Майаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары быстах кэмҥэ тутар пуун үлэлиир

Майаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары быстах кэмҥэ тутар 50 төбө ыкка аналлаах пуун үлэлиир. Пуун Ходоро нэһилиэгин Күтэр Саахтаах диэн сиригэр баар.

Улууспут нэһилиэктэриттэн тутуллубут бэйдиэ сылдьар ыттар манна киирэн, бастаан 7 күн харантыыҥҥа тураллар. Ол кэннэ ыттарга быһыы туорараллар, аттыыллар эбэтэр төрөөбөт-ууһаабат гына баайаллар. Хас биирдии ыт хаартыската ыйанар, үтүө, мөкү өрүттэрэ телаграм ханаалга суруллар. Манан көрөн баҕалаах киһи ыт ииттэ ылыан сөп. Бу пууҥҥа ыттар куттала суох сиргэ туран, күҥҥэ иккитэ аһыыллар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын кытта дуогабар түһэрсэн, урбаанньыт Иннокентий Павлов үлэтин саҕалаата.

Босхо сылдьар ыттар оҕолорго, дьахталларга, аҕам саастаах дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэринэн, хаһаайыннар ыттаргытын баайыыга тутаргыт булгуччулаах.

Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата ыты уонна куосканы иитэр дьон сүрүн эбээһинэстэрин санатар.

Хас биирдии ыал ыт, куоска иитэ ыларыгар улахан эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Ыт, куоска хайаан да докумуоннаах буолуохтаах;

Уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар, үөрүнэн мустар ыт барыта хаһаайыннаах, дьиэлээх. Онон дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталы үөскэппэттэрин туһугар ыттаргытын булгуччу баайаргыт ирдэнэр;

Ыты, куосканы подъезтарга, уопсай дьиэ кирилиэһин былаһааккаларыгар, көрүдүөрдэргэ уо.д.а. элбэх дьон сылдьар сиригэр тутар бобуллар;

Ыты тутар дьон олбуордарын иһигэр быаҕа, сыапка тутуохтаахтар, олбуор таһыгар ыт тахсара көҥүллэммэт, дьиэ таһыгар ыт баарын туһунан сэрэтии суругу ыйыыргыт булгуччулаах;

Ыты уулуссаҕа кылгас быалаах, томторуктаах (намордниктаах) илдьэ сылдьыахтаахтар;

Ыттары, куоскалары оскуолаҕа, оҕо оонньуур былаһааккатыгар, маҕаһыыҥҥа уо.д.а. элбэх дьон сылдьар сирдэргэ батыһыннаран аҕалар бобуллар;

Ыттары, куоскалары ыйыллыбыт бириэмэҕэ бэтэринээрдэргэ көрдөрүөхтээхтэр, быһыылары (прививкалары) кэмигэр ылыахтаахтар;

Оҕолор бэйдиэ сылдьар ытынан, куосканан оонньууллара бобуллуохтаах.

Ыты, куосканы тутар дьон, эппиэтинэһи өйдөөн, бары быраабылалары кытаанахтык тутуһаллара ирдэнэр.

Хас биирдии ыал эппиэтинэстээхтик сыhыаннаhан, дьиэ кыылын баайа сырыттаҕына, бу кыаллар боппуруос буоларын өйдүөх тустааххыт.