Майаҕа олунньу 17 күнүгэр биир кэрэ-бэлиэ күн буолла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Николай Иванович Пинигин 90 сааһынан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Майа сэлиэнньэтин баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Вячеслав Санников, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын салайааччы Иван Шестаков ытык киһиэхэ дьиэтигэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр.
Н.И. Пинигин 90 сааһын олунньу 13 күнүгэр туолбута, алта оҕолоох, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эһээлэрэ хоп курдук туттан утары кэлэн көрсөн, ыалдьыттарын тута остуолга ыҥыртаан олорон үлэлээн ааспыт кэмнэриттэн ахтыы оҥордо.
Николай Пинигин 1954 с. Алексеева Екатерина Дмитриевналыын холбоһон, ыал буолан, 3 оҕолонон 1959 сыл ахсынньы ыйга Ороссолуодаттан Майаҕа көһөн киирбиттэр. Оччолорго холкуостаахтар сынньанар дьиэлэрэ диэн аһыллыбыт. Онон 3 оҕолоох ыаллары Мэлдьэхси Суолатыттан, оччолорго райком 1-кы сэкирэтээрэ Спиридон Сосин бэйэтинэн массыына ыытан көһөрөн киллэрбит. Кэргэнин сиэстэрэ-хаһаайканан, бэйэтин хачыгаарынан бу дьиэҕэ биир хоһу биэрэн үлэлэппит. 1962 с. Мансуров Ислам Шайхулович ыҥырыытынан “Сельхозтехника” тэрилтэҕэ C-100 улахан тыраахтарга улэлии киирбит уонна 1982 с. диэри эҥкилэ суох 20 сыл улэлээбит. “Сельхозтехника” тэрилтэҕэ оччолорго 8 тыраахтар баара диир. Николай Пинигин Майаттан Чурапчыга диэри үрдүк күүрүүлээх лииньийэ барар суолун солооһунугар үлэлээбит. Онтон сиһэ ыалдьан 5 сыл “Якуткоммунэнерго” тэрилтэҕэ кууннаах Белорус тыраахтарга үлэлээн хочуолунайдарга чох кутааччынан сылдьыбыт. 1960-1970 сс. халлаан улаханнык тымныйар этэ, бу билигин тымныйбат буолла диир. 1965 с. Маай бырааһынньыгар “Дружба” эрбиинэн бириэмийэлээбиттэрин саамай күндүтүк саныыр. 1970-с сылларга 5 сыллаах социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолан Норуот хаһаайыстыбатын Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкатыгар барар путевка биэрбиттэрин барар кыаҕа суох буолан атын киһиэхэ салайбыт. 1972 с. “Урал” матасыыкыл пуонда ылбытын 20 сыл сүүрдүбүт. 1-кы кылаастаах тырахтарыыс тырахтарыыстар олус эйэлээх, үчүгэй үлэһит кэлэптииптэригэр үлэлээбитим диир.
“Мэҥэ Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов эҕэрдэлээн:
- Бүгүн биһиги улууспутугар биир бэлиэ күн буолла. Ытык киһибит Николай Иванович Күнү көрбүтэ 90 сааһынан муһуннубут, долгуйабыт, үөрэбит. Алтыстахпытына мэлдьи Майабыт сайыннын, үлэҕит-хамнаскыт тахсыылаах буоллун диэн алҕаан ыытар үтүө үгэстээх. Биһиги куруутун аҕа көлүөнэбитигэр махталлаахпыт, кинилэр холобурдарыгар ыччаты иитэбит. Кинилэр суолларын салгыыр эбээһинэстээхпит. Оччотооҕу кэмҥэ биһиги аҕа саастаах көлүөнэбит хайдах курдук бэйэлэрин харыстаммакка туран үлэлээбиттэрин умнубаппыт. 1992 с. муҥутаан элбэх сүөһү, 37 тыһыынча аҥардас ынах сүөһү иитиллэн турбута. Бу барыта аҕа көлүөнэ дьоммут үлэтэ-хамнаһа, ол түмүгэ. Бүгүҥҥү күммүт сайдыыта кинилэр уурбут акылааттара, кинилэр ииппит иитиилэрэ салҕанар. Биһиги бу Николай Иванович курдук үлэһит дьону иитэн таһаарар ытык иэстээхпит. Маннык дьоммутун үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэн көрсүһүннэрэр буоллар диэн баҕарабын, ол быһаччы дьайыылаах буолуо этэ. Билигин дьон үйэтэ уһаата, биһиги улууска 90 сааһын ааспыт 60-тан тахса киһи баар. 100 сааһын туолбут 2 ытык кырдьаҕастаахпыт Кинилэринэн буолаллар Березкин Алексей Николаевич уонна Пермякова Ульяна Егоровна. Иккиэн Дьабыыл нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр. Эйиигин оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларыгар уйдаран 100 сааскар тиийэргэр диэн алгыс тылбын аныыбын, — — диэн туран Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кириэмилтэн ыыппыт Эҕэрдэтин туттарда, Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтин уонна улуус салалтатын аатыттан Эҕэрдэ суругу кытта Ороссолуодаҕа бастакы оскуоланы аспыт Герасим Иванович Соловьев 150 сылынан тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна итиэннэ сэмэй кэһиитин дьиэлээхтэргэ туттарда. Дмитрий Иванович саха норуота уостан түспэт ырыаларыттан быһа тардан эҕэрдэлээтэ.
Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников:
- Майаҕа 23 тыыл бэтэрээнэ баар, ол иһигэр 1 сэрии огдообото Варвара Егоровна кэлэр сылга от ыйыгар 100 сааһын туолуохтаах. Дмитрий Иванович Майа баһылыгынан үлэлии олорон бэтэрээннэргэ сүрдээх улахан болҕомто ууран кэлбитэ. Ону биһиги салҕааммыт ытык саастаах дьоммутугар болҕомтобутун ууран үлэлиибит, — диэн туран баһылык Алексей Неустроев Эҕэрдэ суругун кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа” түөскэ иилинэр бэлиэни итиэннэ Майа устуоруйатын кэпсиир 2 томнаах кинигэни бэлэх туттарда итиэннэ “Мин хотугу тиитим” диэн ырыанан эҕэрдэлээтэ.
Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын салайааччы Иван Шестаков:
- Николай Ивановичтыын мэлдьи алтыһабыт, көрө-истэ сылдьабыт. Улууспутугар 87 саастарын ааспыт 104 тыыл бэтэрээннээхпит, дьоммут орто сааһа уһаабытыттан биһиги олус үөрэбит, бу бары дьоллоох оҕо сааһы билбэтэх, кыракый саастарыттан дьонноругар илии-атах буоланнар, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, сэрии сылларын кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэриигэ күүстэрин-уохтарын биэрбит дьон буолаллар. Билиҥҥи бу сайдыылаах олоххо олорорбутугар биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Николай Иванович С-100 тыраахтарга үлэлээбитин билэн улааппытым. Урут аҕабын кытта сылдьан бааһынаҕа киирбит сылгылары таһаарсыһарым, элбэх да бааһына баара, бурдук бөҕө үүнэрэ. Ол бааһыналары бу Николай Ивановичтаах тыатын солоон үлэлээтэхтэрэ диэн саныыбын. – диэтэ итиэннэ кэлэктиибин уонна тус бэйэтин аатыттан эҕэрдэлээн туран сэмэй бэлэҕин туттарда.
Оҕолоро күөх экрааҥҥа Николай Иванович бэйэтэ 2020 сыллаахха Өлүөнэ Эбэни туоруур муоста тутуллуутун айхаллаан айбыт ырыатын ыллыырын көрдөрдүлэр.
Өлүөнэбит биэрэгэр үрүҥ-хара дэспэккэ,
Өркөн өйдөөх дьоннорбут
саҥа муоста тутуутун
Саҕалыахпыт дэстилэр.
Күүстээх үлэ кэнниттэн 24-с сылларга
Саҥа муоста тутуута аһыллар кэмэ кэлиэҕэ.
Өлүөнэлиир Эбэккэм илин-арҕаа биэрэгэр
Саҥа вымпел сааллыаҕа, сардаҥата тыгыаҕа.
Саха омук барахсан өбүгэттэн баҕарбыт
Баҕалара, дьэ, туолуо.
Саргы-дьаалы салалыннын, өрөгөй талаан улааттын,
Үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтүн.
Өркөн өйдөөх дьоннорго уруй-тускул буолуохтун,
Уруй-айхал буолуохтун.
Саргы дьаалы салалыннын, өрөгөй талаан улааттын,
Үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтүн.
Саҥа муоста тутуута кэлэр көлүөнэ ыччакка
Күндү бэлэх буолуохтун.
Айылҕаттан айдарыылаах Айсыан Ньукулаайапка
Айхал-тускул буолуохтун,
Саргы-дьаалы дьэ кэллэ,
Саргы-дьаалы дьэ кэллэ!
Ырыатын истибит кэннэ Николай Иванович махтанан харда тыл эттэ:
- 90 сааспын туолбут үөрүүбүн үллэстэ кэлбит оройуонум, Майам салайааччыларыгар улаханнык махтанабын. Майабыт сайдарыгар сүүрэн-көтөн үчүгэйдик үлэлээҥ диэн эдэр дьону сүбэлиибин.
Бу кэлэр ыйга Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Быыбара буолаары турар. Саха сирин сайдыытыгар Владимир Владимирович улахан туһалаах. Кини олорор кэмигэр сайдыы балысханнык барда. Ону дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр, үөлээннээхтэргитигэр аҕытаассыйалыы сылдьыҥ, Путины биир сомоҕо буолан өйүүргүтүгэр, куоласкытын киниэхэ биэрэргитигэр ыҥырабын, — диэтэ. Ытык кырдьаҕас итини этэн туран, улуус баһылыгар бары үтүөнү, үлэтигэр ситиһиини баҕарда итиэннэ сэмэй бэлэҕим диэн саха быһаҕын бэлэх уунан долгутта.
Дьокуускайтан аймаҕа “Электромонтаж” ХЭТ тутуу тэрилтэтин дириэктэрэ Василий Иннокентьевич Пинигин тэрилтэтигэр прорабынан үлэлиир уолунуун Василийдыын, Николай Иванович кыргыттара: Майаттан Александра Шишигина, Хорообуттан Татьяна Птицына, Дьокуускайтан Клавдия Лебедева, Аллараа Бэстээхтэн Людмила Пинигина бааллар. Кыра кыыстара “Туймаада” ырыа ансаамбылын кыттыылааҕа Анастасия Пинигина буолар. Элбэх оҕолоох ыал соҕотох уоллара Москваҕа Гнесиннар ааттарынан муусука институтугар үөрэнэн дирижер салаатын бүтэрбит Руслан Николаевич Америкаҕа олохсуйбут, кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх.
Ырыа аргыстаах ытык киһибит олус үчүгэйдик көрүллэн, бэйэтин сааһыгар өйө-санаата чөл, көстөр дьүһүнэ чэгиэн буолан бары сүргэбит көтөҕүллэн, астынан, 100 сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан көрсөрүгэр баҕа санаабытын этэн тарҕастыбыт.
Марелла Баишева.