Кэмпириэнсийэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтэ кыттыыны ылла. Делегация састаабыгар М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет проректора Ньургун Максимов, история факультетын декана Наталья Стручкова, суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров бааллар.
Сирэй кыттыылаах уонна куйаар нөҥүө холбонуулаах конференцияҕа Арассыыйа Федерациятын, Белоруссия, Кыргызстан, Казахстан, Саха Сирин (чуолаан Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет) учуонайдара, чинчийээччилэрэ кытыннылар.
Александр Жирков кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын анал эҕэрдэтин тиэртэ. Айсен Николаев Эҕэрдэ суругар Кыргызстан уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэлэрин салалталарыгар, конференция кыттыылаахтарыгар саха норуотун уһулуччулаах уола Максим Кирович Аммосов туһунан үтүө өйдөбүллэрин, дириҥ кэриэстэбиллэрин иһин саха норуотун аатыттан махталын тиэртэ. Максим Кирович Аммосов кылгас эрээри, баай ис хоһоонноох олоҕор үс өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалаах буолуутугар, түүр омук бу норуоттарыгар оҥорбут үтүөтэ умнуллубат сүдү суолталаах. Ол да иһин кини туһунан өлбөөдүйбэт өйдөбүл бүтүн дойдуга, саха, кыргыз уонна казах дьонугар өрүү тыыннаах. Кыргызстааҥҥа Максим Аммосовка аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах кэмпириэнсийэ чаҕылхай Максим олохтообут үтүө дьыалата салҕана, байытылла турарын, бииргэ үлэлээһин үгэстэрин бөҕөргөтөр аналлааҕын дьиҥ туоһутунан буолла.
Александр Жирков конференцияҕа ырытыллар боппуруос урукку өттүгэр биирдиилээн чинчийиилэртэн ураты, өр кэм устатыгар ахтыллыбакка сылдьыбытын туһунан эттэ. “Омук национальнай интэлигиэнсийэтэ үөскээһинигэр, культура уонна общество сайдыытыгар омук бас-көс дьонун быһыытынан билиниллибит салайааччылар, лиидэрдэр, сирдьит дьон суолталарын, өҥөлөрүн чинчийиигэ бүгүн олус кэрэхсэбиллээх кэпсэтии саҕаланна”, — диэн Саха сирин Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ анаан бэлиэтээтэ.
Салгыы Александр Жирков бу сырыытыгар Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сэкирэтээрэ Сүйүнбек Касмамбетовы, Кыргызстан парламенын ‒ Жогорку Кенеш салалтатын, Алыкул Осмонов аатынан Национальнай бибилэтиэкэ уонна Кыргызстан национальнай историческай мусуойун салалталарын, Жусуп Баласагын аатынан Кыргызстан национальнай университетын ректорын кытта көрсүтэлээтэ.
Саха сирин дэлэгээссийэтэ Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр баар кэмигэр улуу гуманист суруйааччы Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах Арассыыйа Федерациятын култууратын күннэрэ ыытылыннылар. Арассыыйа Федерациятын култууратын күннэрин чэрчитинэн Александр Жирков КӨ Национальнай библиотекатыгар уонна КӨ Национальнай мусуойугар «Под знаком Чингиза Айтматова» түмсүүлэргэ кытынна, бу тэрээһиннэргэ мустубут араас омук бэрэстэбиитэллэрин иннигэр Чингиз Айтматовы, Максим Аммосовы уонна Саха сирин ситимниир дьоһун иһитиннэриилэри оҥордо.
Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын дьаһалтатыгар көрсүһүүгэ Александр Жирков Кыргызстан судаарыстыбаннай сэкирэтээригэр Сүйүнбек Касмамбетовка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Чингиз Айтматов 95 сааһынан эҕэрдэтин тиэртэ. Көрсүһүү түмүгүнэн Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сэкирэтээрэ Саха сирин официальнай дэлэгээссийэтин кэлэр 2024 сылга кыргыз норуотун судаарыстыбаннаһын 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ кытталларыгар ыҥырда.
Кыргызстан уонна Саха сирин парламеннарын бииргэ үлэлээһиннэрин, омуктар култуураларын алтыһыыларын уонна уопсастыбаннай сибээстэри бөҕөргөтүүгэ, уруулуу омуктар мэҥэ тойуктарын эпическай нэһилиэстибэлэрин харыстаһыыга, Чингиз Айтматов, Максим Аммосов ааттарын салгыы үйэтитиигэ үлэлэр туһунан кэпсэтии буолла.
Алыкул Осмонов аатынан Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин Нурия Байсаковалыын Александр Николаевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин кытта ыкса сибээстээх үлэни ыытыы тула кэпсэттэ уонна «Айар» национальнай кинигэ кыһата таһаарбыт кинигэлэрин бэлэх туттарда.
Салгыы Александр Жирков Российскай Федерация Култууратын министиэристибэтин өйөбүлүнэн Кыргызстаҥҥа Арассыыйа күннэрин ыытыы чэрчитинэн туруоруллубут В.И. Даль аатынан Арассыыйа литературатын устуоруйатын Судаарыстыбаннай түмэлин пуондатын «Под знаком Чингиза Айтматова» быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. Кини тыл этэригэр кыргыз норуотун уһулуччулаах уола, улуу гуманист-суруйааччы Чингиз Торекулович Айтматов төрөөбүтэ 95 сылын Кыргызстан эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар тиийэ бэлиэтээбиттэрин ахтан туран, кыргыз норуотугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьонун аатыттан эҕэрдэни тиэртэ.
Ону таһынан Александр Николаевич Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай историческай түмэлин дириэктэрин Жылдыз Бакашованы кытта бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр устуоруйаларын, култуураларын нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа гуманитарнай хайысханан салгыы бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтэ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтигэр сырыытын түмүгүнэн бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэргэ култуура, билим уонна үөрэх тэрилтэлэрин гуманитарнай хайысханан бииргэ үлэлээһиннэрин салгыы бөҕөргөтүү улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр, чугастааҕы кэмнэргэ кыттыгас былааннары чопчулаатылар, тэрээһиннэри ыытары быһаарыстылар.
Сергей Васильев