Наркотик ‒ дьай, дьаат

Улуус дьаһалтатыгар

Ама, бу туһунан истибэтэх, билбэтэх-көрбөтөх киһи баар буолуо дуо дии саныыгын, хомойуох иһин, бастаан утаа эрэ.  Статистика чахчылара кэпсииллэринэн, Арассыыйаҕа наркотиктан тутулуктаах алта мөлүйүөн (!) киһи баара биллэр. Киһи дьиксинэрэ баар  итинтэн 16‒30 саастарыгар диэри ыччата ‒ 60, оттон 9‒13 саастаах  оскуола үөрэнээччилэрэ ‒ 20 бырыһыан. Наркотигы боруобалаабыт уонна  кэмиттэн кэмигэр туттар киһи ахсаана 18 мөлүйүөн киһи тэҥнэһэр. Күннэтэ дойдубутугар наркоман ахсаана 250 киһинэн эбиллэрин,  80 киһи өлөрүн статитстика курус чахчылара туоһулууллар.

Наркотик доруобуйаны сүһүрдэрин таһынан,  киһи санаатын, ис туругун айгыратар, бэйэни хонтуруоллаабат буолууттан араас ыар буруйу оҥорууга тиэрдэр.  Быраабы араҥаччылыыр уорганнар иһитиннэрэллэринэн, сыл ахсын дойдуга наркотикка сыһыаннаах хас эмэ сүүһүнэн тыһыынча холуобунай буруй оҥоһуллар. Бу дьайыылары суох оҥорорго уонна ол содулун аҕыйатарга судаарыстыбаннай уорганнар ыытар үлэлэрэ сүрүн хайысханан буолар.

Судаарыстыбаннай уорганнар араас таһымнарыгар наркотигы утары үлэҕэ анал хамыыһыйалар үлэлииллэр. Мэҥэ Хаҥаласка улуус дьаһалтатын иһинэн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов салайааччылаах биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа былааннаах үлэни ыытар. Хамыыһыйа кыбаартал ахсын мунньах тэрийэн бу хайысхаҕа үлэни-хамнаһы торумнаан, туһааннаах уорганнары отчуоттатар.

Быйылгы сылга хамыыһыйа кулун тутарга, бэс ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар үстэ мунньахтаата. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр хамыыһыйа мунньаҕын бэрэссэдээтэли солбуйааччы, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов салайан ыытта. Мунньах бэбиэскэтигэр көлөппүнэ үүнэр сирдэрин булууга уонна ону суох оҥорууга түөрт түһүмэхтээх биир кэлим тэрээһин үлэлэрин ыытыыгар  тыа сирин түөлбэлэрин дьаһалталарын баһылыктарын отчуота истилиннэ. Административнай хамыыһыйа эппиэттээх сэкирэтээрэ Мария Борисова тыа сирин түөлбэтин уонна муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарынан СӨ Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна аска-үөлгэ министиэристибэтинэн көрүллүбүт көмө харчынан атыылаһыллыбыт тиэхниньилэри уонна тэриллэри инвентаризациялааһын түмүгүн туһунан иһитиннэриини оҥордо.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Ирина Плотникова үөрэх тэрилтэлэригэр наркотигы утары ыытыллар сэрэтэр үлэ хаамыытын, Ис дьыала оройуоннааҕы отделын холуобунай ирдэбилгэ ыстаарсай боломуочунайа Роберт Жирков быйылгы сылга тоҕус ый түмүгүнэн үлэни-хамнаһы билиһиннэрдилэр.

Хамыыһыйа иһитиннэриилэргэ олоҕуран, түөрт пууннаах дьаһалы ылынна.

Наркотигы утары сэрэтэр үлэни күүһүрдүү болҕомто кииниттэн түспэт.

Алена ДОКТОРОВА.