Лааҕырга оҕолору минньигэс аһынан хааччыйдылар

Майаҕа «Манчаары» успуорт лааҕырыгар үс сезонунан барыта 100 оҕо сынньанна.

Лааҕыр оҕолорун минньигэс, тотоойу, битэмииннээх аһылыгынан сайын устата «Кыталык» кафе хааччыйда.
Кафе Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр баар. Биир үтүө күн оҕолор сарсыардааҥҥы аһылыктарыгар  9 чааска тиийэ  сырыттым. Менюга асчыттар минньигэс араас  куруппаттан хааһылары,  бичиэнньэни, сибиэһэй фруктаны бэлэмнииллэр.
Лааҕыр оҕолоро манна күҥҥэ иккитэ кэлэн аһыыллар. Эбиэккэ кэллэхтэринэ
түөртүргүлүүр аһылыктарын биэрэн ыыталлар. Онон үстэ аһыыллар.
«Манчаары» лааҕыр оҕолоро, төрөппүттэрэ үбүлээһин көрүллэн астарыгар туох да кыһалҕаны көрсүбэтэхтэригэр уонна минньигэс астаас кафе үлэһиттэригэр  махталлара улазан.
Лааҕыр үс сезонун арылллар уонна сабыллар күннэригэр кафе үлэһиттэрэ бырааһынньыктааҕы остуол бэлэмнээн бэлэхтээтилэр.

Иван Лукин.