Алтынньы 14 күнүгэр аҕам саастаахтар декадаларын түмүктүүр тэрээһин буолан ааста. Дьоро киэһэни баһылык Гаврил Ефимов эҕэрдэ тылынан аста уонна нэһилиэкпит олохтоохторун Татьяна Шестакованы, Полина Слепцованы 70 саастарынан эҕэрдэлээн туран сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Итии чэйдээх остуол тула мустан аҕам саастаахтарбыт эдэр ыччат туруорбут тыыннаах музыка доҕуһуоллаах эҕэрдэ кэнсиэрин көрдүлэр, араас бириистээх остуол оонньууларыгар көхтөөхтүк кытыннылар. «Миэнэ минньигэс» оригинальнай блюдо күрэҕэр Елена Шестакова сахалыы чохоонноох лэппиэски, бутугас, баахыла астаан аҕалан кыайыылаах аатын ылла. Вера Портнягина, Раиса Федорова, Прасковья Шестакова, Елена Попова минньигэс блюдоларынан кэлбит ыалдьыттары күндүлээтилэр. Бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Дэкээдэ чэрчитинэн ыччаттар соҕотох олорор Светлана Григорьеваҕа эргэ күрүөнү көтүрэн эрбээн оһоххо оттуллар гына саһааннаан бэлэмнээтилэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ бэтэрээн үлэһиттэргэ тимуровскай үлэлэри ыыттылар. Далбарай дьахтар түмсүүтэ тыыл бэтэрээнигэр, сэрии сылын оҕолоругар отоннору түҥэттилэр.
Куруутун күүс-көмө, сүбэ-ама буолар аҕам саастаах дьоммутугар баҕарыахпыт этэ эдэрдии эрчими, чэгиэн туругу, нус-хас олоҕу! Эһиги биһиэхэ холобур буолаҕыт.
Вероника Лаврова,
Холгума нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ