Балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүтэйдээх нэһилиэгэр бэлиэ күн буолан ааста. Бу күн Мэҥэ Боҕуруоскай Таҥара дьиэтэ иккис үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Үбүлүөйдээх тэрээһин ыраахтан-чугастан ‒ Дьокуускайтан, ыаллыы улуустартан, улууспут үгүс нэһилиэктэриттэн анаан-минээн кэлбит элбэх киһини түмтэ, сүргэтин көтөхтө. Икки үйэ анараа өртүгэр тутуллубут таҥара дьиэтэ бу күҥҥэ мустубут дьону ураты сырдык тыынынан көрүстэ. Күммүт-дьылбыт да, анаабыт курдук, туран биэрдэ.
Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Владыка Роман таҥара сулууспатын салайда. Кини маастар Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх билигин Нам Хомустааҕар олорор Еримей Наумович Малышев оҥорбут сахалыы оһуордарынан-мандардарынан киэргэтиллибит саҥа Иконостаһыгар, таҥара күлүгүн (иконаны) 33 сыл устата суруйан кэлбит РФ худуоһунньуктарын чилиэнэ, Чурапчыттан төрүттээх билигин Москваҕа олорор Ирина Тимофеева оҥорбут сахалыы тыыннаах Абалаахтааҕы Күбэй Хотун (Богородица) күлүгүн, оттон Аҕабыт Александр Таҥара дьиэтигэр үтүө санаалаах дьон үптэринэн атыылаһыллыбыт саҥа куолакалларга сибэтиэй ууну ыһан таҥара тыынын түһэрдилэр. Владыка Роман уонна Дьокуускайдааҕы епархия сулууспалааахтара Таҥара дьиэтин бэлиэ күнүнэн мэлииппэни аахтылар. Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйаҕа национальнай өрөспүүбүлүкэлэр таҥара күлүгэр бэйэ омугун тыынын киллэрэн ойуулааһыннарыгар Ирина Ильинична үлэтэ аан бастакынан буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ааптар бу үлэтигэр таҥара күлүгүн суруйуу бары ирдэбиллэригэр (каноннарыгар) сөп түбэһиннэрэн сахалыы сэргэлэрбитин, оһуордарбытын таба дьүөрэлээн киллэрбитэ ураты чугастык ылыныллар, сиэдэрэйдик көстөр. Инникитин бу таҥара күлүгэ дириҥник үөрэтиллэн, ырытыллан сөптөөх сыанабылы өссө ылыа турдаҕа.
Үөрүүлээх тэрээһин күндү ыалдьыттарынан Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Владыка Романы сэргэ 2002 ‒ 2010 сс. СӨ Бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит, билигин СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штыров, «Ленатааҕы холбоһуктаах өрүс пароходствотын» генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионов, Епархия сүбэһитэ Афанасий Мигалкин о.д.а буоллулар. Кинилэр мустубут дьону бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, Таҥара дьиэтигэр күүс-көмө буолбут дьоҥҥо истиҥ махталларын биллэрдилэр.
Вячеслав Анатольевич бүгүҥҥү курдук үөрүүлээх, сырдык тэрээһин өрөспүүбүлүкэбитигэр күннэтэ буолбатын, таҥара дьиэтэ духуобунаһы тарҕатыыга үгүс омук дьону сомоҕолоон кэлбитин, нуучча, саха уонна атын да омуктар култуураларын сайыннарыыга төрүт уурбутун, кулуба Константин Алексеевич Попов тутууну көҕүлээн тэрийбитин, онуоха нэһилиэнньэ көмөтө, кылаата улаханын бэлиэтээтэ. Кини бу дьиэ истиэнэтигэр илиибитин уурдахпытына өбүгэлэрбит сылаас тыыннара баарын өйдүөх тустаахпыт диэн эттэ уонна бу улахан суолталаах тутууну баччааҥҥа диэри көрөн-истэн, харайан кэлбиттэригэр, Епархияны өйөөһүннэригэр олохтоохторго махтанна.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин хаалларыыга тус кылааттарын иһин улуус дьаһалтатын грамотатын Епархия мусуойун дириэктэригэр Валерий Дмитриевка, «Ленатааҕы холбоһуктаах өрүс пароходствотын» генеральнай дириэктэригэр Сергей Ларионовка, Епархия сүбэһитигэр, Мэҥэ Боҕуруоскай Таҥара дьиэтин бэпэчиитэлигэр Афанасий Мигалкиҥҥа, улуус баһылыгын Махтал суругун норуот маастарыгар Николай Макаровка, улуус уран тарбахтаах маастарыгар Саргылаана Сидороваҕа туттарда.
‒ Таҥара, мин санаабар, аан дойдуга биир, ‒ диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Иванович бэйэтин эҕэрдэ тылыгар. ‒ Кини хас биирдии омукка сырдыгы, ырааһы, кэрэни тарҕатарга, иҥэринэргэ улахан оруоллаах. Икки сүүс анараа өртүгэр ону таба өйдөөн биир дойдулаахпыт, Мэҥэ улууһун кулубата Константин Попов Бүтэйдээххэ Мэҥэ Боҕуруоскай таҥара дьиэтин туттардаҕа. Маннык XIX үйэттэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри бэйэтин урукку сэбэрэтин сүтэрбэккэ кэлбит мастан оҥоһуллубут тутуу Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Уһук Илик эрэгийиэҥҥэ соҕотох буолар. Ити улууспут, чуолаан Бүтэйдээх нэһилиэгин олохтоохторун хас эмэ көлүөнэ дьоно улахан суолталаах устуоруйа пааматынньыгар ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһан кэнчээри ыччаттарыгар тиэрдибиттэрин чаҕылхай туоһутунан буолар.
Бүтэйдээх нэһилиэгин баһылыга Айаан Чичахов ыҥырыылаах ыалдьыттарга, мустубут дьоҥҥо бэлиэ тэрээһининэн эҕэрдэтин тириэртэ, Таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэриигэ көмөлөспүт, өйөспүт дьоҥҥо Махтал суруктары, ол иһигэр, бастатан туран, нэһилиэк Бочуоттаах гражданинын аатын туоһулуур дастабырыанньаны, бэлиэни Мэҥэ Боҕуруоскай Таҥаратын дьиэтин бэпэчиитэлигэр, Епархия сүбэһитигэр Афанасий Мигалкиҥҥа туттарда.
Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Владыка Роман Таҥара дьиэтигэр көмөлөспүт биирдиилээн дьоҥҥо, дьиэ кэргэттэргэ, Бүтэйдээх орто оскуолатын бүтэрбиттэргэ махтал ис хоһоонноох грамоталары, суруктары уонна нэһилиэк баһылыгынан өр сылларга үлэлээбит Алексей Игнатьевка уонна кыраайы үөрэтээччи Константин Родионовка тус кылааттарын иһин Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи Епархия Евгений Священномученик (Зернов) III истиэпэннээх мэтээллэрин туттарда.
Тэрээһин туһунан «Эркээйи» хаһыат балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи нүөмэригэр сиһилии ааҕаарыҥ.
Алена ДОКТОРОВА.