Алтынньы 19 күнүгэр Егор Кычкин аатынан Матта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Аллараа Бэстээххэ Тырааныспар техникумугар баар идэлэри билистибит.
«Билет в будущее» бырайыак иһинэн идэҕэ холонуу тэрээһин буолар. Техникум устудьуоннара уонна преподавателлэрэ кэрийэ сылдьан үөрэхтэрин сиһилии кэпсээтилэр.
Эксээмэн курдук туттаран холоннубут. Икки бөлөххө арахсан иһиттибит, көрдүбүт. Проводник уонна беспилотник идэлэрин устудьуоннартан иһиттибит.
Техникумҥа маннык идэлэргэ үөрэниэххэ сөп эбит: «сварщик», «мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей», «дежурный по железнодорожной станции/депо», «помощник машиниста поездов и локомотивов», «роводник пассажирского вагона», «оператор беспилотных аппаратов».
Вагоннар араас көрүҥнэрин көрбүппүт, проводник хайдах үлэлиирин биллибит, иккис бөлөх оҕолоругар беспилотник төһө ыраах көтөрүн көрдөрөн кэпсээбиттэр.
Маннык үөрэхтэргэ аттестатынан киириэххэ сөп. Кыргыттар проводник үөрэҕэр 18 сааһын туолбут кэнниттэн киирэн үөрэниэхтэрин сөп эбит.
Маннык наадалаах идэлэри илэ харахпытынан көрдүбүт, элбэҕи биллибит, астынныбыт. Мин проводник үөрэҕэр санааҕа кэллим.
Идэлэри билиһиннэрэ илдьэ сылдьыбыт салайааччыбытыгар Вероника Валерьевнаһа махтанабыт. Өссө атын идэлэри көрүөхпүт диэн эрэнэбит .
Даяна Кычкина, Матта орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, «Куорсун» пресс киин.