканы дириҥэтэн үөрэтии олус наадалаах. Манна чиҥ мотивациялаах, интэриэстээх оҕолор үөрэнэр кыахтаахтар. Онон ити проблемаҕа болҕомто ууран үлэлээтэххэ сыалы ситиһиэххэ сөп. Онуоха ити боппуруоска болҕомто ууран үлэлээтэххэ сыалы ситиһиэххэ сөп. Билигин элбэх методическай матырыйаал, информация араас доступка баар. Улууска улахан уоппуттаах, методическай үлэни баһылаабыт коллегалар элбэхтэр. Онон профессиональнай таһымын үрдэтиэн баҕалаах эдэр кэллиэгэлэрэ бу боппуруоска системалаахтык үлэлэһэргэ кыахтар бааллар. Мин диссертациям сүрүн балаһыанньалара ханнык баҕарар оскуолаҕа уонна предметкэ барсыан сөп”.
Т.С.Попова диссертациятын туһунан учуонайдар санааларыттан билиһиннэрэбин. М.В.Шабанова, педагогическай наука дуоктора, профессор “…Т.С.Попова чинчийиилэрэ практическай уонна теоретическай өрүттэринэн бүгүҥҥү күҥҥэ олус актуальнайдар. Боппуруоһу быһаарар экспериментальнай чинчийиилэрэ сөптөөх түмүктээһиннэргэ кэлбиттэрэ көстөр. Үөрэнээччи сүрүн оскуолаҕа математическай билиини, уопуту ылан бэйэлэрэ үлэлии үөрэниилэрин маннык түһүмэхтэргэ араарар: первичное обобщение; понятийное обобщение; межпонятийное обобщение; итоговое обобщение…”
С.В.Митрохина, педагогическай наука дуоктара, доцент, чинчийии практическай өртүнэн суолтата практико-ориентированнай уонна математико-информационнай учебнай-методическай комплекстары 8‒9 кылаастарга дириҥэтэн үөрэтиигэ уонна түмүктүүр государственнай аттестацияҕа киллэрэр туһалаах буолуон этэр. Диссертацияҕа чинчийии теоретическай уонна практическай түмүктэрэ оскуолаҕа уонна үрдүк үөрэххэ үөрэтэр бырагыраамаҕа математика учууталларын бэлэмнииргэ киллэриэххэ сөбүн этэр. Экспериментальнай бэрибиэркэнэн теоретическай түмүктээһиннэрэ грамотнайдарын, теоретическай уонна практическай суолталааҕын, наукаҕа саҥаны киллэрии буоларын бэлиэтээбит.
Н.В.Уварина, педагогическай наука доктора, профессор: “Чинчийии түмүктэрэ практикаҕа туттууга – математиканы дириҥэтэн үөрэтиигэ чинчийии уонна эксперимент кэмигэр оскуолаҕа оҕолору үөрэтиигэ толору бигэргэтиллибит. Т.С.Попова ситимнээх чинчийиилэрэ теория уонна практика өртүлэринэн улахан суолталаахтар”.
Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев ааспыт үйэ бүтүүтэ “100 аспирантов” диэн саҕалааһыны тэрийбитэ. Итиннэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан, оскуолаларыттан элбэх киһи ити программаҕа киирсэн наука кандидаттара буолбуттара. Биһиги улуустан эмиэ хас да киһи диссертация суруйбуттара. Билигин сорохтор оҕо иитиитигэр-үөрэтиитигэр, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үлэлии сылдьаллар, Наука докторыгар тиийэ үүммүт учуонайдар бааллар.
Биһиги улууспутуттан Саха АССР үтүөлээх учуутала, Бүтэйдээх орто оскуолатыгар өр сылларга завуһунан үлэлээбит, Төхтүр орто оскуолатыгар дириэктэрдээбит Михаил Васильевич Шергин биир бастакынан педагогическай наука хандьыдаатын учуонай истиэпэнин ылар чиэстэммитэ. Онон оскуола салайааччылара – дириэктэрдэр, завучтар, иитии үлэтигэр дириэктэри солбуйааччылар М.В.Шергин, Т.С.Попова саҕалаабыт холубурдарын батыһыахтарын сөп этэ. Науканы үлэҕэ киллэрии, чинчийиилэри ыытыы бэйэ профессиональнай таһымын үрдэтиигэ улахан туһалааҕа биллэр. Сорох оскуола дириэктэрдэрэ уруок ыыппаттара соччо сөбө суох.
Татьяна Спартаковна итиннэ санаата: ”Дириэктэр чаастаах буолара туһалаах дии саныыбын. Үөрэх хаамыытын, учуутал, оҕо сыһыанын, уопсайынан ис эйгэни тэрийиигэ улахан көмөлөөх”. Билигин улуустарга математика учууталлара тиийбэттэр. Ити проблеманы хайтах быһаарыахха сөбүй диэн ыйытыыга математика учууталын быһыытынан Татьяна Спартаковна: ”Оскуолаларга профориентационнай үлэ ситимнээхтик барыан наада. Билигин элбэх педагогическай кылаастар аһыллан эрэллэр, профориентационнай бырагырамаалар киирэллэр. Олор көмө буолуохтарын сөп”, ‒ диир.
Татьяна Спартаковна диссертацията Үрдүкү аттестационнай хамыыһыйаҕа (ВАК) бигэргэниэҕэ.
Афанасий Илларионов.