Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр сонун ис хоһоонноох испэктээк туруорулунна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев үбүлүөйдээх 60 сылыгар анаан С.А.Зверев‒Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатырын артыыстара туруордулар. Сценарий ааптара Ангелла Попова, режиссер Антон Ботаков, туруорааччы хореограф, СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Сайдыкулова.
Сонун туруорууга биллэр үҥкүүһүт, норуодунай артыыс Афанасий Афанасьев олоҕун бүтүннүүтүн ускуустуба кэрэ эйгэтигэр анаабыта, онно хайдах дьулуспута ойууланар. Эдэр киһи улахан сценаҕа бөдөҥ маастардар көмөлөрүнэн, бэйэтин баҕатынан, санаатын күүһүнэн күннэтэ дьарыктанан үҥкүү алыптаах кынатыгар үрдүккэ көппүтэ, түһүүлэр-тахсыылар арыллаллар. Испэктээк аан бастаан Дьокуускайга ааспыт сыл бүтэһигэр туруоруллубута. Артыыс анаан-минээн пресс-кэмпириэнсийэни биэрбитэ. Испэктээккэ Үҥкүү тыйаатырын балет артыыстара бары кытыннылар.
Афанасий Дмитриевич испэктээк туһунан санаатын маннык үллэһиннэ: «60 сааһыгар диэри үҥкүүлүүр артыыс элбэҕэ суох. Биллэн турар, айылҕаттан бэриллибит талаан баар буоллаҕына кыаллар дии саныыбын. Бэйэм 60 сааспар уонна үҥкүүгэ 45 сыллаах үбүлүөйбэр анаммыт испэктээкпин Майа олохтоохторугар туруорабын. Урут биэрбит интервьюларбыттан, тэлэбиидэнньэҕэ таһаарбыт биэриилэрбиттэн Ангелла Попова сценарий суруйбута. Артыыс олоҕо хайдах үүнэн-сайдан тахсан испитин кэпсиир ис хоһоонноох. Маннык туруоруу Саха сиригэр аан бастакы дииллэр. Олохпут үҥкүүгэ анаабыт буоламмын «Куйаар уола. Кэрэни кытта сэргэстэһэн» диэн ааттанна. Мин кыра сылдьан Бүтэйдээххэ олоро сылдьыбытым. Бүтэйдээх ‒ аҕам Дмитрий Афанасьев дойдута. Онон мин Мэҥэ Хаҥалаһы дойду оҥостон айымньыбын үҥкүүлүү, көрдөрө кэллим. Киһи сөбүлээн талбыт идэтин, кыра эрдэҕиттэн Таҥара курдук көрбүт идэтин үйэтин тухары дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн иннин диэки баран иһиэхтээх».
Марфа Птицына.
Иван Лукин хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа устуута