Норуодунай тыйаатырдар бэстибээллэриттэн ыалдьыттар астынан бардылар

Майаҕа Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр олунньу 2-4 күннэригэр 7-с өрөспүүбүлүкэтээҕи норуодунай тыйаатырдар “Алыптаах мааска” бэстибээл-күрэстэрэ ыытылынна. Манна барыта 20 улуустан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр норуодунай тыйаатырдар 20 классик суруйааччылар айымньыларынан  испэктээкили туруордулар. Олохтоохтор да, ыалдьыттар да бэстибээл олус үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр. 

Бэстибээл тиһэх күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан Майатааҕы норуодунай тыйаатыр норуодунай ааты ылбыта 60 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыан иннинэ ыалдьыттартан санаа атастастым.

Хатас “Тускул” кулуубун “Сатабыл” үҥкүү бөлөҕүн кыттыылааҕа Туяра Бурнашева “Ревизор”  испэктээккэ үҥкүүһүттэргэ кытынна. Кини бэйэтэ баҕалаах буолан үҥкүү куруһуогар сылдьыбыт, билигин ырыаҕа сылдьан эрэр. Кини “Маннык улахан тэрээһиҥҥэ бастакыбын кытынным. Ааспыт сылга манна үҥкүүнэн кэлэ сылдьыбыппыт. Тыйаатыр сырдык, ыраас, үлэһиттэр бары униформалаахтар, ыалдьыттары наһаа үчүгэйдик фуршетынан көрүстүлэр, Майалар тэрээһиннэрэ өрүү үрдүк таһымнаахтык ыытыллар, элбэх артыыстаахтар, дьону үөрэ-көтө көрсөллөр” диэтэ.

Суоттутааҕы “Мичээр” сынньалаҥ киин дириэктэрэ Валентина Протасова: “Тыйаатыры төрүттээбит киһинэн Татьяна Гоголева буолар. 1986 с.норуодунай ааты сүгэр, кэккэ сылларга элбэх режиссер, уус-уран салайааччы үлэлээн ааста. 1990 с. Павел Свинобоев аата иҥэриллибитэ. Манна бүгүн  режиссер Елизавета Портнягина туруоруутунан Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын сэттэ  мэтириэтэ”  айымньытынан кытынныбыт. Кураатардар тоһуйан туран көрсөн, миэстэлэрбитин ыйан-кэрдэн, үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт диэн үөрэбит” диэн санаатын үллэһиннэ.

2002 с. норуодунай буолбут Өктөмнөөҕү тыйаатыр режиссера Зоя Аржакова:  “Кэччэгэй кэриэһэ суох” айымньынан кытынныбыт. Майалар наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, туох баар киһи наадыйар боппуруоһун барытын кэлиэхпит инниттэн быһаарсан, туох тиийбэтин көрөн көмөлөһөн үөртүлэр. Манна кураатарбытыгар Линда Захароваҕа махталбыт улахан. Биһиги саҥаттан саҥа бырайыактарга үлэлиибит. Холобурга эттэххэ, куукула тыйаатыра тэрийэммит уһуйаан  уонна алын сүһүөх кылаастарга олоҥхону көрдөрөбүт. Тыйаатыр иһинэн хамсык кэмиттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэхтэһиилэрин тэрийэн үлэлиибит. Ол түмүгүнэн кинигэ таһаарабыт. Тыйаатырбыт 2022 с. 20 сылын туолбута”, — диэтэ

Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр 7-с төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи норуодунай тыйаатырдар “Алыптаах мааска” бэстибээл-күрэстэрин түмүктүүр уонна сахалартан бастакы ССРС норуодунай артыыһа Д.Ф. Ходулов аатынан Майатааҕы норуодунай тыйаатыр норуодунай ааты ылбыта 60 сылыгар аналлаах өрөгөйдөөх тэрээһинигэр тыйаатыр үлэтин сырдатар документальнай киинэ көрдөрүлүннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  култуура уонна тыйаатыр ускуустубата сайдыыларыгар кылааттарын иһин наҕараадалары туттарар үөрүүлээх күҥҥэ үрдүкү салайааччылар эҕэрдэ тыл эриэккэһин анаатылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай уонна имидж бэлиитикэтигэр солбуйааччы Альбина Григорьева баһылык уонна дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин уонна тус бэйэтин  ааттарыттан эҕэрдэлээтэ.  Улуус дьаһалтатыттан Эҕэрдэ суругунан Данил Осипов, “Мэҥэ Хаҥалас култуурата уонна ускуустубата сайдыытыгар кылаатын иһин” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн сыана бэтэрээнэ Контвар Сыроватскай, худуоһунньук киэргэтээччи Валерий Эверстов, Грамотанан Станислав Иванов, Зиновий Игнатьев, Олег Петров,  Роман Петухов, Михаил Самсонов, Александр Эверстов, Махтал суруктарынан Вячеслав Соловьев, Анастасия Петрова,  Павел Попов наҕараадаланнылар.  

Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Саха Сирин норуодунай тыйаатырдарын кураатара Алексей Захаров өрөспүүбүлүкэҕэ норуодунай тыйаатыр төрүттэммитэ 65 сыла буолбутун, ол тухары ыытыллар бэстибээллэргэ эҥкилэ суох үлэлээн кэлбит дьүүллүүр сүбэҕэ махтанна, саҥа былааннары билиһиннэрдэ. Кини СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын Министиэристибэтин “Норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин”  түөскэ кэтиллэр бочуоттаах бэлиэнэн Маргарита Максимованы наҕараадалаата. П.А. Ойуунускай аатынан саха академическай тыйаатырын литературнай чааһын үлэһитэ, РФ уонна СӨ тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ Надежда Осипова 35 улууска 50-тан тахса норуодунай тыйаатырдар баалларын, кинилэр үлэлэрэ сылтан сыл сайдан-тупсан иһэрин, сорох испэктээктэргэ 50-чэ киһи кыттыбытын бэлиэтээтэ. Кини  Махтал сурук уонна бэлэх тыйаатыр режиссеругар Данил Осиповка, Бочуоттаах грамота Афанасий Бродниковка, Наталья Пахомоваҕа, Михаил Поповка туттарда. 

Улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Александр Кулешов Данил Осиповка Эҕэрдэ сурук уонна Туоһу сурук  туттарда. “Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын Бочуоттаах бэтэрээнэ” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн Мария Лукина,  Бочуоттаах Грамотанан Балыктаахтан Лия Долгунова наҕараадаланнылар. И.М. Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ кэлэктиибин аатыттан тыйаатыр кэлэктиибигэр Эҕэрдэ Сурук уонна Туоһу сурук туттарылынна. 

А.Д. Макарова аатынан култуура коллеһын дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Захар Никитин эҕэрдэлээтэ. Кини: «Сахабыт сиригэр 90-с сылларга ыһыллан хаалбакка күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы, айа-тута, саха тыллааҕы үөрдэ-көтүтэ сылдьар норуот тыйаатырдара бааллара култуурабыт биир уратытынан, биһиги норуоппут баайынан буолаллар. Талааннаах буолуҥ, сыанаҕа тахса туруҥ, куруутун кыайыылаах буолуҥ. “Талааҥҥытынан мин ааппын ааттата тураарыҥ” диэн биһиги киэн туттар улуу убайбыт этэн хаалларбыт тылларын былаах оҥостон тута сылдьыҥ”, диэн туран тыйаатыр дириэктэригэр Екатерина Петровнаҕа сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

“Майа сэлиэнньэтэ” ТСТ баһылыга Алексей Неустроев тыйаатыр территориятыгар гараас тутталларыгар дириэктэр Екатерина Ефремоваҕа Туоһу сурук туттарда. Олохтоох дьаһалта Грамотатын Зоя Москвина, Антон Баишев, Юлиан Владимиров, Александра Гаврильева, Линда Захарова, Мария Иванова, Махтал сурук Төхтүртэн Ольга Максимова  үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.

Д.Ф. Ходулов аатынан Майатааҕы норуодунай тыйаатыр 60 сылынан Дмитрий Ходулов кыыһа, СӨ нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун уонна РФ социальнай харысхалын туйгуна, аҕатын аатынан тыйаатыр мэссэнээтэ  Светлана Ходулова эҕэрдэлээтэ. Кини бу бэстибээлгэ элбэх тыйаатыр кэлэн кыттыбытыттан астынарын биллэрдэ уонна тыйаатырга саҥаттан саҥа ситиһиилэри баҕаран туран дохсун ытыс тыаһын ортотугар Екатерина Ефремоваҕа, Данил Осиповка дьиэ кэргэнин аатыттан Эҕэрдэ суругу кытта бэлэхтэрин уунна.

Тыйаатыр ускуустубатын сэргиир,  тарҕатар, олох үөһүгэр сылдьар, айымньылаахтык үлэлиир бэлиэ күн кыттыылаахтарыгар Данил Николаевич үбүлүөйдээх өйдөбүнньүк бэлиэлэри туттарда.

7-с төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи норуодунай тыйаатырдар “Алыптаах мааска” бэстибээл-күрэстэрин 3 күннээх көрүү түмүгүнэн ситиһиилээхтик кыттыбыттар анал ааттары,  өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар. Биир дойдулаахпыт Данил Осипов “Бастыҥ режиссер” анал ааты ылбытынан истиҥник эҕэрдэлиибит.

 П.Решетников аатынан Чурапчы норуодунай тыйаатыра Иван Арбита “Долгуннар” пьесатынан  режиссер Василий Николаев “Бастыҥ драматург” аатын ылла итэннэ “Биэрэккэ поэт уол турбута” испэктээгинэн “Бастыҥ испэктээк” анал аат кыайыылааҕын аатын ылан Гран при хаһаайына буолан үөрүү өрөгөйүн биллилэр. 

Дьэ, маннык биһиги ортобутугар сылдьар араас идэлээх дьон бэйэлэрин баҕаларынан култуура кэрэ эйгэтигэр сыстаннар, кэлэктиипкэ кыттаннар норуодунай тыйаатыр аатын ылан 60 сыл устата сүүһүнэн уобараһы айдахтара, араас оруоллары оонньоон дьоҥҥо-сэргэҕэ сынньалаҥы бэлэхтээтэхтэрэ.

Үбүлүөйдээх тэрээһини Николай Васильев-Айтамыл ырыатынан киэргэттэ.

Култуура кэрэ эйгэтигэр кэрэ эрэ кэккэлэстин, үтүө эрэ үөмэхтэстин, сырдык эрэ сыдьаайдын.

Марелла Баишева.