Нөөрүктээйигэ мусуойга сылы түмүктүүр тэрээһиннэр

Игнатьев И.П. – Кинигэ Уйбаан аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой ааһан иһэр сылга элбэх тэрээһиннэри  ыытта.

Педагог уонна настаабынньык сылын иһинэн  “Учуутал, Эн ааккар сүгүрүйэн“ бырайыак өссө биир тэрээһинэ, Махтал киэһэтэ  бэтэрээн учууталга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунугар, Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Михайлова Наталья Дмитриевнаҕа ананан ыытылынна.

Ахсынньы ыйга Нөөрүктээйи нэһилиэгин декадатын чэрчитинэн мусуойбутугар норуоттан тахсыбыт маастар, худуоһунньук, скульптор Афанасий Викторович Бродников 95 сылынан хартыына галереята арылынна. Манна Афанасий Викторович уруһуйдаан хаалларбыт 12 хартыыналара  турдулар. 5 кылаас үөрэнээччитэ Попов Миша мустубут дьоҥҥо галереяны сырдатта.

Аатырбыт атыыһыт Кушнарев Акепсим Михайлович төрөөбүтэ 185 сылынан мусуойбутугар саҥа саала уонна стендэ оҥоһуллан турда.Стендэни 9 кылаас үөрэнэээччитэ Петров Ангелина билиһиннэрдэ.

Олохтоох краевед Рудольф Карлович Михайлов биһиги мусуойбутун кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Кини “Нөөрүктээйилэр .Павловскайдар” диэн саҥа кинигэтин суруйан нэһилиэкпит дьонугар бэлэх уунна. Мантан биһиги нэһилиэкпит историятын үөрэтэргэ элбэҕи туһанабыт, туһаныахпыт даҕаны.

Биһиги Ангелиналыын салайааччыларбыт Юлия Егоровна уонна Наталья Интеровна көмөлөрүнэн Павловскай старовердарын туһунан чинчийии үлэлэрин ыытаммыт дакылаат суруйбуппут. Бу дакылааппытынан сыл устата араас ааҕыыларга кытынныбыт. Ахсынньыга А.М.Кушнарев 185 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕии Кушнаревскай ааҕыыларга кыттаммыт бириистээх миэстэлэргэ тигистибит.

Бу курдук, мусуойбутугар үгүс ситиһиилэрдээх , үтүө сонуннардаах, түбүктэрдээх сыл ааһан эрэр. Кэлэн иһэр саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлиибин. Кытаанах доруобуйаны, айымньылаах үлэни баҕарабын.

Юлия Оконешникова, В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, “Юный краевед “куруһуок иитиллээччитэ.