Төҥүлүгэ «Нөмүгү» бааһынай хаһаайыстыба кэскиллээхтик дьаһанар

2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ ылынылынна. Ил Түмэн норуодунай дьокутааттара Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан сокуону бэлэмнээһиҥҥэ 2024 сылга итиэннэ былаан быһыытынан 2025‒2026 сылларга туһаайан улахан кээмэйдээх үлэ ыыттылар.  Итини 600-тэн тахса уларытыылар дьүүллэһиллэн бүддьүөт дохуотун чааһа 20 миллиард солк. кэриҥэ улааппыта туоһулуур.

Сүрүн болҕомто тыа сирин итиэннэ пиэрмэр хаһаайыстыбалар сайдар тосхоллоругар туһаайылынна. Ил Дархан үүт харчытын 5 солкуобайынан, сүөһү ахсааныгар 2 тыһыынча солкуобайынан үрдэтэргэ этиитин тыа сиригэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар хайдах ылыммыттарын билистим.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин Нөмүгү диэн холкуос эрдэхтэн өтөхсүйэн турбут сиргэ  2015 с. Альберт Баишев салайааччылаах “Нөмүгү” ынах сүөһү иитэр бааһынай хаһаайыстыба  настаабынньыга Николай Михайлович Баишев санаатын үллэһиннэ:

  • Түөрт сыл анараа өттүгэр үүт сыаната 50 солкуобай эрдэҕинэ син сөбүгэр курдук этэ, тиэхиньикэ эҥин ылан испиппит, иитиллэн олорбуппут. Онтон 60 буолбута эрээри сэлээркэбит да, атыҥҥа да сыанабыт куота турар. Боростуойдук ааҕан көрдөххө, саатар 70 солк. буолара буоллар. Ахсаанынан бэриллэр диэни утарар этим да, кэлин өйдөөтөххө, суол-иис суоҕунан уһук кытыы сирдэргэ олорор дьоҥҥо оттуулларыгар-мастыылларыгар сөптөөх өйөбүл курдук саныыбын. Ол оннугар, үүт туттарыыта кыччаан, арыы оҥорон таһаарыытыгар, нэһилиэнньэни хааччыйыы мөлтөх буолуо. Сир аайы үүтү астыыр собуоттары тутар кыаллыбат. Төҥүлүтээҕи “Хоту” кэпэрэтиип турар сирин балаһыанньата, суола-ииһэ үчүгэй уонна бэрэссэдээтэл Иван Ильич Максимов  тэрилтэтин үчүгэйдик салайар. Нөмүгүгэ 11 сыл уота суох олорон кэлбиппит. 2019 с. Ил Дархаммытыгар туруорсан уот киллэртэрэн улахан махталлаахпыт уонна Төҥүлү-Майа суола оҥоһуллан, билигин үлэлиир  усулуобуйа баар. Быстах суолбутун оҥосторбутугар “Хоту” кэпэрэтиип сэлээркэ бэристэҕинэ сыллата кыралаан тупсаран иһэбит. Билигин сэлээркэбит сыаната 82 солкуобайтан таҕыста, онон үүккэ бэриллэр көмө харчы  эбилиннэҕинэ эрэ тиэхиньикэбитин саҥардар кыахтаахпыт. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, электричэскэй уот киирбитинэн саҥа хотон тутарбытыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, улууспут салалтата үрдүттэн тахсан үөрэтэн көрөн көмөлөһөллөрүгэр баҕарабыт. Биһиги манна үйэбит-сааспыт тухары сүөһүбүт-аспыт, сылгыбыт  иитиитигэр үлэлээри кэлэн олохсуйдубут. Инникитин кыра уолум Альберт Баишев салайар кэпэрэтиибин ыанар ынаҕын ахсаана кырата 100-кэ тиийиэхтээх, о.э. төбөтүнэн 200-250 сүөһүнү иитиэхтээхпит диэн суоттанабыт. Быйыл сайын 40-тан тахса ынахтан 40-тан тахса туонна үүтү ыан туттардыбыт. Көмүскэ үлэлии сылдьыбыт 50-ча саастаах быраатым Дмитрий Баишев “Аны баахтаҕа барбакка манна убайым саҕалаабыт үлэтин салгыы үлэлиибин” диэн кэлэн үлэлэһэ сылдьар. Итинник утуму салҕаан уолаттарым, сиэттэрим кэлэн иһиэхтэрэ. Мин бочуоттаах сынньалаҥҥа бардахпына сүөһү иитииитинэн дьарыктаныам диэн эрдэттэн баҕа санаалааҕым. Ону олоххо киллэрэн, билигин биһиги сүөһүнү-аһы иитиэҕиҥ, сылгыны дэлэтиэҕиҥ диэн өйгө-санааҕа кэлэн үлэлии олоробут. Харчы үүккэ сытар, үүтү үчүгэйдик ыахха наада. Былырыын баччаҕа хотоҥҥо төбөлөөҕүнэн 105 сүөһү киирбит буоллаҕына, быйыл  118 сүөһүнү кыстыкка киллэрдибит. Итинник кыралаан эбэргэ үлэлиибит. Инникитин саҥа хотон тутулуннаҕына нэһилиэк кырдьаҕастарын сүөһүтүн көрөн биэрэр былааннаахпыт. Оттуур сирбит тиийбэт да, дьонтон эттэһэн кыстыыр оппутун булунабыт.

Төҥүлү нэһилиэгин “Сардаҥа” сылгы кэпэрэтиибэ 20-тэн тахса пайщиктаах, уопсайа   240-чэ сылгылаах. Бу 2006 с. тэриллибит кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлинэн улахан уолум Михаил Баишев талыллан үлэлии сылдьар. Ити курдук уолаттарым тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ылсан үлэлииллэриттэн үөрэбин. Манна миэхэ төһүү күүһүнэн кэргэним Мария Михайловна өйөбүлэ буолар. Киниэхэ махталым муҥура суох.

Ынах сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар “Нөмүгү” бааһынай хаһаайыстыбаны төрүттээччи, Саха өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатыгар туйгуна Николай Михайлович Баишев 1988 сылтан 28 сыл устата сылгыһытынан үлэлээн бочуоттаах  сынньалаҥҥа барыаҕыттан  кэскиллээхтик дьаһанан бу салаа сайдарыгар, тэнийэригэр күүһүн-кыаҕын толору биэрэн үлэни-хамнаһы сүрүннүүр. Тыа хаһаайыстыбатын бу салаата эстибэт суолун тобулан, өссө кэҥэтэн,сайыннаран  үлэлиир баҕалаах маннык дьонноохпутунан астынабыт, киэн туттабыт.

Марелла Баишева.