Ливантан сылдьар фотограф Виссам Хури Мөҥүрүөн нэһилиэгэр кэлэн ыалдьыттаан ааста.
Ыалдьыты бастаан нэһилиэк сиригэр киириигэ көрүстүбүт, сиэр быһыытынан саҥа үктэнэр киһини алаадьынан күндүлээтибит, сирбитин аһаттардыбыт.
Виссам Хури Саха сиригэр ахсынньы 2 күнүгэр кэлбит. Өймөкөөҥҥө сылдьан кэлэн баран бу Матта сиригэр кэллим диэн эттэ. Сүрүн сыала-соруга фотограф быһыытынан тыа сирин дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын кытта билсии, дьон мөссүөнүн хаартыскага түһэрии буолар эбит. Көрсүһүүгэ кэлбит дьону биирдиилээн сирэйдэрин тутан туран түһэртээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги ыраахтан ыалдьыт иһэрин истэн «Доруобуйа» кулууппут иһинэн эрдэттэн тэриммиппит. Ыалдьыппытын сахалыы сиэринэн балаҕаммыт көмүлүөк оһоҕун оттон, күндүлээтибит, алгысчыт Марков Константин Константинович тойук туойан алгыстаата.
Биһиги бэйэбит сахалыы таҥнан, сэмэй сандалы тардан айах туттубут. Кыратык алаадьы, сылгы этэ, хаана уонна дырыһааҥкыны амсайда. Тоҥ чыыр балыгы амсайан сөбүлээтэ, эрдэ «Махтал» рестораҥҥа амсайбытын, ол эрээри эһиги балыккыт минньигэс эбит диэн, туох балыгый диэн туоһуласта. Ону тэҥэ, ытык сирдэрбитин көрдөрдүбүт, ойбон алларыыны, сүөһүлэр уулуу киирэллэрин, сылгылары көрдөрбүппүтүн олус сэргээн, бэйэтин сыалын-соругун ситэн хаартыскаҕа түһэртээтэ.
Сахалыы таҥас кэтэн хаартыскага түһэригэр көрөдөспүппүтүгэр үөрүүнэн сөбүлэстэ. Виссам Хури наһаа истиҥ, көрсүө оҕо эбит. Кини 1989 сыллаах төрүөх Бейрут диэн Ливан дойдутуттан төрүттээх. Аан Дойдуга биллибит фотограф, искусствовед магистр эбит. Санкт-Петербурга, Минскэйгэ үөрэммит уонна бу Арассыыйа омуктарын интэриэһиргээн быйыл анаан-минээн үөрэтэ сылдьар эбит.
Елена Андросова