Матта оскуолата «Үүнүү» институту кытта бииргэ үлэлиэхпит

Дьиэ кэргэн уонна оҕо сылын көрсө Егор Дмитриевич Кычкин аатынан Матта орто оскуолатыгар бүгүн ыалдьыттар кэлэн аастылар.
Кинилэр биһиги оскуолабытын кытта бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсэр сыаллаах-соруктаах кэлбиттэр. Таарыччы бэрт дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэри ыыттылар.
Ол курдук, «Үүнүү» киһи сайдар института уонна биһиги оскуолабыт бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Ыалдьыттарбыт Афанасий Алексеевич Николаев историк учуонай, Любовь Семеновна Аргунова дьиэ кэргэн педагога уонна кыраайы үөрэтээччи Мария Егоровна Филиппова 7-11 кылаас оҕолоругар, төрөппүттэргэ уонна эбэлэргэ-эһэлэргэ киэҥ кэпсэтиилэри тэрийдилэр.
Мин Мария Егоровна ыыппыт секциятыгар баарым, кини бастаан биһигиттэн тоҕо Маттаҕа төрөөбүппүтүн ыйытта, биһиги толкуйга түстүбүт. Кырдьык, даҕаны ооус дириҥ историялаах, элбэх биллиилээх дьонноох-сэргэлээх сиргэ төрөөбүт эбиппит. Биһиги Маттабытынан, Саха сиринэн киэн туттуохтаах эбиппит. Хас биирдии бэйэбит испитигэр улахан күүстээхпитигэр итэҕэйдибит. Элбэх саҥаҕа үөрэнэн, хамсанан элбэҕи ситиһиэхпитин сөп эбит.
Каролина Аталларова, 8 кылаас