Моорук оскуолатын үөрэнээччилэрэ Москубаҕа үрдүк ситиһиилэннилэр                           

Сэтинньи 26‒28 күннэригэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр, килбэйэр киинигэр муҥутуур Москуба куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр научнай-чинчийэр бырайыактарын, айар үлэлэрин көмүскүүр улахан күрэһэр Моорук оҕолоро ситиһиилээхтик кытыннылар.

Оскуола үөрэнээччилэрэ 10 кылаастан Галина Павлова, 9 кылаастан Ньургуйаана Окорокова үрдүк таһымҥа күрэхтэстилэр. 1500 оҕо кыттыыны ылбытыттан, биһиги үөрэнээччилэрбит оскуолаларын, улуустарын аатын  киэн тутта ааттаттылар. «Обретённое поколение» диэн кэмпириэнсийэҕэ үлэлэрэ үрдүк сыанабылы ылары ситистилэр уонна дипломнарынан, кыайыылаахтар мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Галина «Авангардные костюмы из эпоса олонхо «Ньургун Боотур Стремительный», Ньургуйаана «Старинные берестяные лодки Якутии»  тиэмэнэн кытыннылар.

Кыргыттар  бу иннинэ Москубаҕа ыытыллыбыт научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ эмиэ бастаан, ситиһиилэнэн мэтээллээх кэлбиттэрэ. Научнай салайааччылара Туйаара Егорова ‒ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Сүрэхпин оҕоҕо аныыбын» Арассыыйатааҕы педагогтар күрэстэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин, художественнай хайысхаҕа кыайыылааҕа, Моорук нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун маастара, СӨ баһылыгын, эбии үөрэхтээһин «Үөрэх бастыҥ уһуйааччыта»  бириэмийэ хаһаайына, «Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката. «Педагог-маастар» анал аат хаһаайына. Туйаара Дмитриевна үөрэнээччилэрин утумнаахтык дьарыктаан уһуннук научнай үлэҕэ салайан, дьарыктаан кэллэ.

Үөрэнээччилэрбит улахан ситиһиилэрэ учууталларын кытары бииргэ кыһамньылаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Оҕолорбутугар, учууталбытыгар инникитин өссө да интэриэһинэй, ураты научнай үлэлэр тахсан иһэллэригэр баҕарабыт.

Александра Уваровская. Моорук

 

Үөрэнээччитэ Вера Брызгалова хоһооно

Күндү киһибэр ‒ уһуйааччыбар  

Үрдүккэ, кэрэҕэ уһуйар.

Үгүһү-элбэҕи оҥорор,

Үтүмэн үлэни толорор

Уһуйааччым барахсан.

Уустук дакылаат суруйан,

Иискэ да уһуллан.

Биһиэхэ билиини эн эптиҥ,

Ситиһии аартыгын арыйдыҥ.

Махтанабын учууталбар,

Элбэҕи ситиспиппэр,

Араас дойдуну көрдөрбүккэр,

Үөрүүбүн үллэстибиккэр.

Махталбын этэбин эйиэхэ,

Сырдыкка уһуйбуккар.

Эриэккэс тыллары аныыбын,

Эйиэхэ күндү киһибэр.

Үөрэх-билии кыһатын,

Түннүктэрэ күлүмүрдүүр,

Учууталым мичээринии,

Кэлэр кэскили ыҥырар!