Ахсынньы 18 күнүгэр оҕо литературатыгар меценат Руслан Федотов олохтообут бириэмийэтин туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Кини бу бастакы бириэмийэ кыайыылааҕар 500 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти туттарда.
Аҕыс ый анараа өттүгэр, «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров уонна урбаанньыт Руслан Федотов буолан, оҕо литературатыгар бириэмийэ олохтуур туһунан кэпсэппиттэрэ, сөбүлэспиттэрэ. Бу сайын куонкурус биллэрбиттэригэр, ханна да бэчээттэнэ илик сүүрбэччэ айымньы киирбит.
Саха литературатын устуоруйатыгар бу маннык түгэн аан бастаан буоларын мустубут дьон бэлиэтээтилэр. Чахчыта, бу биир күннээх, күлүм дуйдаах үлэ буолбатах, халбас харата аныгы кэмҥэ ырааҕы өтө көрөн, саха тылын харыстыырга, сахалыы саҥаны умнан эрэр оҕо сэргээн ааҕар саҥа айымньыларын үөскэтэргэ биир хардыы буолар. Биһиги оҕолорбутун арҕааҥҥы «кумирдар» иитиэ суохтаахтар, бэйэбитигэр да оҕо кэрэхсиир суруйааччыларын иитэн таһаарыах тустаахпыт.
— Бүгүн сүрдээх үөрүүлээх күн. Оҕо литературата кэнники сылларга үчүгэйдик чопчуламмакка, биир өттүттэн көрдөххө, өйөбүлэ суоҕуттан дуу, хайдах эрэ хаалан испит салаа этэ. Урукку сылларга улахан суруйааччылар бука бары оҕолорго анаан суруйбут айымньылардаахтар. Ол айымньыларга улааппыт дьон буолуохтааххыт. Ол үгэс кэнники кэмҥэ улам мөлтөөн иһэр курдуга. Бу көҕүлээһини үс Амма киһитэ тыл-тылларыгар киирсэн, дьоһун бириэмийэни тэрийбиттэригэр, саха литературатыгар үлэлии сылдьар суруйааччылар ааттарыттан махтаныахпын баҕарабын. Улууһунан арахсары биһирээбэппин буолан баран, аммалар атын улуустарга холобур буолуохтарын сөп эбит.
Бу сыл аайы бэриллиэхтээх бириэмийэ суумата өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бириэмийэлэр суумаларыгар тэҥнээх. Онон бу улахан, дьоһун бириэмийэҕэ бастакыттан балай да элбэх киһи кыттыбытын үөрэ иһиттим. Ол харчыга эрэ интэриэс буолбатах, ол оҕо духуобунай иитиитигэр болҕомто ууруллан эрэр, суруйааччылар, меценаттар ону таба өйдүүллэр эбит диэн санааттан элбэх киһи кыттыбытын сэрэйэбин, — диэн норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева эттэ.
— Саха тыллаах дьоҥҥо барыларыгар кэрэ-бэлиэ күн үүннэ дии саныыбын. Бу күрэс суолтата туохханый? Бу манна кыттыбыт дьон өссө биир сыл үлэлииллэр, ол түмүгэ 5 кинигэ буолан тахсар. Оҕо литературатыгар сиппит-хоппут 5 кинигэ баар буолар. Онон бу бырайыагы өйөөбүт Руслан Еремеевичкэ, идиэйэ ааптарыгар Зинаида Архиповнаҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Бу бириэмийэ өссө кэҥээтин, дириҥээтин, өссө үчүгэй айымньылары аҕала турдун! — диэн «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров баҕа санаатын тиэртэ.
Айымньылары норуодунай суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах салалатынан, бэйиэт, прозаик суруйааччылары сэргэ, саха тылын учуутала уонна «Айыы кыһатын» үөрэнээччитэ Анжелина Ильина оҕо хараҕынан көрөн, дьүүллээтилэр.
Ол курдук, кыайыылааҕынан «Бастакы сээн» сэһэнинэн Валерия Потапова кыайда. Киниэхэ Руслан Федотов 500 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти туттарда.
Маны тэҥэ, 4 бастыҥ айымньылаах ааптардарга кинигэлэрин таһаарар туһунан сэртипикээти туттардылар. Кинигэлэр «Дани-Алмас» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыахтара. Ааптардары кытта дуогабарга илии баттаһыы сиэрэ-туома буолла. Бастыҥ ааптардарынан Ангелина Васильева («Аптаах таас»), Николай Бурнашов («Үстүөпэ сырыылара»), Любовь Матвеева («Дойдулаах оҕо»), Розалия Винокурова («Сайын») ааттаннылар, бу айымньыларынан эһиил кинигэлэрэ бэчээттэнэрэ мэктиэлэннэ.