Сахабыт сиригэр Сайылык күнэ, самаан сайын кэллэ, Ньукуолун күнэ үүннэ. Саха дьоно уһун кыстыгы этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнэр үөрүүлээх кэммит. Эбэлэр көмүөлтэн босхолонон ыраас уу сүүрүгүрэр, мутукча мүөттээх сыта алаастары толордо. Самаан сайыны уруйдаан кэҕэбит кэрээбэккэ этэр, күөх халлааҥҥа күөрэгэй дьурулуур көмүс дорҕооно кутуллар, дьиэ аайы алаадьы астанар, саламаат, кус миинэ буһар. Түптэ күөх буруота унааран, алаас ыала “һай-һат” диир сайылыкка тахсар күүтүүлээх кэмнэрэ, дьэ, кэллэ.
Төҥүлү Нөмүгүтүгэр Мээстиирдэр аймах сыдьааннара өлбүгэ сир оҥостон олохсуйбуттара 7 сыл буолла. Баишевтар аҕалара, эһэлэрэ Михаил Васильевич Баишев Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа улаханнык бааһыран 1943 с. дойдутугар эргиллэн кэлэр. Михаил Васильевич аҕатынан Нэммэрэттэн, ийэтинэн Тукулуйаттан төрүттээх. Кини “Мээстиир” диэн аатынан норуокка биллэр, түөрт киһи үлэтин үлэлиирэ диэн уос номоҕор сылдьар. Кэргэнэ Анастасия Сивцева – Аччыгый Настаа (иитиэх аҕатынан Николаевна) Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх. Мээстиирдэр аҕыс оҕону төрөппүттэрэ үлэһит, үөрэхтээх дьон буолан, ыччаттара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар айа-тута олороллор.
Мээстиирдэр орто уоллара Николай Баишев – Бойсуоп Куола уолаттарын Михаилы, Альберты тыа хаһаайыстыбатын түбүктээх үлэтигэр кыраларыттан сыһыаран, билигин Нөмүгүгэ үлэ күөстүү оргуйар.
Ыал улахан уола Михаил Баишев сылгы хаһаайыстыбалаах. Манна 50-чэ сылгылаах, ол иһигэр 17 убаһаны кыстаппыт. Билигин 10-ча биэтэ төрөөбүт.
Кыра уоллара Альберт Баишев бааһынай хаһаайыстыбата 118 сүөһүнү кыстыгы этэҥҥэ туоратан күөххэ үктэннэрдэ. Бу иһиттэн 35 ынах төрөөтө, ньирэйдэр этэҥҥэлэр, аны 20-чэ төрүүрэ күүтүллэр. Нөмүгүлэр үүттэрин “Хоту” ТХПК-гэр сылы эргиччи туттаран кэллилэр. 2023 с. 44 туонна үүтү туттарбыттар, быйыл 50 туоннаҕа тиэрдэр былааннаахтар.
Ынах сүөһүгэ Христина, Василий Баишевтар, Илья Стручков, Семен Петров илиилэрин араарбакка үлэлииллэр. Мария, Николай Баишевтар настаабынньыгынан сылдьаллар. Сайынын ыччаттарын түмэн бэйэлэрин сатабылларыгар уһуйаллар.
Николай Михайлович олоҕун аргыһа, тапталлаах кэргэнэ Мария Михайловна манна бас-көс киһилэрэ буолар. Кини ыйыытынан-кэрдиитинэн сөптөөх суолу тутуһан Нөмүгү хаһаайыстыбата чиҥник атаҕар турда. Ыал кыра оҕото, күүтүүлээх мааны кыыстара Диана Ефимова улууспут киинигэр Аллараа Бэстээххэ дьиэ-уот тэринэн олорор. Кэргэннээх, оҕолоох, муусука оскуолатыгар учууталлыыр.
Нөмүгүлэр былааннара киэҥ. СНП өрөмүөннээн 2 килэмиэтирдээх сиртэн турба тиийбэккэ 1300 миэтэрэлээх ханааба хаһан Ойбон Көлүйэ алааска уу бырахтаран абыраммыттар. “Тайга” ленточнай пилорама ылбыттар. 27 гектар сири күрүөлээн бурдук бааһыната оҥостон, сылгы мэччийэригэр оруос ыһар былааннаахтар. Суолларын-иистэрин оҥостоллор, саҥа хотон туттан сүөһүлэрин ахсаанын эбэр баҕалаахтар.
Ити курдук Мээстиирдэр сыдьааннара киэҥ эйгэнэн айаллар-туталлар, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар, олохпут туруга тупсарыгар кылааттарын киллэрсэн утумнаахтык үлэлииллэр-хамсыыллар.
Уйгу-быйаҥ сайын буоллун, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрдүн, эмис эт дэлэйдин диэн алгыс маанытын аныыбыт.
Марелла Баишева.