Нөөрүктээйилэр этнографическай дьыктааны суруйдулар

Нөөрүктээйи нэһилиэгин “Айылгы” норуот айымньытын киинигэр сылын ахсын Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы “Улахан этнографическай дьыктаан” аахсыйа буолан ааста.

Бу дьыктаан дойду араас хабааннаах былаһааккаларыгар сэтинньи 3-8 күннэригэр ыытыллар. Дьыктаан сүрүн сыалынан дойдубутугар уутуйан олохсуйбут араас этностар устуоруйаларын, култуураларын үөрэтии, сырдатыы буолар.

Павловскайга нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ, уопсайа 34 киһи аахсыйаҕа кыттыыны ыллылар.