Сэтинньи 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум иккис төгүлүн ыытылынна. Бу күн Нөөрүктээйи нэһилиэгэр «Айылгы» НАК киинэ саалатыгар пленарнай мунньаҕы быһаччы көрүү буолла. Көрүүгэ олохтоох нэһилиэнньэ, учууталлар, улахан кылаас оҕолоро актыыбынай кыттыыны ыллылар. Пленарнай чаас саҕаланыан иннинэ нэһилиэк аҕа баһылыга Николай Федоров тыл этиитигэр эдэр ыччакка анаан: “Эһиги нэһилиэк инникитэ буолаҕыт, патриотизм дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Киһи нэһилиэгэр хайдах тутта-хапта сылдьарыттан, хайдах сыһыаннаһарыттан, нэһилиэгин устуоруйатын үөрэтэн билэн, кырдьаҕастары,кыралары-кыамматтары ытыктаан, кинилэргэ көмөлөһөн, сирин-дойдутун ыраастык тутан-хапта, бөҕү-сыыһы ыспакка-тохпокко сылдтарыттан саҕаланар”, — диэн эттэ. Сагыы модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, олохтоох кыраайы үөрэтэр түмэл исписэлиистэрэ фашизмы утары охсуһууга сэбиэскэй норуот дьоруойдуу быһыытын көрдөрөр кинигэ быыстапкатын, сэрии кыттыылаахтарын кэпсиир буклеттары, хаартыскалары, нэһилиэктэн байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут, дьоруойдуу охтубут дьоммутугар аналлаах, кинилэри сырдатар истиэндэни уонна кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт тустарынан презентациянан матырыйаалы сырдаттылар. Бу патриотическай пуоруму илэ хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан истэн баран ыччаттарбыт бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларынан киэн туттуохтара, харыстыахтара, сыаналыахтара, нэһилиэктэрин устуоруйатын билиэхтэрэ, интэриэһиргиэхтэрэ, атын сиргэ сылдьан дойдуларын туһунан кэпсиэхтэрэ диэн эрэннибит. Дойдубут туһугар бары биир сомоҕо буоллахпытына фашизмы кыайыахпыт!
Нина Колосова