Константин Сосин 80 сааһынан “Бойтоҥо-ыстаҥа” куонкуруска кырачааннар көхтөөхтүк кытыннылар

https://youtu.be/CPXALBeLYoc

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр 1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Үөрэхтээһинин туйгуна, оҕо литэрэтиирэтигэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Моорук, Тыыллыма нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина Константин Ильич Сосин 80 сааһыгар анаан уһуйаан иитиллээччилэригэр уонна алын сүһүөх кылаас оҕолоругар биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн бэйиэт хоһооннорун  ааҕыыга “Бойтоҥо-ыстаҥа” улуустааҕы куонкурус  үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытылынна.

Константин Сосин хоһооннорун киэҥ араҥаҕа таһаарар, үүнэр көлүөнэҕэ уус-уран айымньы нөҥүө ийэ тылга тапталы иитэр, оҕо кыра сааһыттан хоһоону үөрэтэр дьоҕурун сайыннарар, сыанаҕа  дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик ааҕарын ситиһэр сыаллаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын управлениетын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин управлениетын, Мэҥэ Хаҥаластааҕы И.М.Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин, М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин, 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин дьаһалтатын, А.М.Алексеев аатынан култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт хоһоон түһүлгэтигэр улууспут нэһилиэктэриттэн 124 оҕо кытынна, 104 хоһоон ааҕылынна.

“Бойтоҥо-ыстаҥа” улуустааҕы хоһоон куонкуруһун тэрээһинин А.М.Алексеев аатынан култуура киинин исписэлииһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан оһуокай этээччитэ Виталий Никифоров салайан ыытта. Кини Константин Ильич С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан уһун кэмҥэ олус таһаарыылаахтык үлэлээн элбэх оҕону ийэ тылга иитэн таһаарбытын, ол иһигэр кини баарын, саха тылын уруоктарыгар бэркэ сэҥээрэн үөрэнэрин, билигин олоҥхоһут буолан турарыгар учууталыгар махтанарын тиэртэ.

Виталий Витальевич бэлиэ күнүнэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин управлениетын салайааччы Гаврил Толстяков иитээччи, уһуйааччы, учуутал быһыытынан кэскиллээх, эппиэтинэстээх үлэтигэр улууспут оскуолаларыгар 40-тан тахса сыл дьулуурдаахтык төрүт тылбыт – саха тылын сайыннарыыга үлэлээбит-хамсаабыт биир идэлээҕэр Константин Ильич Сосиҥҥа махтал, алгыс тыллардаах  Эҕэрдэ суругун ааҕан туттарда. Биир дойдулаахтарын 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Марфа Егорова, С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын дириэктэрэ Константин Захаров эҕэрдэлээтилэр.

Хоһоон куонкуруһун дьүүллүүр сүбэтигэр М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ольга Дьяконова, сүрүн бибилэтиэкэрэ Наталия Басова, “Эркээйи” хаһыат кэрэспэдьиэнэ, “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук чилиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Марелла Баишева үлэлээтилэр.

Куонкуруска кыттааччылар үчүгэй бэлэмнээхтэрэ барыбытын үөртэ, ол да буоллар, куонкурус аата куонкурус, түмүк тахсан кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Куонкурус балаһыанньатынан 3-4 саастаах оҕолорго 1-кы миэстэни Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин иитиллээччитэ Аделина Андросова “Буолууй, баҕа Сарыабына” хоһоонунан (салайааччылар Лена Новгородова, Матрена Сыдыкбекова), 2-с миэстэни Аллараа Бэстээхтээҕи “Сказка” уһуйаан иитиллээччитэ Артемий Герасимов (сал. Мария Герасимова) “Костиккалаахха”, 3-с миэстэни Айталина Сивцева салайааччылаах Павловскайдааҕы “Лена” уһуйаан иитиллээччитэ Карина Оконешникова “Ити кими таптыыллар” хоһоонунан ылары ситистилэр.

5-6 саастаах оҕолорго 1-кы миэстэ Ходоро нэһилиэгин “Чэчир” уһуйаанын иитиллээччитэ Анита Дмитриева (сал. Розалия Нестерова) «Дьэдьэнньиттэр”, 2-с миэстэ Ороссолуодаттан “Күнчээн” уһуйаан иитиллээччитэ Василина Александрова (сал. Валентина Алексеева) “Хаачыал-маачыал”, 3-с миэстэ Хара нэһилиэгин “Кэрэчээн” уһуйаан иитиллээччитэ Дьулустаан Бурцев (салайааччылар Светлана Никитина, Ольга Петрова) “Шурка уонна Мурка” хоһооннорунан буоллулар.

1-2 кылаас оҕолоругар 1-кы миэстэни В.В.Скрябин аатынан Чүүйэ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айгылаан Нестеров (сал. Татьяна Никифорова) “Харах-харах уол”, 2-с миэстэни М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Сайаана Костромыкина (сал. Матрена Антонова) “Ити кими таптыыллар”, 3-с миэстэни В.П.Ларионов аатынан Майатааҕы орто оскуола үөрэнээччитэ Сайаана Горохова (салайааччылар Валентина Кривошапкина, Туйаара Дмитриева) “Шурка” хоһооннорунан ыллылар.

3-4 кылаас оҕолоругар 1-кы миэстэ 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин С.З.Борисов аатынан орто оскуола үөрэнээччитэ Володя Аржаков (сал. Елена Чичахова) “Уруһуй”, 2-с миэстэ эмиэ бу оскуолаттан Ренат Назаров (сал. Елена Чичахова) “Хорҕолдьун саллаат”, 3-с миэстэ И.И.Платонов аатынан Наахара орто оскуолатын үөрэнээччитэ Максим Барашков “Маныыһыт” хоһооннорунан буоллулар.

Уһуйаан иитиллээччилэригэр бөлөҕүнэн толорууга 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин Д.Ф.Тимофеева аатынан “Күнчээн” оҕо уһуйаанын бөлөҕө (салайааччылар Анисия Тимофеева, Анастасия Стручкова) “Димка” хоһоонунан бастаата. Хара нэһилиэгин “Кэрэчээн” оҕо уһуйаанын бөлөҕө (салайааччылар Саргылана Андросова, Феврония Сидорова) эмиэ “Димка” хоһоонунан иккис буолла. Дьаҥхаады нэһилиэгин Айталина Верховцева, Сардаана Григорьева салайааччылардаах “Мичил” оҕо уһуйаанын бөлөҕө “Биэлсэр Нарыйа” хоһоонунан 3-с миэстэни ылары ситистэ.

Оскуола оҕолоругар бөлөҕүнэн толорууга 1-кы миэстэни М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолатын бөлөҕө “Биэлсэр Нарыйа” хоһоонунан (сал. Матрена Антонова), 2-с миэстэни эмиэ бу оскуола бөлөҕө “Балыксыттар” хоһоонунан (сал. Матрена Антонова) ыллылар.

Константин Ильич Сосин 80 сааһыгар анаан уһуйаан иитиллээччилэригэр уонна алын сүһүөх кылаас оҕолоругар “Бойтоҥо-ыстаҥа” улуустааҕы куонкурус Кылаан Чыпчаал аатын Розалия Нестерова салайааччылаах Ходоро нэһилиэгин “Чэчир” уһуйаана “Биэлсэр Нарыйа” хоһоонунан ылан муҥур кыайыылааҕынан ааттанна итиэннэ “Парус” успуорт киинин бассыайыныгар сылдьарга Туоһу суругунан, анал куубагынан наҕараадаланна.

Маны таһынан, Константин Ильич, Апрелина Николаевна Сосиннар дьиэ кэргэн анал ааттарын хаһаайыннарынан И.И.Платонов аатынан Наахара орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Исай Никаноров “Эһэм манна олорор” хоһоону ааҕан (сал. Ульяна Соловьева) «Чобуо доҕор” анал аат, Маргарита Белолюбская салайааччылаах Табаҕатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын иитиллээччитигэр Эвелина Порядинаҕа “Бойтоҥо-ыстаҥа” анал аат “Тэһийбэппин” хоһоонунан, Милана Татариноваҕа биһирэбил бириис, “Уу-чукучук” анал аат Анастасия Стручкова, Анисия Тимофеева салайааччылардаах 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин Д.Ф.Тимофеева аатынан “Күнчээн” уһуйаан иитиллээччитэ Тимур Петровка “Отууга”, уһуйаан иитиллээччилэрин бөлөҕүнэн “Биэлсэр Нарыйа” хоһоонунан Розалия Нестерова салайааччылаах Ходоро нэһилиэгин “Чэчир” уһуйаан иитиллээччилэрэ “Иэхэй-чуохай, үчүгэйиэн”, 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин Анастасия Кузьмина салайааччылаах И.И.Платонов аатынан Наахара орто оскуолатын үөрэнээччитэ Нария Никанороваҕа “Чээкэтиэн” анал аат итиэннэ Туоһу суруктаах төрөппүттэр бириистэрэ Давид Никифоровка ырыа бэлэхтээбитин иһин туттарылынна. М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолатын бөлөҕө “Биэлсэр Нарыйа” хоһоонунан (сал. Матрена Антонова) “Иэхэй-чуохай үчүгэйиэн” анал аатынан бэлиэтэннэ.

И.М.Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ анал бэлэхтэрин Хара нэһилиэгин “Кэрэчээн” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ Эрсан Баишев “Чуурка”, Айаана Владимирова  “Току-току ньээм-ньээм”, Майатааҕы “Мичил” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Айлина Григорьева “Шурка уонна Мурка”, М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолатыттан Глеб Герасимов “Дьэдьэнньиттэр” хоһооннорунан туттулар.

“Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук сүбэтин чилиэнэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 27 сыл педагогическай ыстаастаах, элбэх ырыа буолбут хоһооннордоох, ол иһиттэн Майа түөлбэлэригэр, “Мэҥэ-тутуу” таас тутуулары тутар тэрилтэ үлэһиттэригэр, Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр анаан өрөгөй ырыалардаах ааптар Инна Николаева-Угинка онус кинигэтэ бу күннэргэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кини бу куонкуруска кырачааннарга аналлаах 6 кинигэтин успуонсардаан бэлэх ыыппыта. “Мин бэлэҕим” (2017 с.), “Үлэһит бэрдэ буолларбын” (2020 с.), “Мичил хоһоонноро” (2021 с.) итиэннэ “Ойуур суолларынан” (2024 с.) кинигэлэрин Майатааҕы “Мичил” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Аделина Андросова, Маргарита Белолюбская салайааччылаах Табаҕатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын иитиллээччитэ Сандаара Брызгалова “Эһэм, эбэм аахха” хоһоонунан, Майатааҕы “Чуораанчык” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Эрсан Попов (сал.Евдокия Тимофеева), В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Сардаана Холмогорова, Тыыллыма орто оскуолатын үөэнээччитэ Ярослав Митрофанов “Һ” буукуба хоһоонунан, Хаатылыма саад-оскуола үөрэнээччитэ Алгыстан Иванов “Хорҕолдьун саллаат” хоһоонунан (сал.Алена Игнатьева) туттулар.

М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна Ольга Дьяконова Константин Ильиһи ытык сааһынан эҕэрдэлээтэ итиэннэ:

— Бэйиэт хоһооннорун ааҕыыга “Бойтоҥо-ыстаҥа” улуустааҕы куонкурус тэрийээччилэригэр, кыттыбыт бары оҕолорго, уһуйааччыларбытыгар, төрөппүттэргэ дьүүллүүр сүбэ уонна тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын этэбит. Бүгүҥҥү куонкуруска 124 оҕо кытынна, 104 нүөмэри көрдүбүт. Бу олус тыҥааһыннаах куонкуруска оҕолор бары олус бэлэмнэнэн кэлэн кытыннылар диэн бэлиэтиибит. Ол өссө төгүл Константин Ильич Сосин айымньыларын оҕо аймах олус таптаан, сөбүлээн ааҕарын уонна манна дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарбыта – бу суруйааччы оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта буоларын бигэргэтэр. Константин Ильич төрдө Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгэ буолар. Бу олус дириҥ силистээх-мутуктаах устуоруйалаах дойду. Манна айар тыл маҥнайгы хараҥаччылара Афанасий Семенович Порядин, Николай Афанасьевич Апросимов, буойун суруйааччы Степан Иванович Тимофеев, биллиилээх оҕо суруйааччыта Иннокентий Михайлович Сосин, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх бастакы норуодунай суруйааччы Рафаэль Дмитриевич Ермолаев-Баҕатаайыскай, Александра Николаевна Кардашевская, Раиса Николаевна Кардашевская, Михаил Апросимов курдук улахан суруйааччылар төрөөбүттэрэ. Аҕата Илья Гаврильевич Сосин Үөһээ Дьааҥы, Константин Ильич ол сиртэн көһөн кэлэн олохсуйан, бастакы айар үлэтэ Моорукка олорор эрдэҕинэ саҕаламмыт. Кини айар үлэтигэр олук уурбут киһинэн бэйэтэ убайын Иннокентий Михайлович Сосины ааттыыр.

Бастакы суруйбут хоһооннорун Иннокентий Сосин таба көрөн, 1957 сыллаахха “Колхоз кырдьыга” хаһыакка “Байкалов туһунан ырыа” диэн бастакы хоһоонун бэчээккэ биэрбит. Оҕолорго анаан суруйбут “Бойтоҥо-ыстаҥа” диэн бастакы хоһооннорун кинигэтэ 1983 сыллаахха бэчээттэммит. Онтон ыла Константин Сосин оҕо суруйааччыта, бэйиэт быһыытынан киэҥник биллэр. Кини улуустааҕы “Таммахтар” холбоһугу өр сылларга салайбыт уонна билигин Ытык сүбэһитинэн сылдьар киһи буолар. Онон улуспутуттан элбэх суруйааччылар үүнэн тахсалларыгар алгыһын анаабыт, сүбэтин-аматын биэрбит киһинэн ааҕынабыт. Биһиги бибилэтиэкэбитигэр куруутун сылдьан, оҕолору кытта көрсөн, суруйар-бичийэр оҕолорго сүбэ-соргу буолааччы.

Муус устар ыйга Константин Сосин 80 сааһыгар аналлаах улуустааҕы “Чообуо чооруостар” диэн уһуйаан иитиллээччилэригэр куонкурус тэрийэн ыыппыппыт. Онно эмиэ сүүһүнэн оҕо кыттыбыта. Кини айымньыларын оҕолор олус сөбүлээн, таптаан ааҕаллар. Төрөппүттэргэ, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ бу ааптар “Эһээ оҕотобун”, “Эбээ оҕотобун” кинигэлэрэ остуол кинигэлэринэн буолаллар. Инникитин чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, айа-тута, сонун, саҥа айымньыларынан дьоун-сэргэтин үөрдэ-көтүтэ турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит, – диэн туран “Герасим Иванович Соловьев уонна кини удьуора” икки томнаах кинигэни бэлэх уунна.

Суруйааччы, бэйиэт Константин Сосин куонкуруска кыттыбыт бары оҕолорго, тэрийээччилэргэ, успуонсардарга махтанна. Кини:

— Оҕоҕо аналлаах хоһоону суруйар уустук, оҕону билэр, өйдүүр буоллахха тахсар дии саныыбын. Өр сыл учууталлаабыт буоламмын оҕо ис туругун, майгытын билэбин. Көннөрү хоһоону суруйартан бу ураты буолар, оҕо майгытыгар-сигилитигэр сөп түбэһэр, оҕоҕо тиийэр турукка киирэн суруллуохтаах, ол хоһооннорбор биллэр буолуохтаах. Оҕо суруйааччылара Константин Туйаарыскай, Петр Дмитриев суолларын салгыыр курдукпун. Сааһыран эрэбин, онон бу оҕолорго өйтөн хоһоон ааҕыытыгар аналлаах күрэхтэһии кэмигэр тэриллибитэ үчүгэй, махталлаах суол. Суруйааччыларга маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара кэрэхсэбиллээх,-  диэн сэмэйдик санаатын үллэһиннэ.

Хомоҕой хоһоон түһүлгэтин кыттыылаахтарын олохтоох оскуола оҕолоро ырыаларынан, үҥкүүлэринэн, Елена Чичахова салайар “Сардаҥа” драматическай куруһуогун оҕолоро К.И.Сосин  “Хачыал-мачыал” кинигэтиттэн муусуканан туруоруунан  эҕэрдэлээтилэр.

Оҕо суруйааччыта Константин Сосин 80 сааһынан бастакытын ыытыллыбыт “Бойтоҥо-ыстаҥа” улуустааҕы куонкурус успуонсардарынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Анна Исакова салайааччылаах култуураҕа управлениета, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Гаврил Толстяков салайааччылаах үөрэҕирии управлениета, Марианна Никанорова салайааччылаах Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, Ольга Дьяконова сэбиэдиссэйдээх М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ, Руслан Афанасьев баһылыктаах 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин дьаһалтата, Юлия Никифорова салайааччылаах А.М.Алексеев аатынан култуура дьиэтэ, Дьулустан Захаров дириэктэрдээх “Парус” успуорт киинэ, Константин Захаров дириэктэрдээх Тыыллыма орто оскуолата, Константин Прокопьев салайааччылаах “Альтернатива” ХЭТ, Михаил Бродников салайааччылаах “Армон” ХЭТ, Ангелина Меркулова сэбиэдиссэйдээх Лоомтука амбулаторията, Марфа Ларионова салайааччылаах “Уйгу” маҕаһыын, урбаанньыт Марина Кривогорницына салайааччылаах “Роза” маҕаһыын, Вера Винокурова салайааччылаах бэтэринээр учаастага, “Таммахтар” литературнай холбоһук чилиэнэ Инна Николаева-Угинка, Иванна Назарова салайааччылаах “Лоомтука Лоһуордара” литературнай түмсүү, Наахараттан үөрэппит оҕолоро итиэннэ Константин Сосин дьиэ кэргэнэ буоллулар.

“Бойтоҥо-ыстаҥа” улуустааҕы куонкурус үрдүк таһымнаахтык ыытыллыытыгар кыһамньыларын ууран, элбэх успуонсары кэпсэтэн, кырачааннарга биир умнуллубат кэрэ күнү бэлэхтээбиттэригэр, Майаттан барааччылары массыынанан хааччыйбыттарыгар  1-кы Тыыллыма нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар, аан айаҕыттан үөрэ-көтө, итии чэйинэн көрсүбүт, тэрээһин хаамыытын харгыһа суох ыыппыт, эбиитин, салгыы да хардарыта өйөһөн үлэлэһэргэ этии киллэрбит култуура киинин үлэһиттэригэр Юлия, Виталий Никифоровтарга, бибилэтиэкэр Иванна Назароваҕа махталбытын тиэрдэбит.

Тапталлаах суруйааччыбытыгар Константин Ильич Сосиҥҥа этэҥҥэ буолууну, саҥа айымньылары айа-суруйа турарыгар, дьиэ кэргэнигэр уйгулаах-быйаҥнаах дьоллоох олоҕу, оҕолорго кинигэни элбэхтик ааҕалларыгар, төрөөбүт ийэ тылларын харыстыылларыгар баҕарабыт.

 

Марелла Баишева.