«Чүөчээски» испэктээкил тыйаатыр эйгэтигэр умсугутта

Биһиги, Павловскай оскуолатын үөрэнээччилэрэ, каникул кэмигэр Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан тыйаатыр артыыстара туруорбут “Чүөчээски” испэктээкили көрдүбүт. Биһигини тыйаатырга  саха тылын учуутала Маргарита Петровна илдьэ сырытта.  Тыйаатыр дьиэтэ олус киэҥ-куоҥ, ыраас, сырдык эбит. Саала иһэ толору. Артыыстар олус итэҕэтиилээхтик оонньоотулар, оҕолор мэниктээбэккэ, олус сэргээн көрдүбүт. Ордук Чүөчээски оруолун оонньуурун сөбүлээтибит. Чүөчээски чиэһинэй уол эбит. Абааһы, ойуун уобараһа киирэн биэрбитэ киһини сөхтөрөр уонна толкуйдатар.

Кылааһынан бары бииргэ сылдьан, биир умнуллубат түгэн буолла. Уонна биһиги кылаас бэйэбит испэктээкил туруоран, ахсынньыга көрдөрүөхтээхпит, “Туос мааскы” куонкуруска кыттыахтаахпыт. Биһиги кылаастан артыыс буолуон оҕолор элбэхтэр. Өссө да тыйаатырга сылдьыахпыт, кэрэ эйгэҕэ умсугуйар олус туһалаах.

Оконешникова Алеся,

В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ