Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата оскуола оҕолоро сынньанар кэмнэрин көдьүүстээхтик атааралларыгар, эттэрин-хааннарын чэбдигирдэллэригэр анаан элбэх хайысханан араас хабааннаах үлэни ыытар. Олортон биирдэстэринэн Сэбиэскэй уулуссаҕа турар хоккей куорда буолар. Маны үлэһиттэр мэлдьи хаарын ыраастыы, көрө-истэ сылдьаллар. Манна оскуола оҕолоро уһун өрөбүллэригэр күннэтэ мустан кыһыҥҥы кэмҥэ хоккей, сылаас кэмҥэ сүүрүүлээх-көтүүлээх араас оонньуулары оонньоон, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаараллар.
Алтынньы тиһэх күнүгэр үлэбиттэн дьиэлээн иһэн элбэх оҕо оонньуу сылдьарын көрөн туорааммын уста туран, баһылык Алексей Неустроев бэйэтинэн хоккейдыы сылдьарын көрөн ордук үөрдүм. Сөҕөрүм диэн баар – бу салайааччы үлэ буоллун, сынньалаҥ буоллун, барытыгар бэйэтинэн холобур буолан тэҥҥэ сылдьарын.
Утары тиийэммин бу туһунан кылгастык кэпсииригэр көрдөстүм.
Алексей Иннокентьевич тута сөбүлэстэ. Кини: “Быйылгы сылга оскуола оҕолорун хоккейга дьарыктааһыммытын саҕалаатыбыт. Маннык үлэлээбиппит хаһыс да сылбыт. “Манчаары” успуорт кулууп оҕолоругар сүрүн тириэньэринэн Дмитрий Игнатьев көҕүлээн үлэлиир. Оҕолор сылаас дьиэҕэ таҥастарын уларыттар усулуобуйалара оҥоһулунна. Онно-манна таах сылдьыахтааҕар, төлөпүөҥҥэ уһуннук олоруохтааҕар манна кэлэн сибиэһэй салгыҥҥа оонньууллара, сынньаналлара наада”, ‒ диэн сырдатта.
Оҕолор маннык сынньалаҥҥа наадыйаллара биллэр, үүнэр-сайдар баҕалаахтара көстөр. Ол төрүөтүнэн кинилэр үөрүү-көтүү аргыстаах сүүрэ-көтө, оонньуу, эрчиллэ сылдьаллара көрүөхтэн кэрэ.
Марелла Баишева.