Оройуон дьаһалтата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүстэ

Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр Майаҕа улуус дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүүлэрэ буолла.

Манна улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, баһылыгы имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, улуустааҕы социальнай бэлиитикэ исписэлииһэ Светлана Маркова, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан байыаннай комиссариатын старшай көмөлөһөөччүтэ Леонид Семенов, ЕДДС салайааччыта Афанасий Максимов, улуус социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын салайааччы Иван Шестаков, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлиир координатор Елена Аммосова, үөрэх управлениетыттан Николай Тарасов, улуус Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Зиновий Игнатьев, улуустааҕы поликлиника сэбиэдиссэйэ Тамара Федорова о.д.а. итиэннэ улуус нэһилиэктэриттэн 60 киһи, ол иһигэр 1 баҕа өттүнэн, 1 хантараагынан сулууспалаабыт дьон кыттыыны ыллылар. Бу күн кыттыылаахтарыгар анаан Зиновий Игнатьев алгыс сиэрин-туомун ыытта.

Сэминээри Дмитрий Иванович арыйан тэрээһин кыттыылаахтарын билиһиннэрэн туран аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырда. Манна санатар буоллахха, улуустан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар быстах хомуур саҕаланыаҕыттан уопсайа 4 төгүл гуманитарнай көмө барбыта. ЕДДС салайааччыта Афанасий Максимов ити туһунан сырдатта.  Уоппуска хонугун уһаттарарга туруорсарга, бааһырыы ылан кэлбит байыас уоппускатын төһө өр уһаталларын, бааһырбыкка туох көмө баарын, сүнньүнэн, үөрэх уонна социальнай хайысхалаах ыйытыктар киирбиттэригэр исписэлиистэр толору быһааран биэрдилэр. Улуус баһылыга Дмитрий Иванович киирбит ыйытыктарга хоруйдаан дьиэ-уот, сир боппуруоһугар туһааннаах уорганнары кытта үлэ барарын ыйда.

Чүүйэттэн сылдьар хантарааҕынан сулууспалаабыт Гаврил Васильевтан бүгүҥҥү тэрээһин туһунан  санаатын үллэстэригэр көрдөстүм, онуоха кини: «Былырыын баччаҕа, о.э. 2022 с. балаҕан ыйын 21 күнүгэр быстах хомуур саҕаламмытынан сибээстээн,  бүгүн улууспут баһылыга Дмитрий Иванович уонна  дьаһалта үчүгэй тэрээһини ыытта. Бу сэминээргэ уолаттарбыт төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ туһааннаах исписэлиистэртэн мунаарар боппуруостарын чопчуластылар. Кинилэр киирбит ыйытыыларга барытыгар толору хоруйдары ыллылар. Мин санаабар, баһылык уонна олохтоох дьаһалта маннык тэрээһиннэри ыытара, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта сибээскэ сылдьаллара, наадалаах боппуруостарыгар эппиэттииллэрэ үчүгэй уонна куруутун ыйытыктаах дьоҥҥо маннык ааннара аһаҕас буоларыгар баҕарабын”, ‒ диэтэ. Сэминээр кыттыылаахтара көхтөөхтүк кыттан долгутар ыйытыктарын биэрдилэр. Киирбит этиилэргэ, ыйытыыларга олоҕуран тэрээһин кыттыылаахтарын аатыттан Ил Дархан аатыгар сурук суруйарга кэпсэтэн тарҕастылар.

Марелла Баишева.