Киэҥ хардыылаах урбаанньыт

Саҥаны саҕалыыр хаһан баҕарар уустук буолуо даҕаны, Төҥүлү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, СӨ Ил Дарханын “Кыра уонна орто урбаан сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Урбаан сайдыытыгар сүрүн оруол”, “Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин” мэтээллэр, “Мэҥэ Аат”, “Дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр кылаатын иһин” бэлиэлэр, о.д.а. үгүс наҕараадалардаах Иван Борисов онтон чаҕыйбакка нэһилиэнньэ туохха ордук наадыйарын көрө-билэ сылдьан саҥаттан саҥаны тобулан олоххо киллэрэр үтүө үгэстээх урбаанньыт буолар. Кини нэһилиэнньэ күннэтэ туттар табаардарын итиэннэ ас-үөл атыылыыр маҕаһыыннардаах, “Халыма” федеральнай аартыкка турар “Уют”, “Нал” кафелара өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларынан ретро мусуойдаахтар, норуот маастардара оҥорбут элбэх чуучулалара, макеттара туруоруллубуттар. Манна Илин Эҥэр улуустары сэргэ Магадааҥҥа, Камчааткаҕа тиийэ айаннааччылар тохтоон, сэргээн, кэрэхсээн ааһаллар. Айан дьоно  хонон-өрөөн ааһар дьиэлээх, гараастардаах, авторсервистээх. Нэдиэлэҕэ 5 күн үлэлиир баанньыктаах, онно ыаллыы сытар нэһилиэктэртэн тиийэ кэлэн суунан-тараанан бараллар.  Таҥас сууйар прачкатыгар айан дьоно ааһан иһэн сууйтара хаалларбыт таҥастарын төннөн иһэн ылан ааһаллар. Дьоро күннэри бэлиэтиир, араас тэрээһиннэри ыытар “Айылгы” диэн балаҕаннаах. 

И.И. Борисов мас, тимир уустарын түмэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустары тэрийэн ыытан нэһилиэк көстүүтүн биллэ тупсаран, дьонун-сэргэтин махталын ылыан ылар. Нэһилиэнньэ туһугар сүҥкэн кылаатын киллэрэр урбаанньыт үлэтин хайысхатын сыллата кэҥэтэн иһэр. 

Ол чэрчитинэн, Төҥүлүгэ тохсунньу 3 күнүгэр, уруккута гаас дьиэтэ буолан турбут дьиэ саҥардыллан, мини бэкээринэ уонна кондитерскай сыах арылынна. 2000-тан тахса нэһилиэнньэлээх улахан бөһүөлэги олохтоох сельпо бэкээринэтин сэргэ Майаттан, Нөмүгүттэн, Дьокуускайтан тиийэ аҕалан килиэбинэн хааччыйар эбит буоллахтарына, билигин олохтоох бэкээринэ баар буолла. Манна үлэ усулуобуйата толору хааччыллан канализация, сылаас, тымныы уу, сылаас туалет, сынньанар хос бааллар.  3 улахан килиэби буһарар оһох, бурдук сиидэлиир, тиэстэ мэһийэр тэриллэр,  электрическэй духуопка, о.д.а.  туруоруллубуттар.

Манна 22 сыл ыстаастаах, 4-с разрядтаах кондитер  Александра Федорова уонна эмиэ бу эйгэҕэ үлэлээбит уопуттаах Алена Никифорова 2 сменанан үлэлииллэр. Сарсыарда 8.30 чаастан килиэби таһар массыына кэлэн “Уют” кафеҕа, “Саталга”, “Нал” кафетыгар уонна маҕаһыыннарыгар тиэрдэр.  Маҥнай 30 килиэптэн саҕалаан билигин күҥҥэ ортотунан сакааһынан 140 килиэп уонна сакаас баар буоллаҕына батон астанан тахсар. Александра Федорованы, Алена Никифорованы сэргэ, оробуочайынан Юрий Никулин нэдиэлэҕэ 6 күн үлэлииллэр, субуотаҕа өрүүллэр. Дьоҕус кэлэктиип бородууксуйатын минньигэс уонна кэмигэр баар оҥорорго кыһаллан үлэлиир. Килиэп сыаната билигин атын маҕаһыыннарга 60 солкуобайтан тахсан турдаҕына манна 55 солкуобай харчынан быһыллыбыт. Саҥа килиэби бастакынан амсайбыт дьон тас көрүҥүн, ис туругун. амтанын, тууһун-туматын үрдүктүк  сыаналаабыттара үлэлиир дьоҥҥо кынат буолар.  

Биэкэрдэр урбаанньыт Иван Борисовка саҥа үлэ миэстэтин таһааран үлэнэн хааччыйбытыгар махталлара улахан. Инникитин бурдук ас көрүҥүн элбэтэн, үлэлэрин хайысхатын кэҥэтэр былааннаахтар.

Марелла Баишева.