Майа, Хара, Чүүйэ нэһилиэктэрэ тэҥҥэ сайдар былааннарын ырытыстылар

Майа, Хара, Чүүйэ нэһилиэктэрэ – олох-дьаһах араас эйгэтигэр үгүс ситимнэһэр өрүттэрдээх чугас-чугас сытар нэһилиэнньэлээх пууннар буолаллар. Ону латыынтан киирбит «агломерация» (холбооһун, түмүү) диэн тылынан быһаараллар.

Бу үс сэлиэнньэ тэҥҥэ сайдыыларын барылын нэһилиэнньэ иннигэр улуустааҕы архитектура управлениетын үлэһиттэрэ билиһиннэрдилэр. Алтынньы ый 31 күнүгэр Майа сэлиэнньэтин «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай киинигэр буолбут көрсүһүүгэ управление салайааччыта Мария Егорова, сүрүннүүр инженер Павел Винокуров, юрист Анна Кондратьева, графическай дизайнер Валентин Березкин, архитектор Григорий Владимиров – састааптаах бөлөх олохтоох дьону түмэн, агломерация маастар былаанын сиһилии кэпсээтилэр.

Бу боппуруоска, бастатан туран, нэһилиэктэр хайдах тэриллэн, сайдан кэлбиттэрин туһунан устуоруйа чахчыларыгар итиэннэ нэһилиэнньэ ортотугар 2 ый устата ыытыллыбыт социологическай ыйытык түмүгэр олоҕуран иһитиннэрии оҥордулар.

Маастар былаан диэн нэһилиэк (нэһилиэктэр холбоһуктара) инники сылларга сайдар уопсай былаана буолар. Бу тутуу, архитектура итиэннэ анал исписэлиистэргэ эрэ буолбакка, киһиэхэ барытыгар өйдөнөр, нэһилиэнньэ баҕатын учуоттуур докумуон буолар. Маастар былаан икки – ырытар уонна бырайактыыр – сүрүн чаастартан турар. Бастакы, ырытар чааһыгар маастар былаан оҥоһуллуохтаах сирин устуоруйатын, култууратын, социальнай-экэнэмиичэскэй тутулун уонна уратытын үөрэтэн быһаарыллар. Иккис, бырайыактыыр чааһыгар үөрэтиллибиккэ, ырытыллыбыкка олоҕуран, дьоҥҥо наадалаах уонна туһааннаах бырайыактары маастар былааҥҥа киллэрэллэр.

Көрсүһүү иккис чааһыгар «Көҥүлэ суох тутуу» диэн тугун, көрүҥнэрин, ханнык түгэҥҥэ көтүртэриэхтэрин сөбүн туһунан юрист Анна Кондратьева дьоҥҥо сэрэтии үлэтин ыытта. Ол курдук, Майаҕа сорох чааһынай дьиэлэр, маҕаһыыннар кыраныыссаны кэһэн, наһаа ыкса туттубуттар. Маннык түгэҥҥэ бастаан сэрэтии быһыытынан сурук суруллар, ол кэннэ көннөрбөтөхтөрүнэ, дьыала суукка баран, көҥүлэ суох тутуу көтүрүүгэ барарын туһунан иһитиннэрдилэр. Маннык быһыы-майгы инникитин тахсыбатын туһугар Майа, Чүүйэ, Хара нэһилиэктэрин олохтоохторугар сиһилии билиһиннэрдилэр, сокуон хараҕынан быһаардылар.