«Кыайыы буойаһа» сөхтөрүөҕүн сөхтөрдө

Балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр Аллараа Бэстээх вокзалыгар “Кыайыы буойаһа” көһө сылдьар мусуой кэлэн барда. Биһиги чугас олорор буоламмыт, алтыс кылаастан саҕалаан уон биирис  кылаас үөрэнээччилэрэ 227 оҕо бүттүүн мусуойу илэ харахпытынан көрөн кэллибит.  Экспозиция барыта 10 вагонтан турар. Хас биирдиитигэр Аҕа дойду улуу сэриитин кэрчик кэмнэрин көрдөрөр. Ол курдук, бастакы көмүскэнэр эпэрээссийэлэр, окуопалар, Ленинград блокадата, уо.д.а. Манна санитардарга аналлаах вагон, эмиэ баар. Араанньы буолбут саллааттары биинтэлии, эпэрээссийэлии турар түгэннэр көстөллөр. Воскаттан оҥоһуллубут фигуралар дьиҥнээх дьон курдуктар этэ. Бэл, баанньык вагонугар баанньык сыта кэлэргэ дылы этэ. Салгыы мусуойу илэ харахтарынан көрбүт учууталлар, үөрэнээччилэр санааларын ааҕыаҕыҥ.

 

Анна Александровна Протодьяконова: — Мусуойу көрөн олус долгуйдум. Сэрии кэминээҕи кэми кыыс кэпсээнинэн истэн, эппинэн-хааммынан, илэ харахпынан көрөн астынным. Олус дьулаан хартыыналары көрөммүн уйадыйдым.  Билиэҥҥэ түбэспит дьоҥҥо биир вагон толору анаммыт. Уҥуох да тирии буолбут воскаттан кутуллубут фигуралары киһи уйадыйбакка эрэ көрбөт. Брест кириэппэһин ‒ сэрии саҕаланыытын көрдөрөр вагонун көрөн сөбүлээтим.

 

Петрова Алгыстаана: — Мин бу мусуойга сылдьаммын наһаа интэриэһиргээн кэллим. Бары вагон барыта миигин сөхтөрдө. Конс.лааҕырга сылдьыбыт дьоннору аһыммытым аҕай. Наушник нөҥүө  саҥарар кыыс устуоруйатыгар киирэн ылбытым, харахпар ойуулаан көрбүтүм.

Акимова Юля: — Биһиги 9А кылаас үөрэнээччилэрэ, балаҕан ыйын 26 күнүгэр «Кыайыы буойаһа» мусуойга сылдьан кэллибит. Хас биирдии вагон араас-араас сэрии кэминээҕи  историяны кэпсиир эбит. Сэрии саҕаланыаҕыттан кыайыы буолуор дылы түгэннэр ойууламмыттар. Бу маннык музейдары оҥороллоро наһаа үчүгэй, оҕолор болҕомтолорун тардар.  Мусуойу көрөммүн наһаа интириэһиргээтим.

Иванов Артём: — «Кыайыы буойаһа» олус үчүгэй этэ, кутталлаах баҕайы восковай дьоннор баар этилэр. Буойас уп-уһун, ол тухары сэрии историятын кэпсиир араас муннуктар. Баанньык вагонугар  итии салгын кэлэр этэ. Дьиҥнээх  сэрии буола турарын курдук мультимедийнай экраннар көрдөрөр  этилэр. Дьиҥнээх снарядтары тутан-хабан көрдүбүт.

Матросова Юля: — Буойас бастакы вагонугар эйэлээх дьон айаннаан иһэллэр, бары үөрбүттэр-көппүттэр. Онтон сэрии саҕаламмыта ойууланар, эр дьон саа тутаннар сэриилэһэ баран эрэллэрин фигуралара көстөр. Онтон кэлэр хартыыналар олус кутталлаах этилэр. Концлааҕыр, госпиталь, дьоппуоннар уопут оҥороллоро. Оччотооҕу дьону наһаа да аһыммытым.

 

Габышева Люба, Матросова Уля,

В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ