Мэҥэ нэһилиэгин ытыктанар ыалын кыһыл көмүс уруута

Роман Иннокентьевич Гоголев уонна Татьяна Васильевна Дьяконова 1973 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр​ Төҥүлү нэһилиэгин (урут оннук ааттанара) Балыктаах бөһүөлэгэр олохтоох сельсовет дьиэтигэр саахсаламмыттар. Олохтоох кулууп дириэктэрэ Лукерья Дмитриевна Кычкина көҕүлээһининэн аан бастаан​ үөрүүлээх быһыыга-майгыга тэриллибитэ. Ол күн икки паара саахсаламмыттар, кинилэри кытта биир күҥҥэ Семен Алексеевич Гоголев Любовь Алексеевна Никитиналыын эмиэ ыал буолар докумуону ылбыттар.

Бэс ыйын 21 күнүгэр икки өттүттэн аймахтарын,доҕотторун түмэн Романнаах Татьяна улахан уруу киэһэтин тэрийбиттэрин,ол кэмнэри билигин да олус күндүтүк саныыллар.
Татьяна Васильевна Нам Аппаанытыттан төрүттээх.Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэн баспытаатал идэтин баһылаан Балыктаах детсаадыгар ананан кэлэн үлэтин саҕалаабыта.Сэттэ сыл сэбиэдиссэйинэн,уон биир сыл иитээччинэн үлэлээбитэ. Наһаа кыһамньылаах,оҕолор куттарын туппут эйэҕэс баспытааталларын ол кэмҥэ сылдьыбыт иитиллээччилэрэ билиҥҥэ диэри истиҥ махталынан ахталлар. Бөһүөлэк иһигэр ыытыллар бары общественнай үлэлэргэ актыыбынайдык ылсан үлэлээн барбыта. Түөрт созывка олохтоох сэбиэккэ депутатынан талыллыбыта. Комсомол кэмитиэтигэр,зона начаалынньыгынан,»Дьүөгэлиилэр»кулууп салайааччытынан,оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн,женком салайааччытынан,чилиэнинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.Айылҕаттан бэриллибит күүстээх куоластаах ырыаһыт,ордук нуучча норуодунай ырыаларын бэркэ толорон кулуупка буолар кэнсиэрдэргэ,култуура эстэпиэтэтигэр өрүү кыттара,дипломант,лауреат аатын элбэхтэ ылан бөһүөлэгин чиэһин элбэхтэ көмүскээбитэ.Ол курдук олох үөһүгэр үлэлии-хамсыы сылдьан 1989 сыллаахха урукку ыарыыта бэргээн хараҕынан бастакы курууппалаах инбэлиит буолан хаалбыта.Ол да буоллар,санаатын күүһүнэн туораан хаалбакка күүһэ-кыаҕа тиийэринэн,сүрэҕин баҕатынан дьонтон тэйбэккэ,ыһыктынан кэбиспэккэ нэһилиэк олоҕор билигин да актыыбынайдык кыттар.2009 сыллаахха улууска инбэлииттэр күөн күрэстэригэр кыттан бастаан «Айылгылаах бастыҥ эбээ»аатын ылбыта.2015 сыллаахха көрбөттөр обществоларын күрэҕэр кыттан «Далбар Хотун» аат иҥэрбиттэрэ.Икки төгүл республиканскай прикладной уонна художественнай творчество көрбөттөр обществоларын линиятынан дипломант,»Звонкий голос» номинацияны ылбыта. 2015 сыллаахха Журфикс сурунаалга «Күбэйэ Хотун» куонкуруска Татьяна Васильевна туһунан дьүөгэтэ Марина Прибылых суруйан кыттан биһирэбил номинациянан бэлиэтэммитэ.
Кэргэнэ Роман Иннокентьевич эдэр сааһыттан «Октябрь»колхуоска,»Максим Горькай»сопхуоска​ суоппарынан араас массыыналарга отучча сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.1982 сыллаахха «М.Горькай»сопхуоска үүт таһар массыыналарга сыл түмүгүнэн бастаан Москваҕа ВДНХ-ҕа барар чиэскэ тиксибитэ.Оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүнэн үлүһүйэн художественнай самодеятельноска куруутун актыыбынайдык кыттан элбэх ситиһиилэрдээх.1989 сыллаахха «Мэҥэ» сопхуос уһанар сыаҕар үлэлии киирбитэ.
Олохпут оҥкула ыһыллан,сопхуос эстэн ыарахан кэмнэр саҕаламмыттарыгар дьиэ-кэргэнинэн сүбэнэн ИП тэринэн уола Альбертыын уһанан саҕалаабыттара. Күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Мастарыскыайдарыгар дьиэ тэрилин,араас оһуордаах остуоллары-олоппостору,ыскамыайкалары,ыскааптары оҥороннор атыылыылларын дьон хамаҕатык атыылаһаллар,сакаас киирэ турар. Элбэхтик араас быыстапкаларга,эстэпиэтэҕэ кыттан лауреат,призер аатын ылбыттара.Иккиэн норуот маастарын үрдүк аатын ылан өссө да элбэх былааннаахтар.
Олох диэн уустук,барыта эриэ-дэхси буолбатах.Арамааннаах Татьяна бэйэлэрэ кыайан оҕоломмокко уоллаах кыыс оҕону иитэн,дьоһун дьон оҥорон билигин сиэн,хос сиэн минньигэс сытын билэн дьоллоох эһээ-эбээ буолан дьоллоохпут диэн астына кэпсииллэр. Уоллара Альберт кэргэнэ Леналыын 1994 сыллаахха ыал буолан кыыстаах уол оҕолоохтор,сиэннэрдээхтэр.Төрөппүттэрин аттыларыгар дьиэ туттан олороллор. Кыыстара Сардаана Степанныын 2010 сыллаахха холбоһон билигин Уус Алдан Бороҕонугар олороллор-үлэлииллэр,оҕолордоохтор.
Арамааннаах Татьяна олохторугар үгүс үөрүүлэр да ыарахаттар да бааллара.Ону барытын бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн-өйдөһөн,куруутун бииргэ сылдьан тулуйан-туруулаһан үйэ аҥара олорон кэллилэр. Билигин кинилэр оҕолорун-сиэннэрин өйөбүллэринэн,тапталларынан бигэнэн,кинилэр ситиһиилэринэн кынаттанан,чугас аймах-билэ дьоннорун кытта ыкса сибээстэһэн саха​ ​ ыал ын​ сиэринэн сүөһү-ас тутан ньир-бааччы олороллор. Мэҥэ нэһилиэгин биир эмиэ убаастанар ыала буолаллар,биир саамай көхтөөх-актыыбынай​ позициялаах буолан бөһүөлэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ билигин да кыахтара тиийэринэн кытталлар,холобур буолаллар.
Дьиэ-кэргэнинэн араас күрэхтэргэ актыыбынайдык кытталлар.2009 сыллаахха улууска «Үлэһит дьиэ-кэргэн»номинацияҕа тиксибиттэрэ.2015 сыллаахха​ «Кыайыы вальса»үҥкүү күрэҕэр «Үҥкүүһүт дьиэ-кэргэн»номинация хаһаайыттарынан буолбуттара,2012 сыллаахха култуура​ ​ эстэпиэтэтигэр улуус «Бастыҥ тиэргэннээх ыал» ааты ылбыттара.2020 сыллаахха нэһилиэкпитигэр «Уруйдан Улуу тунах кыайыы ыһыаҕа!» Куйаар ситиминэн ыытыллыбыт «Ыал аарката,симэммит тиэргэнэ»онлайн хаартыска күрэҕэр бастаабыттара.
Мария Захарова