Отчуоттуур бөлөх күн иккис аҥарыгар I Тыыллыма нэһилиэгэр үлэлээтэ. Лоомтукаҕа улуус баһылыгын отчуотугар А.М.Алексеев аатынан култуура киинигэр 83 киһи муһунна.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэ туһунан иһитиннэриитин кэнниттэн олохтоохтор үгүс ыйытыы биэрэн мунаарар кыһалҕаларыгар хоруйдары ыллылар. Кинилэр сүөһү ыларга, ынах төбөтүгэр, хотон туттуутугар бэриллэр субсидиялар тустарынан, инньэ «Манчаары» тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын соҕотуопкалыыр кииҥҥэ үүт туттарбыт харчылара хаһан кэлэрин, сири, оттуур ходуһаны туһаныы курдук, о.д.а. тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах элбэх ыйытыылары биэрдилэр. Лоомтукаҕа сотору кэминэн гаас ситимэ кэлэринэн, чопчу болдьоҕун, эдэр ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга, уот лииньийэтин күүһүрдүүгэ туох былааннар баалларын туоһуластылар.
Майаттан Лоомтукаҕа диэри гаас ситимин тардыыга үлэ саҕаланыахтааҕын, «Сахатранснефтегаз» улуустааҕы салалтата нэһилиэккэ тахсан билиһиннэрии үлэтин саҕалаабытын, гааһы үллэрэр икки пуун туруохтааҕын, 234 ыал күөх төлөн ситимигэр холбонорун туһунан иһитиннэрдилэр.
Нэһилиэккэ сир, оттуур ходуһа аҕыйах буолан сүөһүнү элбэтэр кыах суоҕун Владимир Алексеев эттэ. Кини этиитин ситэрэн Николай Игнатьев уонтан тахсалыы сыл оттооботох сирдээх дьон баалларын, онно талах үүнэн, лаҥха буолар, ходуһа оттонуохтаах диэн санаатын үллэһиннэ. Урукку өттүгэр нэһилиэккэ үүт туттарааччы элбэх этэ, билигин үс эрэ бааһынай хаһаайыстыбата туттарар, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон эмиэ үүттэрин туттараллара буоллар дохуоттаах да буолуо этилэр диэн санаатын Светлана Захарова үллэһиннэ.
Сылгыны иитиинэн дьарыктанар Николай Игнатьев кыһыҥҥы базаҕа барар суолу астаралларыгар көмө туруоруста итиэннэ оҕону-ыччаты иитиигэ, төрүт дьарыгы, үгэһи билэр, сатабыллаах буола улаатарыгар болҕомто ууруохха, эспэдьииссийэлэри тэрийэн суолталаах сирдэри, билиилээх дьону кытта көрүһүннэриэххэ, билиһиннэриэххэ диэн санаатын үллэһиннэ. Сылгыһыттар, пиэрмэ, оҕуруот үлэһиттэрин хамнастарын ааҕыыга хотугу эбилик, оройуон кээписсиэнэ учуоттаммата сөбө суоҕун, оҕону үлэнэн иитии суолтатын туһунан Виктор Корякин эттэ.
Дмитрий Григорьев элбэх ыал киинтэн ититиигэ холбонон билигин сынньалаҥнык олорорун, Виталий Никифоров үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тутуллубут култуура киинэ өрөмүөнү эрэйэрин бэлиэтээн эттилэр.
Мас дьиэ акылаата эргэрэр, ити биричиинэнэн нэһилиэк аайы үгүс дьиэ быраҕыллан иччитэх турар, эдэр дьон тыа сириттэн ол иһин куоталлар, саастаах дьоҥҥо бу боппуруоска туох эмэ көмө, өйөбүл баар буоларын эбэтэр бырагыраама ылылларын туруорсуу үлэтин саҕалыахха диэн сир-сир аайы баар кыһалҕаны Михаил Федоров этиннэ.
Баһылык отчуотугар кыттыыны ылбыт Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах дьокутааттара Олег Марков уонна Тихон Скрябин дьокутаат быһыытынан үлэлэрин сырдаттылар, тыа сирин дьонун кыһалҕатын, туруорсуутун иһиттилэр, ону быһаарыыга, чэпчэтиһиигэ салгыы бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин эттилэр.
Февронья ОХЛОПКОВА.