«Көмүс сүүтүкчээн» куонкуруска – оҕолор төрөппүттэрин кытта

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылларын чэрчитинэн сэтинньи ый 21 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр «Кэскил» психологическай-медико-социальнай арыаллааһын киинигэр улуустааҕы «Көмүс сүүтүкчээн» куонкурус ыытылынна.

«Иккис төгүлүн ыытыллар тэрээһиммитигэр Төҥүлүттэн, Тараттан, Томтортон, Аллараа Бэстээхтэн, Хараттан уонна Майаттан кыттыына ыла кэлбиттэрэ.

Дьиэҕэ олорон үөрэнэр доруобуйаларыгар хааччахтаах 6 оҕо төрөппүттэрин кытта илиинэн оҥоһукка аналлаах органайзер оҥордулар.

Түмүккэ Рома Афонскай аҕатын Аркадий Дмитриевиһи кытта, Гюнай Анисимова учууталыныын Нюргуяна Валерьевналыын, Айна Стручкова ийэтин Татьяна Афанасьевнаны кытта анал сэртипикээттэри туттулар.

Оттон бастакы үс истиэпэннээх дипломнарынан уонна мэтээллэринэн туһааннааҕынан Арсений Артемьев уонна кини ийэтэ Сардаана Ивановна, Арина Жиркова уонна ийэтэ Мария Андреевна, Вика Прудецкая уонна ийэтэ Вилена Михайловна наҕараадаланнылар», – диэн «Кэскил» киин тьютора Наталья Туманова иһитиннэрдэ.