Ыам ыйын 31 күнүгэр Майа сэлиэнньэтин Ураһалаах алааһыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын уонна култуура үлэһиттэрин профсоюһун көҕүлээһиннэринэн үгэскэ кубулуйбут Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын үлэһиттэрин ыспартакыйаадата буолан ааста.
Уопсайа култуура үлэһиттэрэ 7 хамаанданан волейболга, буулдьанан ытыыга, саастарынан бөлөхтөрүнэн эстэпиэтэҕэ, көрдөөх стартарга, ханаат тардыһыытыгар күөн көрүстүлэр. Күрэхтэһии олус көхтөөхтүк, сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.
Илин-кэлин түсүһүүлээх киирсиигэ уопсай түмүккэ 1-кы миэстэ “Хоту” КМО (Төҥүлү, Тумул, Тарат, Балыктаах, Нуораҕана, Томтор, Матта, Дойду) кулууптарын сүүмэрдэммит хамаандата), 2-с миэстэ “Киин” КМО (Д.Ф.Ходулов аатынан НАДь, Хара, Бөкө, Чүүйэ, Лоомтука), 3-с миэстэ — “Приленскэй” КМО (Ороссолуода, Аллараа Бэстээх, Павловскай, Хаптаҕай, Хаатылыма) холбоһуктаах хамаандалара буолары ситистилэр.
Хас көрүҥ аайы кыайыылаахтар уонна уопсай түмүккэ бары кыттыбыт хамаандалар анал мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланан, уу харчынан бириэмийэлэнэн, үөрүү аргыстаах тарҕастылар.
Ыспартакыйаада бэрт тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк, сэргэхтик ааһан, күрэхтэһии кыттыылаахтара тэрийээччилэргэ махтаннылар.
Бэйэбит инф.