Николай Тарасов: «Аҕа көлүөнэ хорсун-хоодуот холобурдарын хатылаатылар»

Николай Тарасов, улуустааҕы үөрэх салалтатын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһин отделын кылаабынай исписэлииһэ:

‒ Биир дойдулаахтарбыт байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара, «Алеша» тааҥка экипаһын чилиэннэрэ Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев бойобуой сорудаҕы толорууга уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүттэрэ сыаналанан, Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэрилиннэ. Саха дьоно олус үөрэбит, киэн туттабыт. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайбыт аҕа көлүөнэ хорсун-хоодуот холобурдарын хатылаабыттара, сэриигэ быһаарыылаах суолтаны ылбыт Курскай Тоҕой кыргыһыы 80 сылыгар Дьоруой үрдүк наҕараадатын Российскай Федерация Бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан ылбыттара барыбытын долгутта. Саха уолаттара ытык иэстэрин толорон бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын.

Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан кэпсэтии» тэрээһин биир ураты түгэнинэн Арассыыйа Дьоруойдара Филипп Евсеев үөрэппит Кундэйэ оскуолатын учуутала, кылааһын салайааччыта Альбина Октябриновна Саввинова уонна Алексей Неустроев үөрэммит Танда орто оскуолатын дириэктэрэ Надежда Михайловна Егорова кыттыылара буолла. Үөрэппит учууталлара уолаттар сахалыы сэмэй майгылаахтарын, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар билиигэ-үөрэххэ баҕалаахтарын, табаарыстарыгар истиҥ сыһыаннаахтарын, үөрэппит учууталларынар, оскуолаларыгар махталлаахтарын бэлиэтээтилэр. Киһи буолан үүнэн-сайдан тахсалларыгар дьиэ кэргэн уонна үлэнэн иитии оруоллааҕын эттилэр.