Киһиэхэ харах биир саамай сүрүн орган буоларын бары билэбит. Бу айылҕа биэрбит сүдү бэлэҕин харыстыах тустаахпыт. Билигин бу интернет үйэтигэр харах мөлтөөһүнэ биир сүрүн кыһалҕа буолла. Маныаха көмө буолаллар аптекалар, ачыкы атыылыыр салоннар.
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр Майаҕа Манчаары уулусса 4 нүөмэригэр турар “Максим” ырыынакка “Очки плюс” оптика салона аһылынна. Саҥа саҕалыыр урбаанньыт Петр Иванович Новак бастакы килийиэннэри үөрэ-көтө көрүстэ. Кини “Эркээйи” хаһыат ааҕааччыларыгар анаан маннык эттэ: “Майа сэлиэнньэтин олохтоохторун, ыалдьыттарын иннигэр ааммыт аһылынна. Былааммыт киэҥ. Харах көрүүтүн босхо бэрэбиэркэлиибит. Кылгас кэмҥэ эһиги сакааскытынан хайдах баҕарар көрүҥнээх ачыкыны оҥорон, өрөмүөннээн биэрэр сыаллаах-соруктаах үлэбитин саҕалаатыбыт”.
Манна оҕоҕо, дьахтарга, эр киһиэхэ сөптөөх бэлэм ачыкылар, контактнай линзалар, кинилэр раствордара, ачыкы аксессуардара атыыланаллар, алдьаммыт ачыкыны өрөмүөнүн итиэннэ ханнык ачыкыны сакаастыыргынан оҥорор өҥөлөр бааллар. Итини сэргэ, кварц, мэхээньикэ чаһылар өрөмүөннэрин оҥоруохтара. Сакааһы атыыһыт ылар. “Очки плюс” оптика салона бассаап бөлөҕөр эбэтэр телеграм ханаалыгар сурутуулаах дьоҥҥо 10 % чэпчэтиилээх. Салон аана аһыллаатын кытары бастакынан Майа олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Валерий Романов, Лоомтукаттан кэлбит ыалдьыттар Анна Павлова, Елена Игнатьева, о.д.а. киирэн бастакы атыылаһааччыларынан буолан бириис тутан үөрдүлэр.
Маҕаһыын үлэ күннэригэр 10-19 ч., субуотаҕа 10-18 ч. диэри үлэлиэҕэ, баскыһыанньаҕа өрүүр.
Марелла Баишева.