Мэлдьэхси нэһилиэгэр «Далбар Хотун Татыйаана» диэн 5 оҕо күн-күбэй ийэтэ, элбэх сиэн элэккэй эбэтэ, сцена, успуорт бэтэрээнэ, норуот маастара, коммунистическэй үлэ удаарынньыга, соцкуоталаһыы кыайыылааҕа Татьяна Егоровна Колесова 85 сааһын көрсө оҕолоро ийэлэрин туһунан кинигэлэрин сүрэхтэниитэ ыытылынна.
Тэрээһин бастакы чааһыгар иистэнньэҥнэр күрэстэрэ ыытылынна. Күрэһи СӨ, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара Василий Андросов, маастар Надежда Авелева, бииргэ төрөөбүт балта Мотрена Платонова дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэстилэр.
Дьоруой Попов аатынан сопхуос отделениеларыттан Хорообуттан Ирина Кривогорницына, Бэдьимэттэн Ия Секова, Төхтүртэн Ньургуйаана Верховцева, Суолаттан Ольга Сокольникова, Лена Винокурова сахалыы эр киһи мааны ырбаахытын тигиигэ күөн көрүстүлэр. Түмүккэ «Тэтимнээх иистэнньэҥ» аатын Лена Винокурова, «Дьоҕурдаах иистэнньэҥ» ‒ Ольга Сокольникова, «Уран иистэнньэҥ» ‒ Ирина Кривогорницына, «Талба талаан» ‒ Ньургуйаана Верховцева бэлиэтэннилэр. «Чыпчаал иистэнньэҥ» аатын Ия Секова ылар чиэстэнэн Татьяна Егоровна олоҕун аргыһа Яков Шарин анал бирииһин 30 тыһыынча солк. бэлиэтэннэ.
Тэрээһин иккис чааһыгар кинигэ сүрэхтэннэ. Аал уоту төрөппүт улахан уола Владимир Шарин күндүлээтэ. Оҕолоро, сиэннэрэ эҕэрдэ нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр. Татьяна Егоровна, Яков Никитич 50 сыл олорбут олохторун сырдатар быыстапканы туруордулар.
Тэрээһини Екатерина Вензель ыытта. Ахтыылары түмэн улахан кыыһа Октябрина Шарина бэчээккэ бэлэмнээтэ, балта Елена Прокопьева эрэдээкийэлээн оҥордо. Кинигэ 116 страницалаах.
Татьяна Егоровна туһунан бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, алтыспыт дьоно-сэргэтэ сылаас иһирэх тылынан ахтыылары оҥордулар. Сандалы тардан дьиэ кэргэнэ күндүлээтилэр, кинигэни кытта Татьяна Егоровна астыыр чохоонноох лэппиэскэтин ыалдьыттарга бэлэх ууннулар, дьоро күнү оһуокайынан түмүктэннэ. Быраата Петр Варламов, сиэнэ Мария Шарина тута хоһуйан таһаардылар. Кэлбит дьон астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Надежда Андросова. Мэлдьэхси