Мэҥэ Хаҥаласка Алтан нэһилиэгэр гаас күөх төлөнө уматылынна

Алтынньы 11 күнүгэр Алтан нэһилиэгэр Өоөчөйгө гаас күөх төлөнүн уматыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев куйаар ситимин нөҥүө кытынна.

Улууспутугар билиҥҥитэ 16 нэһилиэккэ гаас ситимэ киллэриллибитэ. Олохтоохтор өр сыллаах туруорсуулараи олоххо киирбититтэн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

‒ Эһиилги сылга Алтан нэһилиэгин хас биирдии ыала бу ситимҥэ холбонуоҕа. Биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр гаас утаҕар саҥа нэһилиэктэри, бөһүөлэктэри холбооһун былааннаахтык ыытыллар. Бу үлэ хас биирдии ыал туруктаах буоларыгар, олох таһыма үрдүүрүгэр төрөөбүт, олорор таптыыр Сахабыт сирэ салгыы сайдарыгар анаан ыытыллар. Ил Дархаммытыгар бу үлэни киэҥ хабааннаахтык ыытарыгар махталбын тиэрдэбин. Салгыы, нэһилиэктэрбитин гаастааһыҥҥа үлэбитин Өрөспүүбүлүкэбит салалтатын кытта тэтимин быспакка ыытабыт, ‒ улуус баһылыга Дмитрий Тихонов санаатын үллэстэр.