Кулун тутар 7 күнүгэр Чыамайыкы орто оскуолатын иһинэн «Мини Мисс и Мисс ЧСОШ 2024» диэн кэрэ кыргыттар күрэхстэрэ буолан ааста. Күрэс түһүмэхтэригэр: бэйэни билиһиннэрии, талаан көрдөрүү, мааны былааччыйалаах дефиле, кыра кыргыттарга сөбүлүүр дьиэтээҕи кыылларын туһунан кэпсээһин, улахан кылаас кыргыттарыгар дьиэлэриттэн пирог астаан аҕалааһын баара.
Оскуолабытыгар бу нэдиэлэ 4 күнүн устата кыттааччылар этиллибит дресс-кодунан таҥнан кэлиэхтээх этилэр. 1 күн — «день косичек», 2 күн — «день украшений и макияжа», 3 күн — «сибэккинэн симэммит күн», 4 күн — «мамин гардероб».
Уопсайа алын кылаастарга 7 кыыс, 5-8 кылаастарга 7 кыыс кыттыбыта. Кыргыттар бары анал ааттары уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туппуттара. Күрэх түмүгүнэн, «Мини мисс ЧСОШ 2024» аатын 2 кылаас үөрэнээччитэ Дьячковская Алина сүкпүтэ, онтон «Мисс ЧСОШ 2024» 8 кылаас үөрэнээччитэ Романова Настя буолбута.
Мин былырыыҥҥы “Мисс ЧСОШ 2023” кыайан, быйыл дьүүллүүр сүбэҕэ баарым. 10 кылаас үөрэнээччитэ Николаев Михаил, 11 кылаас үөрэнээччитэ Андрей Куприянов уонна оскуолабыт үлэһитэ Федоров Николай Петрович буолан кыттааччы кыргыттары сыаналаабыппыт.
Кыргыттар бары кыһаллыбыттар уонна бэлэмнэммиттэр этэ. Күрэһи олус сөбүлээтим, сэҥээрдим.
Азиза Копырина, 10 кылаас «Проба пера» эдэр корреспондена