Майатааҕы М.И. Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтигэр РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Ленинскэй Знамя” (билигин “Эркээйи”) хаһыакка 1968-1981 сс. эрэдээктэринэн, өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр 40-ча сыл үлэлээбит, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина, бэйиэт, мэссэнээт Иван Иванович Брызгалов-Айанаас төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһин тохсунньу 30 күнүгэр – бэйиэт төрөөбүт күнүгэр үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Манна суруналыыс төрөппүт оҕолоро – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Ивановна Васильева, РФ ИДьМ бочуоттаах бэтэрээнэ, “Ис дьыала министиэристибэтигэр сулууспатын иһин” мэтээл кавалера, Хаҥалас улууһугар бастакы мировой судьуйа, Хачыкаат нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Александр Иванович Брызгалов, кэргэнэ Наталья Александровналыын бочуоттаах ыалдьыттарынан буоллулар. Бэлиэ күҥҥэ аймахтара Валерий Романов, бибилэтиэкэринэн үлэлээбит, үлэлии сылдьар дьон: Аллараа Бэстээхтэн Июлия Владимирова, Майаттан Софья Дмитриева, Валентина Морук, Табаҕаттан Евгения Федорова, Ороссолуодаттан Анна Апросимова, Төҥүлүттэн Валентина Захарова, Лаана Петрова, Тараттан Александра Дьячковская, Мооруктан Тамара Егорова, Александр Иванов, Быраматтан Устиния Тарабукина, о.д.а. кэлбиттэр.
Үбүлүөйдээх тэрээһини оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ольга Дьяконова уонна Юнона Игнатьева салайан ыыттылар. Бэлиэ күнү Сардаана Осипова салайааччылаах “Сардаана” ырыа ансаамбыла ааптар “Мичээрдэр” ырыатынан арыйда. Улуустааҕы култуура управлениетын салайааччы Анна Исакова, “Эркээйи” эрэдээксийэтин аатыттан Марелла Баишева, Хорообут нэһилиэгиттэн биир дойдулаахтара баһылык Гаврил Бродников, кыраайы үөрэтээччи Светлана Ильина, бибилэтиэкэр Варвара Филиппова, култуура киинин исписэлииһэ Татьяна Тролукова киэҥ ис хоһоонноох ахтыылары оҥордулар. Дм.Таас аатынан орто оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Света Чугунова ааптар “Олоххо олоҥхо ухханым” хоһоонун аахта.
И.И.Брызгалов 1971 с. биһиги улууспутугар“Ленинскэй Знамя” (билигин “Эркээйи”) хаһыакка эрэдээктэрдии олорон “Таммахтар” литературнай холбоһугу төрүттээбитэ. Бу туһунан “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук сүбэһитэ Августина Хабарова сырдатта. Иван Брызгалов үөлээннээҕэ, ыкса алтыспыт доҕоро Анатолий Чичахов истиҥ-иһирэх ахтыы оҥордо уонна ыалдьыттары хомус алыптаах дорҕоонунан эҕэрдэлээтэ.
Уйбаан Айанаас тылларыгар Виктор Иванов-Сиэйэ Уола “Кэрэ дойду Хаатылыма” диэн ырыатын проекторынан ыллаата. Ырыа устуоруйатын кулууп дириэктэрэ Фаина Петровна Спиридонова куйаар ситиминэн ыытан сырдатта. Кини бу ырыанан сирдэтэн хаатылымалар ааптар туһунан билиилэрин кэҥэтэн үөрэллэрин эттэ.
Иван Иванович уонна Мария Ивановна Брызгаловтар улуус, өрөспүүбүлүкэ култууратын сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит, кэнчээри ыччат туһугар олохторун анаабыт дьиэ кэргэн буолаллар. Бу туһунан бэтэрээн бибилэтиэкэрдэр Марфа Аргунова, Любовь Дмитриева, Варвара Иванова, Людмила Пивоварова М.И.Брызгалованы кытта алтыһан үлэлээбит сылларын дириҥник хорутан аҕыннылар. Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Марианна Никанорова:
- СӨ култууратын туйгуна Ольга Дьяконова сэбиэдиссэйдээх М.И. Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтэ 2021 с. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин култуурунай көҕүлээһиннэргэ пуондатын 549 тыһ. солк. харчынан гранын кыайыылааҕа буолан тыаһы-ууһу устар устуудьуйаны атыылаһан, материальнай-техническэй баазатын бөҕөргөппүтэ. 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ «Бастыҥ тыа сирин култуура тэрилтэтэ” анал аат кыайыылааҕа буолбута. Оҕо бибилэтиэкэтэ Мария Ивановна аатын чиэстээхтик сүгэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска оҕо уонна ыччат ааҕыытын көҕүлээн бибилэтиэкэ үлэтигэр дьоһун кылааттарын киллэрбит СӨ үтүөлээх үлэһиттэрэ, Мария Ивановна, Иван Иванович Брызгаловтар дьиэ кэргэн үтүө ааттарын үйэтитэргэ бигэтик ылсан үлэлиибит, — диэтэ. Кини бочуоттаах ыалдьыттарга Татьяна Васильеваҕа, Александр Брызгаловка аҕаларын үөлээннээҕэ И.М. Сосин 95 сыллаах бырайыагын чэрчитинэн оҥоһуллубут суруйааччы QR кодтаах 12 кинигэлээх алаас битэмииннээх чэйин нобуорун бэлэх уунна.
И.И. Брызгалов 2002 с. кэргэнин сырдык аатын үйэтитэн сыл аайы ааҕааччыны кытары үлэлиир оҕо бибилэтиэкэлэригэр иккилии “Талан ылбыт идэтигэр бэриниилээҕин иһин” бириэмийэни олохтоон туттарбыта. Бочуоттаах мэссэнээт үтүө дьыалатын ыччаттара салгыыллар. Оҕону кытта үлэлиир бибилэтиэкэрдэргэ анаан Брызгаловтар олохтообут исипиэндьийэлэрин 2002 сылтан саҕалаан 30-ча киһи ылбыт. Төрөппүттэрин үтүө ааттарын үйэтитэ сылдьар мэссэнээттэр Татьяна Ивановна, Александр Иванович:
- Аҕабыт төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт-үөскээбит Чалҕаатыттан тиийэ анаан-минээн кэлбиттэригэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Наһаа истиҥ, киһини долгутар тэрээһин буолла диэн сыаналыыбыт. Бу тэрээһини оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тириэрдиэхпит. Үтүө дьон олоххо сыһыаннара олохтоохтук сыаналанар. Ити Мэҥэлэр чаҕылхай ураты өрүттэрэ. Кинилэр арбана сылдьыбакка, наар үлэни кыайалларын-хотоллорун уонна инники сылдьалларын бэлиэтии көрөбүт. Бэйэлэрин ортолоругар баар үтүө дьоннорун ааттарын, кинилэр тустарынан үчүгэй өйдөбүллэри көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕата сылдьаллар. Ийэбит да, аҕабыт да үйэлэрин тухары итинник олордулар дии саныыбыт. Бүгүҥҥү тэрээһини «Киһи дьиҥ аналын тутуһуом, киһиттэн кэрэтин булсуһуом” диэн аҕабыт тылларынан ааттаабыттарыттан наһаа үөрдүбүт. Бу этиллибит тыллар “Олоҕум тухары маннык олоруоҕум” диэн мэктиэ тыл курдук иһиллэллэр. Биһиги дьоммут итинник олорон ааспыттара диэн киэн туттабыт.
- Төһөнөн ийэбит, аҕабыт ааттара ааттаналлар даҕаны оччонон биһиэхэ үчүгэй. Онон өйөбүлбүтүн салгыы оҥоро туруохпут. Тэрээһини ыыппыт дьоммутугар итии-истиҥ махтал, эҕэрдэ уонна салгыы маннык дьоһуннук үлэлии сылдьаргытыгар баҕарабыт, — диэн түмүк тылларыгар эттилэр.
Иван Иванович Брызгалов-Айанаас олорбут олоҕо, оҥорбут үтүө дьыалата умнуллуо суоҕа диэн кэлбит ыалдьыттар киэҥ хабааннаах тэрээһинтэн астынан-дуоһуйан бардылар.
Марелла Баишева.