“Махтал эйиэхэ – Күн тэҥэ киһиэхэ…”

Бүгүн, алтынньы 18 күнүгэр Саха сирин ийэлэрин күнүгэр анаан Майаҕа “Кыталык” уопсастыбаннай кииҥҥэ улуустааҕы социальнай бэлиитикэ управлениетын, И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрин уонна Майа дьахталларын сэбиэтин  көҕүлээһиннэринэн “Махтал эйиэхэ – Күн тэҥэ киһиэхэ…” истиҥ көрсүһүү түһүлгэтэ тэриллэн ыытылынна. 

Хас биирдии киһиэхэ бу Орто дойдуга саамай чугас киһитинэн төрөппүт ийэтэ буолар.  Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан 1993 сылтан алтынньы үһүс нэдиэлэтэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Ийэлэрин күнүнэн бигэргэммитэ. 

Дьоро күҥҥэ олохтоохтору сэргэ нэһилиэктэртэн кэрэ аҥардар кэлэн сааланы толордулар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Кини этиититтэн кылгастык сырдаттахха: “Күндү ийэлэри Саха сиригэр 31-с төгүлүн ыытыллар Ийэ күнүнэн барыгытын улууспут баһылыга Дмитрий Тихонов, улуус дьокутааттарын сэбиэтин уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэбит салалтата ийэлэргэ аналлаах элбэх араас тэрээһиннэри, чэпчэтиилэри оҥордо. 2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сылынан биллэриллэн 5 оҕоттон элбэх оҕолоох ийэлэр түргэнник дьиэ ылар буолбуттара, 3 оҕоттон элбэх оҕолоох ыалларга учаастак сирэ бэриллибитэ. Быйыл мөлүйүөнүс оҕобут төрөөбүтэ. Саха сирэ оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэ, Арассыыйаҕа 7 иһигэр киирэр”, диэн ыытыллан кэлбит үлэни-хамнаһы сэгэтэн сүргэни көтөхтө.

Майаҕа “Одри бьюти” кэрэ буолуу салона арыллан үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Салайааччы Мария Григорьева элбэх оҕолоох ийэ буолар. Кини бэйэни көрүнүүгэ сүбэлэри биэрдэ уонна сахалыы сиэргэ-туомҥа туттуллар эмтээх оттордоох сахалыы кытыйа, көмүлүөк атыыга аҕалан кытынна.

Сэлиэнньэ киинигэр саҥа арыллыбыт «Фловерс” сибэкки салонун хаһаайкалара Анастасия Лепчикова, Диана Павлова сибэкки арааһын аҕалан тэлгэтэн кэрэ көстүүнү бэлэхтээтилэр итиэннэ сибэкки көрүүтүгэр сүбэлэри биэрдилэр. “Арт-терапия” уруһуй абылаҥар угуйар түһүмэҕи Аллараа Бэстээхтэн кэлэн Оксана Захарова ыытта. Кини дьарыгар элбэх эдэр ийэлэр көхтөөхтүк кыттан бэйэлэригэр сыһыаннаах туһалаах сүбэлэри ыллылар. Чөл, чэгиэн туруктаах буоларга эти-хааны эрчийэр йога дьарыгын анал үөрэхтээх, 2 оҕолоох ийэ Людмила Зайкова ыытта. Манна эрчиллиигэ сылдьар кэрэ аҥардар эти-сиини тупсарар хамсаныылары көрдөрдүлэр. “Надис” таҥас маҕаһыынын хаһаайката, урбаанньыт, элбэх оҕолоох ийэ Надежда Семенова аныгы муода ирдэбилигэр сөп түбэһэр мааны  таҥастарын Аграфена Зыкова, Жанна Тумусова уонна Марфа Максимова кэтэн хааман көрдөрдүлэр. “Сюцай” сыыппаранан уйулҕа үөрэҕэ тугу кэпсиирин Евдокия Решетникова, Виктория Бурнашева киэҥник сырдаттылар. Акулина Сыроватская “Дримтера” фирма доруобуйаны тупсарар табаардарын уонна натуральнай таастартан киэргэллэрин аҕалан кытынна. Элбэх оҕолоох, минньигэс астаах эдэр ийэ Раиса Бурнашева мааны сандалы бэчиэнньэлэрин ойууларыгар маастар кылаас ыытта. 

“Битва поваров” асчыт ийэлэр күрэхтэһиилэригэр  Валентина Мартынова, Февронья Харитонова уонна Мария Григорьева кыттан сонун, минньигэс   бүлүүдэлэринэн тэрээһин кыттыылаахтарын күндүлээтилэр. Кыайыылааҕынан өр сылларга асчытынан үлэлээбит Валентина Мартынова таҕыста. Тэрийээччилэр ааттарыттан кыттыылаахтарга барыларыгар Махтал суруктар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Тэрээһини Игорь Игнатьев, Улмас Федоров, Василий Марков ыллаан, Виктория Исакова, Илья Крылов бальнай үҥкүүнэн киэргэттилэр. Тэрээһин кыттыылаахтара  инструктор Саргылана Павлова көҕүлээһининэн флешмоб үҥкүүлээтилэр.

Ийэлэргэ анаммыт дьоро күнү Игорь Игнатьев, Аграфена Зыкова өрө көтөҕүллүүлээхтик иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ураты кэрэ уонна сэргэх тэрээһинтэн ийэлэр элбэх саҥаны көрөн-истэн бэйэлэригэр, дьиэ кэргэттэригэр туһалааҕы иҥэринэн, махтанан тарҕастылар.

Марелла Баишева.