Мэҥэ Хаҥаластааҕы территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 9 күнүгэр ыытыллыбыт быыбар иккис күнүгэр быыбарга кыттыы уопсай көрдөрүүтэ 43,25 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Ол эбэтэр испииһэккэ киирбит 24143 быыбардааччыттан икки күн иһигэр 10442 киһи кытынна. Нэһилиэктэртэн быыбарга кыттыыга билиҥҥитэ 25 бырыһыантан үрдүк көрдөрүүлээх иһэллэр: Дойду 42, Хаатылыма 39,02, Тарат 33,94, Чүүйэ 28,35, Баатара 27,30, Чыамайыкы 26,82, Наахара 26,72, Матта 26,32, Тиэлиги 26,12 бырыһыан. 15 бырыһыантан намыһах көрдөрүүлээхтэр: Аллараа Бэстээхтээҕи соҕурууҥҥу 9,21, Аллараа Бэстээхтээҕи хотугу 9,30, Ороссолуода 11,08, Нөөрүктээйи 11,86, Хорообут 12,16, Хотугу Майатааҕы 12,55, Нуораҕана 13,06, Тумул 13,12, Төхтүр 13,80, Төҥүлү 14,45 бырыһыан. Сарсын, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, быыбар түмүк күнэ үүнэр. Сарсыарда 8 чаастан киэһэ 8 чааска диэри улууспутугар баар 34 быыбар учаастага ааннара аһаҕас. Улууспут быыбардааччылара өрөспүүбүлүкэбит, улууспут инники кэскилин түстэһэр эппиэттээх быыбардарга көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.