Өйдөбүнньүк
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Орто дойдуттан барбытынан бастакы Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимигэр киирбит, бииргэ үлэлэһэр дьоммутугар, төрөппүттэрбитигэр, үөрэнээччилэрбитигэр дирин кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Михаил Ефимович 90-с сыллар саҕаларыгар, дойду үрдүнэн олох бары салааларыгар, ол иһигэр үөрэҕириигэ ыһыллыы-тоҕуллуу ыарахан, уустук кэмнэригэр бүттүүн норуот өйүн-санаатын сааһылаан сайдыы суолугар үктэннэрбит, модун күүстээх санаатынан саҥа суоллары тэлбит Улуу киһи буолар.
Ити кэмнэргэ, 90-с сылларга, Михаил Ефимович Саха сиригэр Бэрэсидьиэн ситимин оскуолаларын тэрийэн үөрэҕирии үлэһиттэрин иннилэригэр үрдүк соруктары туруорбута. Математика, физика курдук уустук предметтэри дириҥэтэн үөрэтии ньымаларыгар, дьоҕурдаах оҕолору салгыы сайыннарар үлэ хайысхаларыгар улахан болҕомто ууруллан дьоһун хардыылар оҥоһуллубуттара. Ол түмүгэр Саха сирэ Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр үөрэҕирии ситиэмэтигэр дьоһун хардыылара үтүө холобур буолар кыахтаммыта.
Бу үлэ кэлин сылларга сөргүтүллэн, саҥалыы тыыннанан, 2018 сылтан Михаил Николаев аатынан оскуолалар ситимнэрэ тэриллибитэ. Кини бу хамсааһын иккис тыын ылбытыттан наһаа үөрбүтэ уонна бу үлэҕэ сүрүн сирдээччи, сүбэһит быһыытынан ылсан үлэлээбитэ. Кини үгүс көрсүһүүлэргэ, сүбэ-мунньахтарга кыттан ситимҥэ киирэр оскуолалар киэҥ хайысхалаах үлэни-хамнаһы ыытылларын, ситиһиилэрин билсэн истиҥник үөрэрэ. Михаил Ефимович оскуолаларга сылдьан учууталлар, оҕолор санааларын болҕомтолоохтук истэрэ, бэйэтин ырааҕы өтө көрөр киэҥ ыырдаах, дириҥ толкуйдаах санааларын, сүбэлэрин тиэрдэрэ. Маннык көрсүһүүлэртэн биһиги инники үлэбитигэр сүбэ-ама, күүс-уох ылынан үлэбитин өссө дириҥэтэн, кэҥэтэн тэрийэргэ сыал-сорук туруорунарбы.
Мин тус бэйэм учуутал идэтин баһылаан оскуолаҕа үлэлиэхпиттэн Михаил Ефимовичтыын сирэй көрсүбүт, кэпсэппит түгэннэрим элбэҕинэн киэн туттабын. Кини дириҥ, киэҥ толкуйдаах санаатын истибит, үтүө сүбэлэрин, алгыс тылларын ылбыт улахан дьоллоохпун.
Саха норуота тумус туттар ытыктыыр киһибит аатын-суолун салгыы да үрдүктүк тутан ытык эбээһинэстээхпит. Кини биһиэхэ, үөрэҕирии үлэһиттэригэр, туһаайбыт этиилэрин, туруорбут соруктарын, биэрбит сүбэлэрин мэлдьи умнуо суохтаахпыт. «Үөрэҕириини сайыннарыыга аан дойду бастыҥ уопутун көрүҥ, сайдыылаах дойду оскуолаларын үлэлэрин үөрэтиҥ… Саха оҕото муҥура суох талааннаах, дьоҕурдаах, аан дойду таһымыгар бастыҥ буолар кыахтаах… Биир таһымҥа олорумаҥ, үрдүктэн үрдүккэ талаһан иһин…» ‒ диэн этэр этэ. «Объединяя лучшее, быть первыми» диэн кини эппит кынаттаах тыллара биһиги бүгүҥҥү уонна инники үлэбитигэр мэлдьи ыйар суолдьутунан буола туруохтара.
Татьяна ПОПОВА,
И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй дириэктэрэ.