Күн күбэй ийэлэргэ анаан – ис сүрэхтэн

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбыннай кииҥҥэ күн күбэй ийэлэрбитигэр, эйэҕэс эбэлэрбитигэр аналлаах “Ис сүрэхтэн” диэн биэчэр тэрилиннэ.

Бырааһынньыгы Дьиэ кэргэҥҥэ улуустааҕы социальнай-психологическай өйөбүл киинин үлэһиттэрэ көҕүлээн ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ мустар кэмин кырыымпа алыптаах тыаһынан Мария Иванова киэргэттэ. Ытык саастаах эдьиийбит Анна Климентова түһүлгэни алгыһынан арыйда. Хас биирдии кэлбит ыалдьыкка уйулҕа үлэһиттэрэ кытыан оту бэлэх ууннулар.

«Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин дьиэ кэргэнин киинин салайааччыта Владлена Павлова биэчэргэ кэлбит ийэлэргэ эҕэрдэ истиҥ тылларын эттэ. Салгыы кинилэргэ анаан араас сатабылларга үөрэтэр маастар кылаастар буоллулар.

Татьяна Михайлова саха мааны аһылыгын саламааты астаан көрдөрдө, ол кэннэ кэлбит ыалдьыттарга, арыылаах алаадьыны кытары саламаатынан айах туттулар. Мария Иванова хомус дьүрүһүйэр тыаһынан эҕэрдэлээтэ уонна эмиэ маастар кылаас ыытта. «Кэрэ көстүү» диэн маастар кылааска «Лилия» салонтан парикмахер Сардаана Нестерова кэлэн биир кэрэ аҥары буор босхо баттаҕын кырыйда, сэбэрэтин тупсарда. Лидия Андреева киһи доруобуйатыгар сөпкө тыыныы суолтатын быһааран, ньымаларын көрдөрөн биэрдэ, эрчийдэ. Виктория Бурнашева «Сюцай» үөрэҕинэн сыыппара кистэлэҥнэрин туһунан сырдатта. Уйулҕа үлэһиттэрэ арт-терапия нөҥүө Төрүччу маһын уруһуйдаттылар. Түмүккэ оһуокай түмсүүтүн кыттыылаахтара төрүт үҥкүүнү, көрү-нары көҕүлүүттэн туттулар.

Кэлбит ийэлэр махтанан, инникитин өссө да маннык тэрээһиннэр буола турдуннар диэн баҕа санааларын этэн тарҕастылар.