Майатааҕы лиссиэйгэ ‒ «Олоҥхо дьоро киэһэтэ»

И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэйгэ Олоҥхо дэкээдэтин  өрө көтөҕүллүүлээхтик  бэлиэтээтибит.

Лиссиэй медиатекатын иһинэн утумнаахтык ыытыллар «Родничок» литературнай кулууп чэрчитинэн орто кылаас үөрэнээччилэригэр анаан «Олоҥхо дьоро киэһэтэ» тэрээһин ыытылынна. Биллиилээх олоҥхоһут  Н.И.Степанов‒Ноорой сиэнэ, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ыыппыт  өрөспүүбүлүкэтээҕи  «Олоҥхо батл» күрэс кыайыылааҕа, олоҥхоһут Аксиния Степанова күндү ыалдьыт буолла. Хомустаан, олоҥхолоон оҕолор куттарын тутта, сүргэлэрин көтөхтө. Олоҥхо умсулҕаннаах эйгэтин устун ахсым айаны бэлэхтээтэ. Оҕолор махтаннылар, «Күн Эрили» олоҥхо ис хоһоонун ырытыстылар. 7 кылаас үөрэнээччилэрэ Слава Олесов, Костя  Лепчиков санааларын эттилэр. Итини таһынан олоҥхо дьыктаана ыытылынна. Улуустааҕы олоҥхоҕо аналлаах өйтөн суруйууга улуус оҕолоро уран тылга  күрэс былдьастылар, элбэх литератураны  хасыһан билиилэрин хаҥаттылар, сорохтор кыайыы амтанын билэн үөрдүлэр-көттүлэр.

Дэкээдэни тэрийээччилэр саха героическай эпоһа лицеистэр болҕомтолорун тардыбытынан,  сыал-сорук сиппитинэн аахтыбыт. Үөрэнээччилэргэ олоҥхо муударастарын, ураты тыынын, кэрэ кэпсээнин иҥэриммиттэрэ олохторугар бөҕө тирэх буолуоҕа диэн  эрэнэбит.

Мидена Петрова, Майатааҕы лиссиэй саха тылын, литературатын учуутала.