Нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга сүҥкэн оруоллаах

Судаарыстыбаттан көмө

‒ Биһиги кэргэмминиин Тамара Семеновналыын Майаҕа бу иннинэ икки этээстээх  тутуллубут мас дьиэҕэ бастакы этээскэ олорбуппут. Аттыбытыгар турбут икки этээстээх икки дьиэ утуу-субуу умайан, ону умулларга уу ыстарыллан,  панель матырыйаалыттан тутуллубут дьиэбит акылаата аллараа түһэн, истиэнэтэ тэйэн тыал тыалынан, тымныы тымныынан үрэр буолбута. Аллараа этээстэр олохтоохторо ордук эрэйи көрсүбүппүт. Кэлин сылларга тоҥоммут кыһынын Дьокуускайга оҕолорбутугар көһөр этибит. Дьиэбит иһигэр хаатыҥкалаах, истээх сонноох, баайыы бэргэһэлээх эҥин сылдьар түгэннэрбит элбэх этилэр, ‒ диир Майа олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 80 саастаах Степан Марков. ‒ Сайынын куйаас күннэргэ сөрүүн буолара, ол гынан илинтэн тыаллаах күүстээх ардах түстэ да уу курдары өтөн киирэрэ. Быйыл саҥа таас дьиэҕэ кыбартыыраҕа көһөн киирбиппит сыл аҥаарыттан орто. Урукку дьиэбитигэр тэҥнээтээхэ, этэргэ дылы, дыбарыас кэриэтэ буоллаҕа. Сылааһа, сырдыга. Бастаан өссө итиргии сылдьыбыппыт, кэлин батареяларбытын араара үөрэннибит. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырымаата  ордук тыа сирин олохтоохторун олус абыраата. Аҥаардас Майаҕа да элбэх дьиэ тутуллан үгүс ыал саҥа дьиэҕэ көстө. Онон нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарыыга аналлаах маннык бырагыраамалар салгыы үлэлииллэригэр баҕа санаалаахпыт.

‒ «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааматынан биһиги дьиэ кэргэн былырыын үс хостоох толору хааччыллыылах сылаас, сырдык таас дьиэҕэ көһөн киирэммит үөрүүбүт үгүс. Маннык бырагыраама өссө да салҕанан баран үгүс дьон саҥа дьиэлэргэ  көһөллөрүгэр баҕарабын, ‒ диэн бэйэтин санаатын үллэстэр Табаҕа олохтооҕо, биэс оҕолоох соҕотох эдэр ийэ Любовь Попова.

Ити курдук, махтал истиҥ тылларын кэлин биэс сылга Мэҥэ Хаҥалас улууһугар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан толору хаачыллыылаах таас дьиэлэргэ көспүт 675 ыал бары этиэхтэрин сөп. Бу бырагыраама олохтонон дьон олоҕун уйгутун таһынан нэһилиэнньэлээх пууннар тас көстүүлэрэ эмиэ биллэ сэргэхсийдэ, тубуста. Билигин тыа сиригэр сорох кыбаарталларга бүтүннүү таас дьиэлэр дьэндэйэннэр, куораттан туох да  итэҕэһэ суох буоллулар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 2019‒2025 сс. хаарбах туруктаах олорор дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан толору хааччыллыылаах элбэх кыбартыыралаах олорор саҥа дьиэлэр тутуллан уопсайа 1368 кыбартыыраҕа дьон көстө. Итилэргэ олорор дьон ахсаана ‒ 3590. Саҥа дьиэҕэ көһөрүүгэ 2019 с. ‒ 97, 2020 м.‒  152, 2021 с.‒  249, 2022 с. ‒ 177 ыал хабылынна. Быйылгы сылга былаан быһыытынан  81 ыал саҥа дьиэлэргэ кыбартыыраларын күлүүстэрин тутуохтара.

Бырагыраама олоххо киириитин бастакы сылларыгар Майа, Аллараа Бэстээх курдук элбэх нэһилиэнньэлээх пууннарга олорор дьиэлэри тутуу көхтөөхтүк саҕаламмыта. Кэлин улууспут атын да нэһилиэктэригэр элбэх кыбартыыралаах эргэ дьиэлэр оннуларыгар толору хааччыллыылаах таас дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киллэрилиннилэр. Холобур, Павловскайга 8, Хараҕа 12, Хорообукка 18, Табаҕаҕа 8 уонна 15, Томторого икки 4-түү кыбартыыралаах дьиэлэр киирбиттэрэ.  Оттон быйыл Хочоҕо 23, Чүүйэҕэ 11, Маттаҕа 4, Моорукка икки 4-түү кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирэн дьон олорор усулуобуйата лаппа тупсуоҕа.

Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн олохтоохторо хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү курдук олус абыраллаах бырагыраама салгыы уһатыллан барарыгар баҕа санаалаахпыт. Судаарыстыба өртүттэн маннык аадырыстаах көмө, өйөбүл, биллэн турар, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга дьоһун оруоллаах.

 

Алена ДОКТОРОВА.