Эҕэрдэ
Эһигини барыгытын Билии күнүнэн, саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан улууспут үтүө үлэһит дьонун, салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Саҥа үөрэх дьыла биһиги улууспутугар ураты бэлиэ суолталаах.
Ол курдук, 1874 сыллаахха 2-с Тыыллыма Бочуоттаах инородеһа, сахалартан бастакы мэссэнээт Герасим Иванович Соловьев улууспут бастакы оскуолатын Ороссолуодаҕа төрүттээбит. Онон быйылгы үөрэх дьылыгар улууспутугар үөрэхтээһин тэриллибитэ үбүлүөйдээх 150 сылын үрдүк таһымҥа бэлиэтиэхпит.
Быйыл Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сылыгар улууспут оскуолаларыгар 5939 үөрэнээччи билиини сомсуохтара, орто үөрэх кыһаларыгар 430-ча устудьуон идэлэрин баһылыырга дьулуһуохтара. 583 кырачаан үөрэх-билии киэҥ аартыгар аан маҥнайгытын үктэниэҕэ, 11 кылааска тахсыбыт 399 үөрэнээччи ылбыт билиилэрин тургутар эксээмэннэри ааһыахтара.
Үөрэх, билии – сүдү баай, уйгулаах олох төрдө. Хас биирдии киһи ситиһиитэ билиини ылбыт, үөрэммит оскуолатыттан саҕаланар. Бу кэмҥэ ис санааны, сатабылы барытын түмэн, олоҕун дьарыгын, сөбүлүүр идэҕин талыы –үөрэнээччи сүрүн сыала. Онон биһиги сорукпутунан үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ, хас биирдии үөрэнээччи идэтин таба талыытыгар сөптөөх үлэни тэрийии буолар.
Күндү үөрэнээччилэр, устудьуоннар, учууталлар! Хас биирдиигитигэр үрдүк ситиһиилэри, саҥаттан саҥа киэҥ, сырдык арыйыылары, аһаҕас алгыстаах аартыктары баҕарабын.
Дмитрий Тихонов, улуус баһылыга.