«Оҕо сатабыла» Илин эҥэрдээҕи чөмпүйэнээт

Ахсынньы 8 күнүгэр «Сатабыл» Тааттатааҕы оҕо айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн илин эҥэрдээҕи «Оҕо сатабыла»диэн чөмпүйэнээт ыытылынна. Тэрийээччилэр: Арктикатааҕы култуура уонна искусство института, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юные Якутяне» ресурснай киин. Чөмпүйэнээт сүрүн сыалынан: сатабыл ис тыыныгар оҕону төрүт дьарык уонна аныгы кэм сатабылларын көмөтүнэн такайыы, дьиэ кэргэҥҥэ биир хааннаах уруулуу көлүөнэ тыынын бөҕөргөтүү, сахалыы өркөн өйдөөх, ийэ тылынан дойдумсах майгыга уһуйуу буолла. Манна Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тааттаттан хамаандалар 7 хайысханан күрэхтэстилэр. Биһиги, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 9 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ Трифонов Айсен, Павлов Алексей «Өркө өйү эрчийии-сахалыы оонньуулары оҥоруу» хайысхаҕа кыттыннылар. Алексей дьиэ кэргэнин кытта толкуйдаан таһаарбыт- Майа сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 120 сылыгар анаммыт «Бул.Тал. Кыай» интеллектуальнай оонньуутун билиһиннэрдэ. Уолаттар дьүүллүүр сүбэ иннигэр оонньууларын кэпсээтилэр, оонньоон көрдөрдүлэр. Оонньууну олус сэҥээрдилэр. Түмүккэ 🥉 бочуоттаах миэстэни ылары ситистилэр👏👏👏
Маны сэргэ, «Өркөн өй» диэн викторинаҕа биһиги оҕолорбут бастыҥ билиилэрин көрдөрөн кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар🏆