Биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Суруналыыстарын, норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин уонна СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, улуустааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук сүбэһитэ, элбэх ааҕааччы сэҥээриитин ылбыт «Кэрэни кэрэхсии кэлбитим» (2005), «Дьэбдьиэй» (2005), «Эйигинэ суох» (2007), «Хаайыылаах дьылҕата» (2009), «Даайыһым, эрэлим» (2011), «Ийээ, бырастыы гын» (2013), «Чыпчаал» (2015), “Таптыырга саас мэһэйдээбэт” (2023) уо.д.а. кэрэхсэбиллээх сэһэннэр уонна кэпсээннэр ааптардара Степан Степанович Марков сэтинньи 10 күнүгэр 80 сааһын туолар.
Кини 2013 с. «Бичик» кинигэ кыһатын аатыттан «Саамай ааҕыллар кинигэлээх суруйааччы» анал ааты сүкпүтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина.
Степан Марков суруйарын тухары биир сүрүн тиэмэлээх – ол киһи уустук олоҕо уонна дьылҕата. Суруйааччы «Ийээ, бырастыы гын» кинигэтигэр барыта 11 кэпсээн уонна биир сэһэн түмүллэн киирбит. «Оҕо сүрэҕэ хаһан да сыыспат», «Дьээдьэ Куоста олоҕун үс төрүтэ», “Мин дьоллоохпун”, «Оннук эрэ буолуохтун!», «Сүрэх сүбэтин истэн…», «Ийээ, бырастыы гын…», «Билэр киһим этэ» о.д.а. кэпсээннэрэ бары сытыы проблемалаах социальнай айымньылар, манна сиэр-майгы боппуруоһа, киһи киһиэхэ сыһыана инники күөҥҥэ сылдьар.
«Оҕо сүрэҕэ хаһан да сыыспат» кэпсээҥҥэ обургу кыыстаах огдообо Сэмэн олоҕун кэпсээнэ суруллар. Сэмэн Танюшката ийэтэ суоҕуттан санааргыырын, ийэ тапталын суохтуурун, ийэлээх оҕолорго ымсыырарын билэ-көрө сылдьан, саҥа олоҕу оҥостор санааттан кылгас кэмҥэ билсибит Александраны кытары, оҕото сөбүлээбэтин үрдүнэн, холбоһоллор. Саҥа кэргэнэ оҕотугар сүрдээх тоҥуй сыһыаннааҕын иһин, оҕотун инники кэскилин туһугар бэйэлэрэ эрэ биир санаанан олороллоро ордугун бигэтик быһаарынан, арахсаллар. Сэмэн өлбүт кэргэнэ Настя кыра кылаастан оскуоланы бүтэриэр диэри бииргэ үөрэммит, истиҥ дьүөгэтэ Раиса оройуон бибилэтиэкэтигэр үлэлиир. Кини соҕотох. Сэмэннээҕи кытта урукку сибээһин быспат, куруук кинилэргэ сылдьан көмөлөһөр, сүбэ-ама буолар, чугас аймахтарын курдук. Танюшка киниэхэ сылдьан ыалдьыттыыр, маанылатар. Танюшка бэйэтин төрөөбүт күнүгэр тетя Раятын көрдөһөн, дьиэтигэр ыҥыран аҕалар, Сэмэни үөрдээри ас астаан тоһуйаллар. Өтөрүнэн үөрбэтэхтэрин үөрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн Танюшка бырааһынньыгын атаараллар. «Тетя Рая биһиэхэ бу маннык куруук баара буоллар, үчүгэй да буолуо этэ», ‒ диэн оҕото кинилэргэ туһаайан эппитин уонна хардарыта сып-сылаастык көрөн ылбытын Сэмэн билигин да сылаастык саныыр. Итинтэн ыла Сэмэн хараҕа арыллан, Рая курдук чугас киһи кинилэргэ суоҕун, оҕото кинини эрэ билинэрин, оттон бэйэтэ Раяны сөбүлүүрүн билэр. Сотору холбоһон, уоллаах кыыс оҕолонон ньир-бааччы, иллээхтик-эйэлээхтик олороллоро көстөр. Ааптар кэпсээнин Сэмэн тылларынан түмүктүүр: «Саныыбын ээ, оҕо сүрэҕэ хаһан да сыыспат диэн. Танюшкам Раяҕа сыстыбатаҕа, кинилиин сибээһи тутуспатаҕа буоллар, аттыбытыгар баар дьолбутун, дьылҕабытын аһаран кэбиһиэхпитин, билиминэ хаалыахпытын сөп эбит буолбат дуо?…» Кэпсээҥҥэ киһи сороҕор аттыгар баары аахайбатах, баардаабатах да түгэннэрэ олох укулаатын уларытар күүстээхтэрэ көстөр.
«Дьээдьэ Куоста олоҕун үс төрүтэ» дьииҥнээх олохтон ылыллыбыт кэпсээҥҥэ эпиграф быһыытынан биллиилээх суруйааччы И.М.Сосин «Алааһым аргыс тыала» сэһэниттэн маннык этиини ылбыта мээнэҕэ буолбатах: «Былыргы кырдьаҕастар: «Киһи дьоло үс төрүттээх… Бастакыта, төрөппүттэриц үчүгэй дьон буоллахтарына, оҕо сааһыц дьоллоох буолуо. Иккиһэ, бэйэҥ үтүө киһи буоллаххына, олоҕуц ортото үөрүүлээх үлэҥ-хамнаһыц табыллыа; тиһэҕэр, оҕоҕун киһилии, үчүгэйдик ииттэххинэ, кырдьар сааһыц кыһалҕата суох, сынньалаҥ буолуо, ‒ диэн этэллэрин истэр буоларым». Сэһэргээһин кылаабынай герой Дьээдьэ Куоста аатыттан барар. Ол курдук, Дьээдьэ Куоста диэн урут сопхуоска суоппардыаҕыттан убаастаан ааттыыр киһилэрэ иһэр-аһыыр төрөппүттэрдээх буолан бииргэ төрөөбүттэриниин ыарахан дьылҕалаах дьон буола улааппыттар. Дьиэтээҕи усулуобуйалара суох буолан, хайалара да оскуолаҕа ситэри үөрэммэтэх. Куосталаах олохторун-дьаһахтарын билэр буоланнар, холкуостаах убайдара аһынаннар, бэйэлэригэр сыһыаран илдьэ сылдьыбыттар. Хара үлэттэн толлубакка-саллыбакка үлэлээн, баҕалаах идэтигэр үөрэнэн, үлэни эрэ өрө тутан, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕайдык сыһыаннаһан, кэргэннэнэн, уоллаах кыыс оҕолонон, сиэннэнэн бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынар. Дьээдьэ Куоста диэн дьоно-сэргэтэ ытыктаан ааттаабыттарын билигин олус күндүтүк саныыр. Бу курдук Дьээдьэ Куоста төһө да оҕо сааһа төрөппүттэрин буруйдарынан ыарахаттардааҕын иһин, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай сыһыаннаах үтүө киһи буолан, үлэни эрэ өрө тутан үлэлиирин былаһын тухары үлэһит киһи бочуотугар сылдьар. Кэргэнинээн оҕолоро дьоллоох оҕо саастаах, үөрэхтээх дьон буола улааталларыгар күүстэрин, сыраларын, ийэ-аҕа тапталын харыстаабакка үчүгэйдик иитэн кырдьар саастарыгар кыһалҕата суох, дьоллоохтук-соргулаахтык олороллоро көстөр.
«Мин дьоллоохпун» кэпсээн кылаабынай дьоруойа Ньургун – дьиэ киһитэ, инбэлиит. Отутун да туолбакка сылдьан инсуллаан хаалбытыгар бастакы кэргэнэ Маша оҕотун туппутунан тулуйбакка арахсар. Ньургун олох туһугар охсуһар күүстээх санаатынан эмтэнэн, доруобуйата арыый көнөн, оскуолаҕа кыра үлэҕэ киирэр. Манна олоҕун доҕорун Тамаратын көрсөн, сүрэхтэринэн сөпсөһөн ыал буолаллар, Света диэн сырдык ааттаах күүтүүлээх кыыс оҕолоноллор. Дьоллоохтук олорон испиттэрэ баара, оҕото уонча саастааҕар, ыарыыта иккистээн киирэр, сааһыран эрэр киһи өрүттэ охсоро ыарахан буолар. Ол да буоллар Ньургун бэйэтин дьоллоох киһинэн ааҕынар. Көмүс чыычаахтара, көрдөрөр-харайтарар дьоно, кэргэнэ Тома, оҕото Света баар буоланнар, дьоллоох ыал аҕата буолан олорор. Кытаанах, олоххо тардыһар күүстээх санаатынан дьонун кытта уһуннук бииргэ олорор бигэ санаалаах. Кэпсээҥҥэ көтөҕүллэр ыарахан ыарыы, таҥнарыы, таптал сылаас сыһыанынан киһини олоххо төннөрүү курдук социальнай кыһалҕалар ситэри-хотору арыллыбыттар, итэҕэтиилээхтик суруллубуттар. Кырдьыга да, хас биирдии киһиэхэ ханнык да түгэҥҥэ дьиэ кэргэнэ – тулхадыйбат тулааһына, кэргэнэ, оҕолоро – бигэ тыыла буолаллар. Ону кэпсээн түмүгэ өссө чиҥэтэн биэрэр: «Бу сиргэ иэдээҥҥэ, кыһалҕаҕа түбэстэххэ, чугастык санаабыт киһиҥ эйигин быраҕан барарыттан ордук ыарахан суох. Оттон илиитин уунан, сүрэҕин сылааһын бэлэхтээн, олоххо тэҥҥэ үктэнэн тапталы, дьоллоох олоҕу биэрбит киһигэр ханнык да бэйэлээх махтанар тыл кэрэтэ тиийбэт…»
«Билэр киһим этэ» кэпсээҥҥэ тапталтан кэлэйбит соҕотох ийэ, аҕата суох тулаайахсыйбыт оҕо кыһалҕалара арыллар. Ирина Васильевна кыыһыныын Наташалыын сылдьан, куорат биир маҕаһыынын айаҕар хаһааҥҥыта эрэ кини кэргэнэ, оҕотун аҕата Миитэрэй киһи кэпсэппэт, ыт үрбэт киһитэ буолан, умнаһыт дьылҕаланан турарын соһуччу көрсөн сүрдээҕин хараастар, санаата алдьанар. Уонтан тахса сыллааҕыта улахан тапталынан ыал буолан, оҕолонон, дьиэлэнэн-уоттанан, үлэлэнэн дьоллоохтук олорон испиттэрэ. Ол эрээри Дима арыгы дьааттаах сүлүһүнүгэр сыыйа-баайа ылларан, оҕотун, ойоҕун, олоҕун арыгыга эргиппитэ. Ира тулуйа сатаан баран арахсан барарга күһэллибитэ. Бэһис кылааһы бүтэрбит Наташа аҕата суоҕуттан бэйэтин сааһыгар сөбө суохтук боччумуран, туох эрэ итэҕэстээх курдук туттан ыларын ийэ киһи чараас сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Биирдэ Наташаны дьүөгэтэ аах тыаҕа массыыналарынан күүлэйдии илдьэ барбатахтарыгар, ийэтигэр: «Маамаа, аҕата суох оҕолору оҕолор да, дьон да бэйэлэригэр соччо сыһыара сатаабаттар ээ», ‒ диэн улаханнык уйадыппыта. Ити сүрэҕи долгутар күннээҕи көстүүгэ оҕо дууһатын хаһыыта, санаатын оонньооһуна, ийэ киһи оспот бааһа арыллан, ааҕааччы дууһатын дириҥник аймыыр.
«Ийээ, бырастыы гын…» киһи ис туругун көрдөрөр кэрэхсэбиллээх кэпсээҥҥэ Анна Гаврильевна тохсус кылааска үөрэнэр кыыһа Ася иитиэх оҕо буоларын, төрөөбүт сибидиэтэлистибэтин көрдөөн ийэтин кумааҕыларын бэрийэ сылдьан, туоһулуур саахсаттан ылбыт докумуону соһуччу булан ылан улахан охсууну ылар. Ийэтэ киниэхэ кырдьыгы эппэтэҕиттэн, кистээбититтэн олус хомойор. Улаатан эрэр оҕо итини саҥа билбититтэн уолҕамдьы санаатыгар дьиҥнээх ийэтин буларга уонна кинилиин бииргэ олорорго быһаарынан дьиэтиттэн тахсан барар. Ити иккиэннэригэр да улахан охсуулаах түгэн буолар. Анна хаһан эрэ бу туһунан кэпсэтии буолуохтааҕын билэр эрээри, ол туһунан олох да санаатыгар оҕустарбакка сылдьыбыт, уһатан-кэҥэтэн испит эбит. Оҕотун онно бэлэмнээбэтэҕин, кырдьыгы кэпсээбэтэҕин улахан буруйга ылынан санааҕа-онооҕо түһэр. Ася санаата оонньоон күнү быһа атах балай сылдьан баран хараҥарбытын кэннэ дьиэтигэр төннөн кэлээхтиир. «Оҕобун мин олох кыһыл эрдэҕиттэн иитэммин бу улаатыннаран эрдэҕим. Бэйэбиттэн төрөппөтөх эрэ буруйдаахпын, оҕом эрэ туһугар олоробун ээ. Сарсыарда туох баарынан кэпсиэм. Ону бэйэтэ өйдүөҕэ, сыаналыаҕа…» диэн Анна кыыһын кытта кэпсэтэргэ сананар. Анна төрөппүттэрэ эрдэ олохтон барбыттарыгар бииргэ төрөөбүт уон саастаах Таня диэн соҕотох балтын көрөн-истэн, үөрэттэрэн, үлэһит оҥорбутун, кини туһугар ийэлии кыһаммытын, кини эрэ дьоллоох буоларыгар баҕарбытын кыыһыгар этэр. Таня уөрэҕин бүтэрэн куорат биир поликлиникатыгар сиэстэрэнэн үлэлии сылдьан кэргэнэ суох хат буолбутун, оҕотун түһэттэрээри гыммытын Анна тохтоппутун, балта маннааҕы балыыһаҕа этэҥҥэ кыыстаммытын, атын ыалга иитэ биэрэр санаалааҕын Анна утарсан бэйэтигэр иитэ ылбытын, бэйэтин аннынан суруйтарбытын, бэҕэһээ Ася ол кумааҕыны көрбүтүн туһунан кэпсиир. Кэлин Таня ыал буолаары сылдьан кэргэн ылыахтаах киһитэ кини оҕолооҕун билэн быраҕан барбытыгар эдьиийин буруйдаан киһилии кэпсэппэт, куота сылдьар буолбутун, иһэн-аһаан, үлэттэн үлэҕэ көһөн, кэлин олох да куорат биистэрин кытта булсубутун көрөн Ася бэйэтин буруйданарын, олус атаахтык иитэн, санаабытын, кыаллыбаты да барытын толоро сатаан, олоххо тугу да сыаналаабат, тыйыс сүрэхтээх оҥорбутум буолуо дуо дэнэр. «Ити бэйэлээхтэн тус бэйэбэр охсууну, ыарахан санааны ыла сылдьан, соҕотох эн миэхэ баар буолаҥҥын, күн сырдыга кэрэтин, олох үчүгэйин билэн, аралдьыйан сырыттаҕым дии. Эн эрэ үчүгэй киһи буол», ‒ диир. Ася кырдьыгы барытын истэн, билэн баран быстахтык быһыыламмытын, ийэтин хомоппутун өйдөөн, бырастыы гыннарар. Кыыс аһыммыт, таптаабыт харахтарыгар ийэтигэр муҥура суох таптала, махтала көстөр.
Степан Марков литература киэҥ эйгэтигэр суолун булбут, бэйэтэ туспа тиэмэлээх, ураты суоллаах-иистээх прозаик суруйааччы буолла диэн этэр кыах толору баар. Кини айымньыларын киһи биир тыынынан ааҕар, кудуххай тыллаах-өстөөх талааннаах кэпсээнньит суруйааччы быһыытынан сыаналыыбын. Кини тиэмэтин дьиҥнээх олохтон, бэйэтин уопутуттан, көрүүтүттэн-истиититтэн, билиититтэн ылар буолан, кэпсээннэрэ киһини толкуйдаталлар. Маннык айымньылар элбэх санаа-оноо оонньооһунуттан, олох туһунан толкуйдуур муударай санааттан тахсан эрдэхтэрэ. Олох уустуктарын таба көрүү уонна ону дириҥник хорутан көрдөрүү – бу кини уратыта.
Улуу суруйааччы М.Горькай «Үчүгэй кинигэ – бу адьас бырааһынньык» диэн кынаттаах этиитин Степан Марков айымньыларыгар сыһыарабын.
Ольга Дьяконова,
М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ.