Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыатыгар билиҥҥи туругунан уот туруута суох. Былырыын баччаларга 1 ойуур баһаара бэлиэтэммит. Ойуур баһаара тахсыбатын туһугар туох үлэ ыытылларын, хайдах бэлэмнээх олорорбутун билсэ «Мэҥэ Хаҥаластааҕы лесничество» тэрилтэ салайааччытын Алексей Тимофеевы кытта көрсөн кэпсэттибит.
‒ Быйыл биһиги тэрилтэ былааннаммыт үлэбитин ыыта олоробут. Ол курдук, күннэтэ эриэйдэлэр, патруллар сылдьыылара чопчуламмыт хайысхаларынан улуус нэһилиэктэрин кыраныыссаларынан ойуур пуондатыгар ыытыллаллар. Сүрүн сыалбыт — ойуурга сылдьар дьон аһаҕас уоту туттууларын хонтуруоллааһын уонна көҥүлэ суох мас кэрдиини бопсуу. Билигин кураан турда, ойуур баһаара үксүн маннык кэмҥэ тахсар, онон нэһилиэнньэҕэ, баһаары харгыстыыр сыалтан, өйдөтөр, сэрэтэр үлэни ыытабыт. Биһиги улууспутугар инники өттүгэр ойуур баһаара дьон дьалаҕайыттан тахсыбатын туһугар оҕолортон, эдэр дьонтон саҕалаан бары тыабытыгар болҕомтолоохтук, харыстабыллаахтык сыһыаннаһарбыт ирдэнэр, — диэтэ Алексей Петрович.
Кини этэринэн, быйыл сааскыттан куосмастан мониториҥҥа биир саҥа миэрэ киирбит ‒ ханна эмэ термотуочка бэлиэтэннэ даҕаны, ол баһаар быһыытынан ааҕыллар буолбут. Биһиги улууспутугар бу саас ходуһалары өртөөһүннэр түмүктэригэр, 7 термуоточка бэлиэтэнэн ландшафт баһаарын быһыытынан бэлиэтэммит. Билигин кус, анды кэмэ түмүктэнэн, тыаҕа мас бэлэмнээччилэртэн, кэрдээччилэртэн ураты дьон сылдьыыта лаппа аҕыйаабыт, ол эрэн, сайын кэлэн, сынньалаҥ бэрээдэгинэн дьон-сэргэ айылҕаҕа син биир тахсар.
Ойуур баһаарын ыыппыт, эбэтэр онно кыттыгастаах киһи улахан эппиэтинэскэ тардыллара күүтүллэр. Буруйдаах киһи билиннэҕинэ, төһө мас өлбүтүнэн, хоромньу тахсыбытынан, баһаары умулларыы ороскуотун сүктэрэллэр. Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаламмытын кэнниттэн, улууспутугар быраабыланы кэһэн 24 киһи административнай эппиэтинэскэ тардыллан сэрэтии ылбыттар уонна күһүҥҥээҥҥэ диэри туһаммыт дэлээнэлэрин ситэри хомуйан, ыраастаан, чөлүгэр түһэрэн туттаралларыгар ирдэбил бэриллибит.
‒ Билигин сайылыкка тахсыы, от үлэтэ үксүөҕэ, онон ходуһалаах дьон уоттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһан, ходуһаҕытын ойууртан 10 миэтэрэ эргиччи ыраастыыргыт, хараардаргыт булгуччулаах. Ойуур баһаара киһи дьалаҕайыттан тахсыбатын туһугар бары сыыһа-халты туттубакка сэрэхтээхтик, тэрээһиннээхтик, бэрээдэктээхтих сылдьыаҕыҥ! ‒ диэн Алексей Тимофеев ыҥырар.
Майя ДМИТРИЕВА.